Сааскы булт сезона түмүктэннэ

Share

СӨ Экологияҕа, айылҕа харыстабылыгар уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ булт болдьоҕо түмүктэммитин туһунан иһитиннэрэр. Бу күнтэн, ыам ыйын 27 күнүттэн, Саха сиригэр улуустарынан  уу уонна мас көтөрүгэр сааскы булт тохтотуллар.

Уу көтөрө

Ыам ыйын 20 күнүттэн  — Алдан, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Нерюнгри, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Чурапчы, Хаҥалас улуустарынан уонна «Дьокуускай куорат» уокуругунан.

Ыам ыйын 23 күнүттэн —  Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Ленскэй, Мииринэй (Айхал уонна Удачнай бөһүөлэктэриттэн ураты), Ньурба, Өлүөхүмэ, Өймөкөөн улуустарынан.

Ыам ыйын 24 күнүттэн — Аллайыаха, Үөһээ Дьааҥы, Усуйаана улуустарынан.

Ыам ыйын 14 күнүттэн —  Үөһээ Халыма улууһа.

Ыам ыйын 27 күнүттэн —  Муома улууһа.

Ыам ыйын 19 күнүттэн —  Орто Халыма, Аллараа Халыма улуустарынан.

Ыам ыйын 18 күнүттэн —  Кэбээйи улууһа.

Мас көтөрө

Ыам ыйын 16 күнүттэн — бары улуустарынан (оройуоннарынан).

Санаттахха, хас биирдии булчут булт болдьоҕун бүтэһик күнүттэн 20 күн устата сааскы бултааһын туһунан иһитиннэриилэри көҥүл биэрбит тэрилтэҕэ булгуччу тиэрдиэхтээх.

Бултааһын болдьоҕо түмүктэммитин кэннэ, бултааһын туһунан сибидиэнньэлэри биэрбэтэх булчут сокуон хараҕынан административнай эппиэтинэскэ тардыллар. Иһитиннэриилэри уонна сибидиэнньэлэри биэрбэтэх булчут биир сыл устата ханнык баҕарар көҥүлү ыларыгар аккаастаныаҕа.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Юлия Белехова ХИФУ-га сырытта

Бүгүн, сэтинньи 28 күнүгэр, Хотугулуу- Илиҥҥи федеральнай университет учуонай Сэбиэтин саалатыгар РФ Аҕа дойдуну көмүскээччилэр…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Грипп утары быһыыны хаһан ылар табыллыбатый?

«Грипп утары быһыыны хаһан ылар табыллыбатый?», - диэн «Саха сирэ» саайт ааҕааччылара ыйыталлар. Бу ыйытыкка…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга Ийэ күнүгэр төрөөбүт оҕолору таһаардылар

Дьокуускайдааҕы килиньиичэскэй балыыһаҕа сэтинньи 24 күнүгэр, Арассыыйаҕа Ийэ күнүгэр, күн сирин көрбүт оҕолору таһаарыы үөрүүлээх…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арассыыйаҕа дьиэ кыылын ииримтийиитэ суоһуур дуо?

Бу күннэргэ кэккэ СМИ-нэн Омскай, Амур уобаластарын уонна Санкт-Петербург, Краснодар, Москва куораттарын олохтоохторо ииримтийбит ыттарга…

8 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хаҥаласка тэлэбииһэр уорбут 30 саастаах дьахтары туттулар

Хаҥалас улууһун олохтооҕо дьиэтин иһиттэн малын уорбуттарын туһунан полицияҕа тыллаабыт. Эмсэҕэлээччи эр киһи 30 000 солк.…

8 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Владимир Путин Казахстаҥҥа сырытта

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин сэтинньи 27-28 күннэригэр Казахстаҥҥа командировкаҕа баран кэллэ. Казахстан бэрэсидьиэнин Касым-Жомарт…

8 часов ago