Сааскы халаан: 300 быстах олорор пууннары бэлэмниэхтэрэ

«Быстах кэмҥэ дьону олохтуур пууннар бэлэм буолуохтара. Куттал суоһаабатын диэн бары миэрэ ылыллан үлэ ыытыллар», — диэтэ Лепчиков.
Ону сэргэ кини кулун тутар 11 күнүттэн ЫБММ Саха сиринээҕи управлениета халааҥҥа бэлэмнэнии үлэтин улуустарга бэрэбиэркэлиир диэтэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ уопсайа 12 оройуон бэрэбиэркэлэммит. Муус устар 9 күнүгэр КЧС уонна ОПБ үлэтэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ыытыллыаҕа.
Кини иһитиннэрбитинэн, быстах кэмҥэ дьону олохтуур пууннар хонтуруолга сылдьаллар. Сүрүн болҕомто аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо, оҕо күүтэр ийэлэргэ уонна биир саастарыгар диэри саастаах оҕолорго уурулларын бэлиэтээтэ. Халаан уута кэлиэн иннинэ нэһилиэктэр эрдэттэн дьону-сэргэни куттала суох сиргэ көһөрүөхтээхтэр.
Маны сэргэ нэһилиэнньэҕэ эрдэттэн өйдөтүү үлэтин ыытыы туһунан этилиннэ. Бу туһунан информацияны олохтоох дьаһалталар нэһилиэк олохтоохторугар сиһилии тиэрдиэхтээхтэрин бэлиэтээтэ.
Тус тиэхиньикэни уу ылбат үөһээ сиргэ эрдэттэн таһаарыы суолталааҕын иһитиннэрдилэр. Оттон дьиэ кыылын тиэргэҥҥэ баайан хаалларар сэрэхтээҕин бэлиэтээтилэр.
Санитарнай өттүнэн сэрэхтээх буолууга дезинфекциялыыр сириэстибэлэр саппаастарын хаһааныллар. Роспотребнадзор Саха сиринээҕи управлениета иһэр уу хаачыстыбатын кытаанахтык хонтуруоллуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: