Арассыыйаҕа федеральнай булт сокуонугар олоҕуран, уу уонна мас көтөрдөрүн бултуурга көҥүлү биэрии булт болдьоҕун 30 хонук иннинэ оҥоһуллар.
Сарсыҥҥыттан, кулун тутар 26 күнүттэн, тыыннаах угуйар куһу туһанан атыыр куһу сааскы бултааһыҥҥа көҥүлү биэрии саҕаланыаҕа. Ол курдук, тыыннаах угуйар куһу туһанан атыыр куһу бултааһын болдьоҕо Саха сиригэр муус устар 25 күнүттэн бэс ыйын 10 күнүгэр диэри аһыллыаҕа. Көҥүлү биэрии булт билиэттээх дьоҥҥо оҥоһуллар.
Сайабылыанньаны СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин территориятааҕы отделениеларыгар, e-yakutia.ru Саха сирин судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөрүн эрэгийиэннээҕи порталын эбэтэр «Мои документы» элбэх өҥөнү оҥорор киин нөҥүө биэриэххэ сөп.
Санаттахха, СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин 2022 сыл балаҕан ыйын 23 күнүнээҕи 631 №-дээх бирикээһинэн, саас атыыр көҕөнү бултуурга икки булчукка биир тыыннаах угуйар куһу туһанар кыах бэриллибитэ.
Зона | Улуустар (оройуоннар) | Болдьоҕо |
Уу көтөрө | ||
N 1 | Алдан, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Нерюнгри, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Чурапчы, Хаҥалас муниципальнай оройуоннара уонна Дьокуускай куорат | ыам ыйын 11 күнүттэн ыам ыйын 20 күнүгэр диэри |
N 2 | Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Ленскэй, Мииринэй (Айхал бөһүөлэк уонна Удачнай куорат оройуонугар бултуур сирдэртэн уратыларга), Ньурба, Өлүөхүмэ, Өймөкөөн муниципальнай оройуоннара ыам ыйын 14 күнүттэн ыам ыйын 23 күнүгэр диэри | |
N 3 | Абый, Өлөөн, Мииринэй оройуонун Айхал бөһүөлэгин уонна Удачнай куорат бултуур сирдэрэ | ыам ыйын 31 күнүттэн бэс ыйын 9 күнүгэр диэри |
N 4 | Аллайыаха, Дьааҥы, Усуйаана муниципальнай оройуоннара | ыам ыйын 15 күнүттэн ыам ыйын 24 күнүгэр диэри |
N 5 | Анаабыр муниципальнай оройуона | бэс ыйын 2 күнүттэн бэс ыйын 11 күнүгэр диэри |
N 6 | Булуҥ муниципальнай оройуона | ыам ыйын 27 күнүттэн бэс ыйын 5 күнүгэр диэри |
N 7 | Үөһээ Халыма муниципальнай оройуона | ыам ыйын 5 күнүттэн ыам ыйын 14 күнүгэр диэри |
N 8 | Эдьигээн, Эбээн Бытантай муниципальнай оройуоннара | ыам ыйын 22 күнүттэн ыам ыйын 31 күнүгэр диэри |
N 9 | Муома муниципальнай оройуона | ыам ыйын 18 күнүттэн ыам ыйын 27 күнүгэр диэри |
N 10 | Орто Халыма, Аллараа Халыма муниципальнай оройуоннара | ыам ыйын 10 күнүттэн ыам ыйын 19 күнүгэр диэри |
N 11 | Кэбээйи муниципальнай оройуона | ыам ыйын 9 күнүттэн ыам ыйын 18 күнүгэр диэри |
Мас көтөрө сааскы кэмҥэ | ||
1 №-дээх зонаттан саҕалаан | Бары улуустар (оройуоннар) | |
Тыыннаах угуйар куһу туһанан атыыр куһу бултааһын | ||
муус устар 25 күнүттэн бэс ыйын 10 күнүгэр диэри | ||
Анды | ||
Анды (көннөрү уонна саар) | бэс ыйын 1 күнүттэн бэс ыйын 4 күнүгэр диэри |
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…
Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…
2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…
Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра” 1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…
Билим чинчийиитинэн дьарыктанар үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар дакылааттарын бүгүн, Саха сирин уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Егор Борисов…
Украинаны НАТОҕа ылалларын этинэллэр эрээри, Трамп дьоно ылымматтар быһылаах.