Сааскы халааҥҥа 121 нэһилиэнньэлээх пуун ууга барыан сөп

Share

Сааскы халааҥҥа 121 нэһилиэнньэлээх пуун ууга барыан сөп. Бу нэһилиэктэргэ уопсайа 24 тыһыынча киһи олорор. Бу туһунан гражданскай оборуона дьыалаларын уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыыга  министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Биэдэмистибэ иһитиннэрбитинэн, 26 нэһилиэккэ 6 629  олорор дьиэ, 223 социальнай суолталаах эбийиэк, 51 экэниэмикэ эбийиэгэ, 99 олоҕу хааччыйар эбийиэк ууга барар кутталлаах. Өрөспүүбүлүкэ 16 өрүһүн уутун таһыма таһынан тахсыа сөп.

«Ууга барыан сөптөөх нэһилиэнньэлээх пууннар бары ууга бараллар диэн буолбатах. Бу ууга барыахтарын сөп сирдэр, онон биһиги сорукпут — барытыгар бэлэм буолуохпутун наада. Сөптөөх миэрэ эрдэттэн ылылыннаҕына халаан уутун хоромньута кыччыыр», — диэн  миниистир Дмитрий Лепчиков бэлиэтээтэ.

Сабаҕалааһын түмүгүнэн, өрүс барыыта 2-5 суукка эрдэлиэн сөп. Сөптөөх сабаҕалааһын муус устар  ортотугар биллиэҕэ. Халаан уутун туругун хонтуруоллааһын былырыын 2024 сылга  федеральнай таһымнаах быһыыны-майгыны үөскэппитэ.  Ол курдук халаан уутуттан 1,9 тыһыынча эбийиэк өрөспүүбүүлүкэ сэттэ оройуонугар  эмсэҕэлээбитэ.

Уопсайа сааскы, сайыҥҥы-күһүҥҥү халаан уутуттан былырыын 28 нэһилиэнньэлээх пуун, 3,8 тыһыынча киһи эмсэҕэлээбитэ. Ол курдук ордук Анаабыр, Үөһээ Халыма, Нам, Ньурба, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ, Уус Маайа оройуоннара эмсэҕэлээбиттэрэ.

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

ОЛОХ ОЧУРДАРА: Сүрэх бааһа

Лия бөлүүн түһээн эмиэ оҕо сааһыгар, олорбут дьиэтигэр, оонньообут тэлгэһэтигэр, үрдүк эмпэрэ биэрэктээх Өлүөнэ кытылыгар…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Энэргиэтиктэн сылтаан, инбэлиит буолбут…

Энэргиэтик утахтартан сылтаан, эдэр дьон доруобуйалара айгыраабытын туһунан сурахтар кэлэр буоллулар. Туох буортулааҕый уонна тоҕо…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Иэйии» 5 сыллаах биһирэмэ

Айар куттаах суруйааччылар ахсынньы 7 күнүгэр аам-даам тымныыны аахсыбакка ахсынньы аргыарын ортотунан «Ника» уораҕайга ыраахтан…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Ньурбалар түмсэр түһүлгэлэрэ» үрдүк таһымнаахтык ааста

Ахсынньы 11 күнүгэр Дьокуускай куоракка «Өрөгөй» улахан уораҕайыгар «Ньурбалар түмсэр түһүлгэлэрэ» диэн элбэх биир дойдулаахтарын…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өймөкөөн улууһа махтанар

Быйыл Өймөкөөн улууһугар айылҕа иэдээнэ – улахан алдьатыылаах халаан үгүс хоромньуну таһаарбыта. Ахсынньы 2-3 күннэригэр…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Николай Васильев туһунан кинигэ сүрэхтэннэ

“... Наһаа улахан киһи кэлэн ааста... Омуна суох, ууну-уоту ортотунан ааспыт салайааччыбыт киһиэхэ үчүгэйи эрэ…

6 часов ago