Сааһын ситэ илик оҕоҕо холуобунай дьыала тэрийдилэр

Share

ИДьМ Дьокуускай куорат 3-c №-дээх полиция дьуһуурунай чааһыгар тутуу хампаанньатын бэрэстэбиитэлэ үҥсүү түһэрбит.

Ол курдук биллибэт киһи Марха түөлбэтигэр баар  эбийиэктэн  тутуу инструменнарын уорбут. Хоромньу уопсай суумата 393 тыһ.солкуобайга тэҥнэспит. Суһал көрдөөһүн үлэ түмүгүнэн, сааһын ситэ илик оҕо тутуллубут. Уорбаланааччы ити эҥэр күүлэйдии сылдьан эбийиэк олбуоругар киирэн хатааһына суох ааннаах дьиэҕэ киирбит. Онно үс болгарка, сыбаарка аппараата, о.д.а инструменнар баалларын көрбүт уонна уоран ылбыт. Уоруллубут тэриллэр бары хаһаайыҥҥа төннөрүллүбүттэр. Салгыы полиция үлэһиттэрэ быһаарбыттарынан, уорбаланааччы өссө биир уорууга сыһыаннааҕа биллибит. Ол курдук, түүн Борисовка -2 оройуонугар  сылдьан тиэргэҥҥэ турар массыынаҕа кэлин аанынан киирэн магнитоланы уонна  аккумуляторы уорбут.  Хоромньу 12 тыһ. солкуобайга тэҥнэспит. Уорбут малын-салын кини ааһан иһэр билбэт киһитигэр атыылаабыт, ылбыт харчытын тус наадаларыгар туттубут.

Арассыыйа Федерациятын холуобунай кодексатын 158 ыст. 3 ч. «Уоруу» диэнинэн холуобунай дьыала тэриллибитин  ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
5
+1
0
+1
0
+1
14
+1
2
+1
4

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга хаһан түһүөхтэрэй?

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга кыраапыгынан түһүөхтэрэ. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы социальнай управление иһитиннэрдэ.   70-80 саастарын туолбут…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Ахсынньы 31 күнүгэр «Хара Ый» үүнүөҕэ

Ахсынньы 31 күнүгэр - 2024 сыл бүтэһик күнүгэр саҥа Ый үүнэр. Бу күҥҥэ "Хара Ый"…

9 часов ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Мария Столярчик: “Дьиэ кэргэним – дьылҕам бэлэҕэ”

Аҕыйах хонугунан Дьиэ кэргэн сылын атаарыахпыт. Онон бу үтүө сылы түмүктээн, Саҥа дьыллааҕы хаһыаппытыгар элбэх…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокутаат Виктор Лебедев оҕолорго бэлэхтэри туттарда

Дьокутаат Виктор Лебедев уонна "Саханефтегазсбыт" аатыттан М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин - 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи…

10 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Намҥа сүппүт киһини көрдүүллэр

Бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр, Нам улууһун Түбэтигэр  1949 сыллаах төрүөх киһи сүппүт. Бу туһунан СӨ…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1977 сыллаах моҕойдор: «Оҕо буолан ылар курдук дьол суох…»

Кэлээри турар сылга, Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон 12 сыл  анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин,…

11 часов ago