Уларыта тутуу сылларыгар диэри учууталтан, быраастан ураты элбэх хамнастаах идэ суоҕун курдук саныырбыт. Итиэннэ күн бүгүҥҥэ диэри үгүстэр оскуоланы бүтэрбит киһи хайаан даҕаны үрдүк үөрэҕи баһылыахтаах диэн өйдөбүллээхпит. Оттон бүгүҥҥү олохпут тугу туоһулуур?
Кэлин Туймаада туонатыгар баттах кырыйыы өҥөтүнэн дьарыктанар дьон, солуон элбээтэ. Киһи талбыт сиригэр уочараттаан, суруйтаран киирэр кыахтаах, харчылаах эрэ буол. Ол эрээри, ханнык баҕарар бу өҥөнү туһанар киһи өрүү биир маастарданыан баҕарар, онон атаҕа барбыт сириттэн арахпат.
Коронавирус дьаҥын кэмигэр урбаанньыт быһыытынан буолбакка, бэйэ дьарыктаах буолуутугар (самозанятые) элбэх киһи көстө. Түүлэһиигэ харчы төлүөхтээҕэр бэйэ кыбартыыратыгар эбэтэр ыҥырыынан дьиэлэригэр, тэрилтэлэригэр тиийэн баттах кырыйар, оҥорор табыгастаах итиэннэ нолуога да кыра дэһэллэр.
Биирдэ эмэ анал солуоҥҥа тиийдэххэ, кэлин баттах кырыйааччылар аҥаардара кэлии омуктар. Олохтоох дьон тоҕо эрэ өҥө бу салаатын олоччу кыайан баһылаабата. Уопсайынан, атыы-эргиэн, өҥө өттүгэр бытааннык хардыылаан иһэбит диэн билиниэх тустаахпыт. Дьиҥэр, баттах кырыйааччы идэтигэр орто үөрэх тэрилтэлэрэ да, анал кииннэр даҕаны үөрэтэллэр. Үлэлээх буолуу киинэ даҕаны анаан-минээн босхо үөрэттэрэр.
Баттах кырыйааччылар өҥөлөрө күн-түүн үрдүү турар. Тас дойдулар биллэрбит хааччахтааһыннарынан сибээстээн, бу өҥөҕө туһаныллар матырыйаал үрдээтэ диэн сыананы биллэ эппиттэрэ. Ол кэнниттэн кыра-кыралаан кутуйах хаамыытынан, биэс уоннуу солкуобай да буоллар, үрдэтэн иһэллэр. Маныаха ордук элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн оҕустарар. Баттах кырыйтарарыгар сылга төһө харчыны барыырын суоттаан көрүҥ.
Светлана, баттах кырыйааччы:
— Бастакы идэбинэн оҕуруотчуппун. Баттах кырыйыытынан дьарыктаммытым ыраатта, өссө устудьуоннуу сылдьан хоско бииргэ олорор кыргыттарым баттахтарын кырыйарым. Идэбинэн бэрт кылгас кэмҥэ үлэлээн көрөн баран, сөбүлээбэтэҕим. Ол иһин маҥнай асчыт кууруһугар, онтон парикмахердар куурустарыгар төлөөн үөрэммитим. Үлэлээбитим уонча сыл буолан эрэр. Биллэн турар, сылаалаах, күнү быһа атахпар турабын. Ол эрээри, хамнаспын мыыммаппын. Хамнаспыт бэйэбититтэн, хайдах үлэлиирбититтэн тутулуктаах. Араас кырыйтарааччы кэлэр. Хаппырыыстар да бааллар, бастайааннай да кырыйтарааччылардаахпын. Бу аҥаардас баттаҕы кырыйар эрэ үлэ буолбатах, дьоҥҥо өҥөнү оҥорорбут быһыытынан, биһигиттэн тугу ирдииллэрин, хайдах кырыйтарыахтарын, оҥорторуохтарын баҕаралларын чопчу өйдүөхтээхпит.
Уопсайынан, аныгы кэмҥэ үрдүк үөрэхтээҕэр оробуочай идэлэргэ, куурустарга үөрэнэр барыстаах быһыылаах. Тус бэйэм үрдүк үөрэҕим суоҕуттан букатын санаарҕаабаппын, айахпын иитэр кыахтаахпын.
СӨ Идэҕэ урутаан бэлэмниир киин тэриллибитэ аҕыйах сыл буолла. Олохтоох уонна федеральнай бырайыактары олоххо киллэрэргэ үлэлэһэр. Хас биирдии киһи туох да хааччаҕа, сааһыттан, эр киһититтэн-дьахтарыттан, туох идэлээҕиттэн тутулуга суох кими баҕарар үөрэтэр. Ол иһигэр бүгүн кэпсэтэр парикмахер идэтигэр. Бу туһунан Идэҕэ урутаан бэлэмниир киин дириэктэрэ Владислав Хабаров кэпсиир.
— Баттах кырыйааччы идэтэ кэрэ буолуу эйгэтигэр саамай ирдэнэр идэлэртэн биирдэстэрэ. Эһиги кииҥҥит манна хайдах быһыылаахтык үөрэтэр?
— Парикмахер идэтигэр дьон “Дьарыктаах буолууга көмөлөһүү” федеральнай бырайыак иитинэн босхо үөрэниэн сөп. Тустаах бырайыагынан барыта 70‑тан тахса киһи үөрэннэ. Бу — араас үөрэхтээх дьон үлэнэн хааччылларыгар эбэтэр саҥа үлэ буларыгар кыах биэрэр. Федеральнай бырайыак чэрчитинэн үөрэтэр испииһэк киэҥ. Бырайыакка кыттыан баҕалаахтар сайаапкаларын “Работа в России” (trudvsem.ru) порталга ыытыахтарын сөп.
— Оскуола үрдүкү кылааһын оҕолоро үөрэнэр кыахтаахтар дуо?
— Оҕолор эмиэ үөрэнэн бастакы идэлэрин баһылыахтарын сөп. Быйыл Идэҕэ урутаан бэлэмниир киин “СВОи” бырайыагы олоххо киллэриигэ СӨ Ил Дарханын гранын кыайбыта. Бырайыак байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолоро киэҥ эйгэҕэ тахсалларыгар өйүүргэ, көмөлөһөргө туһаайыллар. Бу иитинэн оҕолор үөрэх аныгы систиэмэтигэр сөпкө быһаарса, үлэҕэ уонна идэ баһылыырга үөрэнэллэригэр интэриэстэрэ үрдүүр.
Үөрэх сыалынан байыаннай эпэрээссийэ оҕолоругар идэҕэ туһаайыы үлэтин нөҥүө уонна оробуочай, сулууспалаах дуоһунастар идэлэригэр бэлэмнээһиҥҥэ биирдиилээн үөрэх маршрутун тэрийии буолар. Барыта 198 оҕону үөрэтэр былааннаахпыт.
Күн бүгүн “СВОи” бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн 47 идэҕэ үөрэтии бырагырааматынан Саха сиригэр 19 киин бигэргэннэ. Манна парикмахертан саҕалаан, химическэй анаалыс лабарааныгар тиийэ үөрэтиэхпит.
— Бырайыак хаһааҥҥа диэри үлэлиир?
— 2024 сыл бэс ыйын 1 күнүгэр диэри бырайыагы үлэлэтэр былааннаахпыт, ол эбэтэр, бэс ыйын 1 күнүгэр диэри бары үөрэхтэрин бүтэриэхтээхтэр уонна номнуо оробуочай/
сулууспалаах сибидиэтэлистибэтин тутуохтаахтар.
— Сайаапка биэрэргэ туох докумуон ирдэнэр?
— Бастатан туран, биһиги copp14.ru саайтпытыгар сайаапка хаалларыахтаахтар. Салгыы бу ыыппыт сайаапкаларын Үөрэх кииннэрин куратордара көрөллөр. Үөрэнэргэ пааспар, ИНН, СНИЛС, үөрэҕи туоһулуур аттестат, оскуола үөрэнээччитин сокуоннай бэрэстэбиитэлэ байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕа буоларын туоһулуур ыспыраапка наада. Сиһилии 89244602260 нүөмэринэн билсиэхтэрин сөп.
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…
Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…