Сааскы билгэлэри төһө билэҕин?
Бу күннэргэ халлаан эмискэ сылыйыа диэбиттэрэ оруннаах. Кыһын устата маҥан сыппыт хаар аҕыйах күн иһигэр биллэ хараарда. Ону кытта саас сибикитэ билиннэ. Сааскы кэмҥэ сыһыаннаах билгэлэри төһө билэҕит, дьиибэҕэ, кэтээн көрөөрүҥ эрэ.
— Саас тураах арҕаа диэки хайыһан олорон дааҕыргаатаҕына, хаар өтөрүнэн кэлбэт;
— саас уһуох буоллаҕына, курупааскы хааһа эрдэ кытарар;
— саас көмнөх хаара эрдэ түстэҕинэ, тыаллаах, уута суох саас буолар;
— саас көмнөх тыалтан буолбакка, итийэн, таммахтаан, күн уотун сылааһыттан көөрөттөн түстэҕинэ, өҥ сайын кэлэрин бэлиэтэ;
— саас көтөр үөрэ халыҥ буоллаҕына, саас көхтөөхтүк кэлэр;
— саас кымырдаҕас уйатын хаара күн көрөр өттүттэн ирдэҕинэ, сайына кылгас уонна хаҕыс буолар;
— саас хаар бытааннык ууллар буоллаҕына, сайына ардахтаах, ичигэс, хаһыҥа суох буолар;
— саас хаар түүн үөһүгэр диэри ууллар буоллаҕына, сайына сылаас уонна уһун буолар;
— саас хаар үрдүгэр тураах быта (былахы курдук хара ыстаҥалас) түһэр буоллаҕына, аһыҥалаах сайын буолар;
— саас хаар эрдэ хараардаҕына, ол кэннэ хара хапсыыр түстэҕинэ үүнээйи тахсыыта бытаарар;
— саас халлаан уһуннук хатаатаҕына, тииҥ үөскээбэт дьыла буолар;
— саас эрдэ этиҥэ суох аҥаардас чаҕылҕан эрэ чаҕылыйдаҕына, кураан сайын кэлэр;
— саас эрдэ ырыа чыычаах (маҕаас чыычаах) ыллаатаҕына, хатааһыннаах саас буолар;
— сааскы көтөр үөрдээбэккэ, икки-үс буолан сылдьар буоллаҕына, төрүөҕэ элбэх буолар;
— сааскы сарсыарда дьиэ таһыгар хаар чооруостара муһуннахтарына, хатааһыннаах саас буолар;
— сааһын этиҥ дохсуннук этэр буоллаҕына, үүнүүлээх сайын буолар.
(И.Сосин, И.Неустроев “Сахалыы күнү-дьылы билгэлээһиннэр” кинигэттэн).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: