Сааскы халааҥҥа бэлэмнэнэн Маатта үрэх быһытын бөҕөргөтөллөр
Кэнники сылларга Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтинэн ааһар Маатта үрэх саас аайы халааннаан айан-сырыы суолун харгыстыыр, кытылтан чугас олорор ыалларга кутталы үөскэтэр буолла.
Быйыл эмиэ эһиилги сааскы халааҥҥа бэлэмнэнэн, үрэх кытылын бөҕөргөтөр үлэлэр эрдэттэн ыытыллаллар диэн Горнай улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Балаҕан ыйын 25-30 күннэригэр кэлэр сылга сааскы халааҥҥа бэлэмнэнии былаанынан Мелиорация салалтатын киин филиалын 5 киһилээх биригээдэтэ бульдозер, экскаватор, фронтальнай погрузчик, «КамАЗ» тиэхиньикэлээх тиийэн, Маатта быһытыгар уу сүүрэр улахан турбаларын икки ардыларын ыраастаан, эбии габион сиэккэлэргэ таас кутан бөҕөргөттүлэр.
«Биригээдэ үлэһиттэрэ ону тэҥэ быһыт сорох эркинин уу суурайбыт сиринэн эбии 270 м³ кумах куттулар, биэс уу сүүрдэр аварийнай сифоҥҥа саҥа задвижкалары олортулар», — диэн кэпсээтэ учаастак маастара Олег Петров.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: