Саамай ыарахан сыаналаах оливьены Чукоткаҕа сииллэр
20.12.2022, 12:13
Бөлөххө киир:
Росстат бу кэмҥэ оливье салаат сыанатын индексин тэҥниир үгэстээх. Маныаха Арассыыйа хас биирдии эрэгийиэнигэр сыананы көрөр, былырыыҥҥыны кытта тэҥниир.
Оливье салаакка киирэр:
— халбаһы — 300 г;
— хортуоппуй — 500 г;
— кэнсиэрбэлэммит горуох — 380 г;
— туустаах оҕурсу — 500 г;
— сымыыт — 4 уст.;
— майонез — 200 г;
— моркуоп — 200 г;
— эриэппэ луук — 100 г.
Мантан 2,5 киилэ салаат тахсар. Арассыыйа үрдүнэн орто сыаната 480 солкуобайга тэҥнэспит. Саамай ыарахан сыаналаах оливьены Чукотка олохтоохторо сииллэр эбит — 792 солкуобай. Оттон саамай чэпчэки сыаналаах салааты Белгородскай уобалас олохтоохторо сииллэр — 360 солкуобай.
Саха сирин нэһилиэнньэтэ Саҥа дьыллааҕы остуолларыгар оливье салаат аһын-үөлүн 631 солкуобайга атыылаһан оҥостуохтара.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: