Саахымат үөрэҕин сайыннарар боппуруостары кэмпириэнсийэҕэ кэпсэтиэхтэрэ
Саахымат III кэнгириэһин сүрүн тэрээһиннэриттэн биирдэстэринэн, саахымат үөрэҕин сайдыытын боппуруоһугар анаммыт өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмпириэнсийэ буолуоҕа.
“Кэнгириэс үлэтин түмүгүнэн эрэгийиэҥҥэ үөрэх систиэмэтигэр саахыматы киллэрии мэхэниисимин толкуйдуохтаахпыт. Күн бүгүн сүрүн боппуруоспутунан биһиги өрөспүүбүлүкэбит уонна Уһук Илин оҕолоругар саахымат үөрэҕин хайдах гынан киллэрии буолар. Кыра саастарыттан саахыматтаабыт оҕолор үөрэхтэригэр ситиһиилээхтэрин бэркэ билэбит. Биһиги спортсменнары эрэ бэлэмниир буолбатахпыт, туочунай наукаларга эмиэ күүстээх оҕолору бэлэмниир соруктаахпыт”, — диэн СӨ Билим дьоҕус академиятын ректора Василий Павлов бэлиэтиир.
Саахымат ааспыт кэнгириэстэрин көмөлөрүнэн эрэгийиэҥҥэ саахыматы киэҥник тарҕатыыга улахан үлэ барбыта диэн этэр. Ол курдук, билигин Дьокуускай куоракка Саха сиринээҕи саахымат-дуобат киинэ, саахымат гимназията, анал куруһуоктар уонна сиэксийэлэр үлэлииллэр. Саахымат уруогун үөрэх систиэмэтигэр эрэ киллэрэрбит хаалла.
Ону тэҥэ, кэнгириэс үөрэххэ чааһын иитинэн алын кылаас учууталларыгар, педагогтарга уонна тириэньэрдэргэ идэ таһымын үрдэтэр куурустар ыытыллыахтара.
“Биһиги алта сыл устата киэҥ хабааннаах “Сухонин оонньуулара” бырагырааманан үлэлээн кэллибит. Бу биллиилээх педагог математика үөрэҕэр саахыматы туһанар. Кини элбэх үөрэх кинигэтин, тэтэрээти оҥортообута. Бу бырагырааманан алын кылаас учууталларын уонна уһуйаан иитээччилэрин үөрэппиппит, быһа холуйан 200 үөрэх тэрилтэтин хаппыппыт. Бу уопуту кэҥэтэр туһунан толкуйдуубут, чахчы кыаллыан сөп”, — диэн Василий Климович кэпсиир.
“Саахымат үөрэҕин сайыннарар бырагырааманы олоххо киллэриигэ биһиги ыйааһыннаах, толкуйдаммыт кэккэ быһаарыылардаахпыт уонна чопчу этиилэрдээхпит, олору кэмпириэнсийэ кэмигэр иһитиннэриэхпит”, — диэн саахымакка Саха сирин оҕолорго сүүмэрдэммит хамаандатын үрдүкү тириэньэрэ, ФИДЕ маастара Роман Ганжуров эбэн этэр.
Саахыматы нэһилиэнньэ ортотугар тарҕатыыга биир улахан тэрээһини кэлэр сыл тохсунньутугар ыытыахтара. Дьокуускай куорат классическай саахымакка Арассыыйа кубогын түһүмэҕин кэккэтигэр киирэр Оpen-турнир былаһааккатынан буолуоҕа. Маннык улахан тэрээһин Дьокуускай куоракка аан бастакытын ыытыллар, бу дойду успуорка тэрээһиннэрин былааныгар киирэ сылдьар.
Бэлиэтээн эттэххэ, саахымат өрөспүүбүлүктээҕи III кэнгириэһэ 150-тан тахса кыттааччылаах бу күннэргэ буола турар. Кэнгириэс бырагыраамата киэҥ. Ол курдук, гроссмейстердар сиэссийэлэрэ, Михаил Николаев бирииһигэр саахымакка XVII олимпиада, норуоттар икки ардыларынааҕы онлайн турнир, “төгүрүк остуол”, эрэгийиэҥҥэ саахыматы уонна үөрэҕи сайыннарыыга кэмпириэнсийэ, педагогтарга, тириэнньэрдэргэ, саахымат куруһуогун, сиэксийэтин салайааччыларга аналлаах куурус, судьуйаларга аналлаах сэминээр, маастар-кылаастар, биир бириэмэлээх сеанс, саахымат садаачаларын суоттааһыҥҥа куонкурус, о.д.а. тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Тэрийээччилэр: СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ, СӨ Билимҥэ дьоҕус академията, СӨ саахымакка федерацията, СӨ Успуордун уонна физическэй култууратын министиэристибэтэ, СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата.
СӨ саахымакка федерацията.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: