Сааскы булт сезона түмүктэннэ
СӨ Экологияҕа, айылҕа харыстабылыгар уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ булт болдьоҕо түмүктэммитин туһунан иһитиннэрэр. Бу күнтэн, ыам ыйын 27 күнүттэн, Саха сиригэр улуустарынан уу уонна мас көтөрүгэр сааскы булт тохтотуллар.
Уу көтөрө
Ыам ыйын 20 күнүттэн — Алдан, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Нерюнгри, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Чурапчы, Хаҥалас улуустарынан уонна «Дьокуускай куорат» уокуругунан.
Ыам ыйын 23 күнүттэн — Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Ленскэй, Мииринэй (Айхал уонна Удачнай бөһүөлэктэриттэн ураты), Ньурба, Өлүөхүмэ, Өймөкөөн улуустарынан.
Ыам ыйын 24 күнүттэн — Аллайыаха, Үөһээ Дьааҥы, Усуйаана улуустарынан.
Ыам ыйын 14 күнүттэн — Үөһээ Халыма улууһа.
Ыам ыйын 27 күнүттэн — Муома улууһа.
Ыам ыйын 19 күнүттэн — Орто Халыма, Аллараа Халыма улуустарынан.
Ыам ыйын 18 күнүттэн — Кэбээйи улууһа.
Мас көтөрө
Ыам ыйын 16 күнүттэн — бары улуустарынан (оройуоннарынан).
Санаттахха, хас биирдии булчут булт болдьоҕун бүтэһик күнүттэн 20 күн устата сааскы бултааһын туһунан иһитиннэриилэри көҥүл биэрбит тэрилтэҕэ булгуччу тиэрдиэхтээх.
Бултааһын болдьоҕо түмүктэммитин кэннэ, бултааһын туһунан сибидиэнньэлэри биэрбэтэх булчут сокуон хараҕынан административнай эппиэтинэскэ тардыллар. Иһитиннэриилэри уонна сибидиэнньэлэри биэрбэтэх булчут биир сыл устата ханнык баҕарар көҥүлү ыларыгар аккаастаныаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: