Сааскы чаҕыл күн ханна сынньаныахха сөбүй?
Саас түннүгүнэн тоҥсуйар! «Туос түннүгүнэн күн уота, саас мин дьиэбэр киирэрэ…». Баал Хабырыыс ырыа буолбут «Күн бытархайа» хоһооно кулгаахпар кутуллан киирэргэ дылы… Сааскы халлаан чаҕылыччы тыгар күнэ сылааһынан илгийэр – айылҕаҕа сынньанарга саамай табыгастаах кэм. Онуоха бүгүн биһиги ханна баҕарар тиийэн сынньанаргытыгар ыйынньык оҥордубут.
«Уус Буотама» бизоннар питомниктара
Өскөтүн эһиги дьикти кэрэ кыһыҥҥы остуоруйаҕа тиийиэххитин, ойуур бизоннарын олохторун-дьаһахтарын сиһилии билиэххитин баҕарар буоллаххытына, «Уус Буотама» бизоннар питомниктара! Онно Хаҥалас улууһун Булгунньахтаах уонна Хачыкаат сэлиэнньэлэрин нөҥүөлээн кыһыҥҥы суолунан тиийиэххитин сөп.
Питомник күн аайы сарсыарда 9:00-18:00 ч. үлэлиир, киирии сыаната 300-500 солк. (биир киһиэхэ). 8-гар диэри саастаах оҕолорго үлэ күнүгэр киирии босхо.
Атынан күүлэйдээһин
Атынан хатааһылааһын курдук чаҕылхай өйдөбүлү уонна дуоһуйууну ылыы туохха да тэҥнэспэт. Эһиэхэ анаан саҥа маршруттар – хонуунан, тыанан, күөлү кыйа атынан күүлэйдээһин оҥоһулунна.
Маннык төлөпүөнүнэн: 8-924-461-07-59 эрдэттэн билсиэххитин сөп.
Марха сэлиэнньэтэ, Совхознай уул., 7.
30 мүнүүтэттэн саҕалаан — 1800-4500 солк.
Пааркаҕа – хайыһар
Дьокуускай куорат Сынньалаҥ уонна култуура паарката кыһыҥҥы өттүгэр бэйэтэ туспа ураты эйгэлээх. Кэрэ айылҕа уонна успуорт. Бэйэҕитин сибиэһэй салгыҥҥа сылдьан хайыһарга тургутан көрүөххүтүн сөп. Хайыһар уларсар сир онуоха аана аһаҕас.
Үлэлиир кэмэ: 10:00-17:00 ч.
Атах таҥаһын размердара: 33-н 46-ҕа диэри.
Сыаната: 120 солк. саҕалаан
Суоттутааҕы «Дружба» түмэл
Быйыл эмиэ кыһыҥҥы паарка ыалдьыттарыгар аанын аста! Дьиэ кэргэҥҥитин, доҕотторгутун кытта сааскы күҥҥэ дуоһуйа сынньаныҥ.
«Дружба» түмэл Уус Алдан улууһун Суотту сэлиэнньэтигэр баар.
Эрдэттэн билсэр төлөпүөҥҥүт: 89681530488
Үлэлиир кэмэ: 10:00-18:00 ч.
Киириитэ: 200-300 солк.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: