Салгыы
Саас уонна күн сибэккитэ

Саас уонна күн сибэккитэ

18.05.2024, 14:30
Хаартысканы Варвара Федорова тиксэрдэ
Бөлөххө киир:

Саас харалдьык саҕана тымныыны, хаары-ардаҕы билиммэккэ нуоҕайа үүнэр кэрэчээн ньургуһун сибэккини хоту сир дьоно олоххо тардыһыы бэлиэтин курдук ылынабыт.

2004 сыллаахха ыам ыйын 18 күнүгэр суруналыыс Иван Ушницкай көҕүлээhининэн өрөспүүбүлүкэҕэ аан бас­таан Ньургуhун күнэ олохтоммута. Быйыл бу бэлиэ күн 20-с үбүлүөйдээх сылын бэлиэтэнэр.

Ньургуһун күнүнэн сибээс­тээн, “Күн сибэккитэ – Ньургуһун” кинигэ ааптара, биологическай наука хандьыдаата, биолог-ботаник, миколог-фитопатолог, айанньыт, эзотерик-чинчийээччи Варвара Федорованы кытта кэпсэттибит.

Ньургуһун туһунан

– Варвара Степановна, кэпсэтиибитин эн ньургуһуннары анаан үөрэтэр уонна чинчийэр учуонай быһыытынан суруйбут кинигэлэргиттэн саҕалыахха.

– Ньургуһуннар тустарынан уопсайа үс кинигэни бэлэмнээн таһаарбытым: “Ньургуһуннар” (2017 с.), “Аптаах ньургуһуннар” (2018 с.), “Күн сибэккитэ – Ньургуһун” (2023 с.), “Подснежники Центральной Якутии” (хаар­тыс­ка альбома, 2018 с.)

Оҕо сылдьан, бу сибэккини биирдиилээн эбэтэр кыралаан бөлөхтөһөн туралларын тыаҕа, хонууга көрөрүм. Устудьуоннуур кэммэр ньургуһуну умна да быһыытыйбытым диэххэ сөп. Томскайдааҕы университет биологическай факультетыгар үөрэммитим. Миигин үөрэппит ботаник преподавателлэр суруйбут кини­гэлэригэр ньургуһуну “прострел желтеющий” уонна “прострел многонадрезанный” Томскай уобаласка олус сэдэхтик үүнэр диэн бэлиэтээбиттэр этэ.

Куйаар күүстээх сибэкки

– Дьэ, онтон дойдугар, Саха сиригэр, төннөн кэлэҥҥин ньургуһуҥҥа хайдах ыллардыҥ? Эйигин өссө “ньургуһун саҥатын истэр үһү…” диэн истибитим.

– Син эмиэ атын дьон курдук, судургутук сааскы маҥнайгы сибэкки эрэ дии саныырым да, көрөрүм да. Онтум олох атын эбит! “Күн мааны Сибэкки” диэн айар куттаах дьон мээнэҕэ эппэттэрин итэҕэйдим. 2011 сыллаахха Хаҥалас улууһугар Кууллатыы мыраа­нын кэрийэ сылдьан, ньургуһун сүбэлиир саҥатын соһуйа иһиттим. Ол дьыл мырааҥҥа ньургуһун олус хойуутук үүммүт этэ. Арай уу-чуумпуга тыал сипсиэрэ ньургуһун саҥатын аҕалла: “Эн үлэҕиттэн бар, үлэлииргэр бириэ­мэҥ суох…”. Онтон ыла хайдах эрэ дууһам уратытык аһыллан барда. 2003 сылтан эзотериканан дьарык­танар буолан, чараас эйгэҕэ олус чугаспын. Этиттэрии курдук толкуй кэлэр. Ол онон сирдэтэн оҥорон иһэбин, онтум сөп түбэһэр. Куйаар күүстээх, суолбун-ииспин ыйар өйдөөх сибэкки курдук көрөр буоллум. Онтон ыла ньургуһун мин олохпор буолуохтааҕы ыйан-кэрдэн, сирдээн иһэр курдук.

Ураты бэлиэ

– Ол аата ньургуһун тиэмэтэ үлэҥ ис хоһоонунан буоллаҕа?

– Мин биэнсийэлээхпин, тэрилтэҕэ үлэлээбэппин. Кэлин ырытан, өйдөөн көрдөххө, бу тиэмэ миэхэ айылҕаттан бэриллэн, кэлэн иһэрэ ураты бэлиэлэрдээх эбит. Ол Кууллатыы мырааныгар соһуччу ньургуһун саҥатыттан саҕыллыбыта. Аны киин улуустарга саһархай эрэ ньургуһун үүнэр дии. Онтон миигин хара саарыл (чэрэниилэ күөх) ньургуһун ыҥырара: “Кэлэн миигин булууй”, – диэн. Мин кинини көрдөөн Дьокуускай тула мырааннары хас да саас кэрийбитим. Онтон Таптал мыраа­ныттан соҕотох хара саарыл ньургуһун үүнэн турарын булбутум.

Бурятияҕа Саха сирин “автоледиларын” кытта тиийбиппэр, биһиги дэлэгээссийэбитин “Ургы” диэн эрэс­тэрээҥҥэ көрсүбүттэрэ. “Ургы” диэн бүрээт тылыттан тылбаас­таатахха, “подснежник” диэн эбит.

Монголияҕа үгүстүк сырыттым. Ньуругуһуннарын көрдүм, сэҥээрдим. Бу дойду киин куоратын урукку аата Урга, нууччалыы тылбааһа “подснежник” диэн буоларын Агинскай бөһүөлэк мусуойугар гид кэпсээниттэн билбитим. Ити курдук, ханна да сырыттарбын, умнубатым курдук кулгаахпар нууччалыы “подснежник” диэн тыл иһиллэр, түүлбэр кытта көстөр.

Барыта ньургуһун туһунан

– “Күн сибэккитэ Ньургуһун” кинигэҥ эмиэ ураты ис хоһоонноох. 

– Кинигэ бастакы баһа – ньургуһун туһунан хоһооннортон, ырыалартан ылыллыбыт холобурдар. Сааскы кэрэ сибэкки туһунан суруйуулартан быһа тардыылар, таһыгар ньургуһун диэн тыл­лаах, хаартыскалаах кинигэлэр, бэйэм бастакы уруһуйдарым, элбэх ньургуһун ойуу­лаах ку­­йаар ситимин аккырыыккалара. Уопсайа 360-тан тахса ньургуһуну ойуулуур-дьүһүннүүр күүстээх, сытыы, истиҥ, кэрэ, эрэл тыллаах 194 биллэр, биллибэт хоһоонньут сахалыы, нууччалыы этиилэрин талан киллэрдим.

Хаартысканы Варвара Федорова тиксэрдэ

Кинигэм иккис баһа – аан дойдуга, Арассыыйаҕа, Саха сиригэр, Бурятияҕа, Забайкальскай кыраайга, Иркутскай уобаласка уонна Монголияҕа үүнэр ньургуһуннары көрүҥнэринэн араар­таан, научнай хабааннаах ырытыы. Бу кинигэбэр ньургуһун 36 көрүҥүн ырыттым. Аан дойдуга 35-40 көрүҥ баар диэн суруйаллар. Тиэмэлэрбин сөпкө ары­йаары, кэпсээри, бастакы чааһын сахам тылынан, иккис чааһын нууччалыы тылынан суруйдум.

Эрэл сибэккитэ

– Кинигэ түһүмэхтэринэн араарыллыбыта кэрэхсэбиллээх. Ол курдук, “Ньургуһун туһунан кылгас этиилэр, куплеттар”, “Ньургуһуҥҥа тэҥнээһин, тыын­наа­ҕымсытан кө­рүү”, “Ньургуһуҥҥа эрэнии, сүгүрүйүү, харыс­тааһын”, “Ньургуһуннаах эҕэрдэ аккырыыккалар”, суруктар. Хайдах эрэ ааҕаач­чыга олус чугас, истиҥ ис хоһоонноох.

– Ньургуһун сибэкки хорсунун өрүү бэлиэтииллэр. Кыра-намчы эрээри тымныыны тымныы диэбэккэ, тоҥу тоҥ диэбэккэ, “тобулан” тахсар диэн кинини күүһүрдүү, сөҕүү хоһооннорго олус элбэх. Ньургуһун, дьиҥэр, тобулан тахсыбат, сир ириитэ бэйэтин айылҕатын быһыытынан сыыйа үүнэр. Ньургуһуну хоһоон­ньуттар таптаан, сөҕөн-махтайан хоһуйаллар, ырыаһыттар кэрэ матыып айан ыллыыллар, худуоһунньуктар холустаҕа, иһиккэ, таҥаска уруһуйдууллар, уран тарбахтаахтар сувенирдары, араас сиэдэрэй киэргэллэри айан оҥороллор. Саха киһитэ “дууһа уота тиллиэ, умнубуту санатыа, олохпун арыаллыа, эдэрбин иккиһин эргитиэ” диэн сааскы нарын сибэккигэ эрэнэр. Эрэл сибэккитин – ньургуһуну айбыт Айыыларбытыгар махтал буолуохтун!

Ньургуһуну хоһуйуулартан

Тугу да билиммэт дьолтон, күн санааттан ураты, ол иһин тымныыттан сэрэммэт ньургуһун тобулар тоҥ буору.

Семен Данилов

 

Халаан уутун сүүрүктэрэ халдьыгырыы уһуннулар, хойууккатын үүммүттэрэ харалдьыкка ньургуһуннар.

Баал Хабырыыс

 

Тоҥ хаары тумсунан тобулан саҥа саас илдьитэ эргийдэ.

Ксенофонт Уткин

 

Мин таптыам ньургуһун кэриэтэ.

Наталья Михалева-Сайа

Ип-итии күнтэн, сып-сырдык салгынтан ньургуһун үүммүтэ кэрэтиэн.

Семен Капитонов

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: