Саамай кылгас күн ахсынньы 22 күнүгэр түбэһэр

Share

Саамай кылгас күн, саамай уһун түүн быйыл ахсынньы 22 күнүгэр түбэһэр. Бу күн муҥутаан 5 чаас устата сырдык буолар. Бу дьыл оройо, айылҕа иһийэр кэмэ. Аҕыйах хонон баран, күммүт кутуйах хаамыытынан уһаан барыаҕа. Былыр-былыргыттан бу күн араас норуоттар үгэстэри тутуһан, туспа бырааһынньыктыыллар этэ. 

Хаартыска: СИА

Бу Саҥа дьыл иннинээҕи, сылы түмүктүүр былдьаһыктаах күннэр. Онон сыл түмүктэрин таһаарыы, саҥа сылга былааннары сурунуу буолар. Сыл устата мунньуллубут хомолтолоох түгэннэртэн босхолонорго тоҕоостоох түгэн үүнэр. Онон ахсынньы 21 күнүн киэһэтигэр иһийэн олорон, бу сыл туох куһаҕан буолбутун, хом санаалары барытын суруйан баран, уматан кэбиһиллэр.

Бу кэнниттэн чүмэчилэри уматан, дыргыл сыт-сымар таһааран баран, туустаах бааннаҕа сытан, суунуллар-тарааныллар, ыраастаныллар.

Онтон күн тахсыыта илин диэки хайыһан туран, Айыыларга, сир-дойду иччилэригэр махтал тылларын этэ-этэ, үтүө баҕа санааларгытын ботугураан хатылыыгыт. Кумааҕыга да суруйуохха сөп.

Бу иннинэ дьиэни-уоту сууйан-сотон, эргэ маллары быраҕан баран, харыйаны туруоран, киэргэтэн кэбиһэҕит, уотун-күөһүн сандаардаҕыт.

Дьиэни-уоту ыраастыырга — сууйан-сотон баран, чүмэчинэн, чуораан тыаһынан уонна буруолатан ыраастыыгыт. Апельсин хаҕар муора тууһун кутан, муннуктарга уурталыахха сөп. Оҕо дьоллоох күлүүтэ, чуопчаарар саҥата, алаадьы, анаан астаммыт ас минньигэс сыта дьиэни ыраастыыр кыахтаах.

Онон бу алыптаах күн ыраастаныҥ, арчыланыҥ, бэйэҕитин иһиллэниҥ, баҕа санааҕытын толоруҥ, ону тэҥэ, чугас дьоҥҥутун кытта дьоллоох олоххутун түстээҥ.

What’s your Reaction?
+1
27
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

4 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

4 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

5 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

5 часов ago