Салгыы
Сааскы билгэлэр

Сааскы билгэлэр

01.04.2025, 16:35
Хаартыска: Людмила Попова.
Бөлөххө киир:

Сайыммыт хайдах буолар? Онон өбүгэлэрбит күнү-дьылы билгэлээһиннэрин көрүөҕүҥ. И.Сосин, И.Неустроев “Сахалыы күнү-дьылы билгэлээһиннэр”  кинигэлэриттэн сааскы кэмҥэ сыһыаннаах билгэлэри билиһиннэрэбит.

— Күһүн эбэтэр саас түһэр саппараҥ хаар уулаах буолар.

— Моҕотой эһэлиин биир тыыннаахтар, саас хаартан уу кэлиэх буоллаҕына, хороонун үрдүк сиргэ оҥостор.

— Өрүстэр, үрэхтэр уулара сааһын хааларыттан таһымнаатахтарына, балык сүүрүгү өксөйөр.

— Түннүк өстүөкүлэтигэр, арааматыгар таммахтар олорбут буоллахтарына, тымныы мөлтүүрүн, халлаан сылыйарын бэлиэтэ.

— Саас тураах арҕаа диэки хайыһан олорон дааҕыргыыр буоллаҕына, хаар өтөрүнэн кэлбэт.

— Саас уһуох буоллаҕына, курупааска хааһа эрдэ кытарар.

— Саас көмнөх хаара эрдэ түстэҕинэ, тыаллаах, уута суох саас буолар.

— Саас көмнөх тыалтан буолбакка, итийэн, таммахтаан, күн уотун сылааһыттан көөрөттөн түстэҕинэ, өҥ сайын кэлэрин бэлиэтэ.

— Саас көтөр үөрэ халыҥ буоллаҕына, саас көхтөөхтүк кэлэр.

— Саас тоҥот туруйата хаһыытаатаҕына, хатааһын буолар.

— Саас хаар бытааннык ууллар буоллаҕына, сайына ардахтаах, ичигэс, хаһыҥа суох буолар.

— Саас хаар түүн үөһүгэр диэри ууллар буоллаҕына, сайына сылаас уонна уһун буолар.

— Саас хаар үрдүгэр тураах быта (былахы курдук хара ыстаҥалас) түһэр буоллаҕына, аһыҥалаах сайын буолар.

— Саас хаар эрдэ хараардаҕына, ол кэннэ хара хапсыыр түстэҕинэ, үүннээйи тахсыыта бытаарар.

— Саас халлаан уһуннук хатаатаҕына, тииҥ үөскээбэт дьыла буолар.

— Саас эрдэлээн кэллэҕинэ, уулаах саас буолар.

— Саас эрдэ этиҥэ суох аҥардас чаҕылҕан эрэ чаҕылыйдаҕына, кураан сайын кэлэр.

— Саас эрдэ ырыа чыычаах (маҕаас чыычаах) ыллаатаҕына, хатааһыннаах саас буолар.

— Сааскы сарсыарда дьиэ таһыгар хаар чооруостара муһуннахтарына, хатааһыннаах саас буолар.

— Сааһын этиҥ дохсуннук этэр буоллаҕына, үүнүүлээх сайын буолар.

— Тураах саас эрдэ кэлэн баран саҥарбакка, соҕотоҕун соҥуоран баран сырыттаҕына, сааскыта улахан хатааһыннаах, оттон кэлээт даҕаны уйатын оҥостон, сымыыт баттаан тэриннэҕинэ, сааскыта ичигэс буолуоҕа.

— Тураах эрдэтээҕи саас хаарга умсар буоллаҕына, сотору күн-дьыл көнүөхтээх, халлаан сылыйыахтаах.

— Тураахтар саас күргүөмнүк кэллэхтэринэ, хатааһына суох буолар, саас кэлиитэ түргэтиир.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 апреля
  • 2°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: