Сааскы куска (булчут санаата)

Сааскы куска (булчут санаата)

Ааптар:
30.04.2023, 18:00
Хаартыска: Photo by form PxHere
Бөлөххө киир:

Күн уһаан, күүтүүлээх сааспыт уһаан-кэҥээн баран, дьэ, кэлэн, киһи аймах күүстээх аҥаара бултуурга, балыктыырга бэлэмнэнэн, тэринэн эрэр. Маннык, бултуу бараары «кынат куурдар» кэм – эмиэ туһугар кэрэ, долгутуулаах бириэмэ.

Аныгы кэмҥэ сааны сүкпүтүнэн  кустуу барар бобуллан турар. Сааны хаатыгар уган эрэ илдьэ сылдьыллар.

Быйыл кулун тутар үһүс дэкээдэтиттэн өрөспүүбүлүкэ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыс­тыбатыгар министиэристибэтин салааларыгар сааскы куһу бултуурга көҥүлү биэрии саҕаламмыта. Баҕалаахтар үгүс өттүлэрэ кустуур путевканы булунан, холкутук туттан, көҥүллүк тыынан кус сезонун арыйар туруктаахтар.

Булт федеральнай сокуонугар, сыл аайы буоларын курдук, кыралаан уларыйыылар киирдилэр.

Иллэрээ сылтан подсадной куһунан бултуур көҥүллэммитэ. Кус боруодатынан туох даҕаны хааччах суох. Ол эрэн, дьон үксэ тыһы көҕөнүнэн бултууру ордорорун бэлиэтиэххэ сөп. Биир подсадной куһу икки кусчут туттара көҥүллэнэр. Онон, күндү ааҕаач­чы, булка илдьэ сылдьар тыһы кус­таах буол­лаххына, биир киһини бэйэҥ дурдаҕар эбии ылыаххын сөп. Оттон, куһуҥ суох буоллаҕына, подсадной кус­таах аймаҕыҥ, табаарыһыҥ эбэтэр кэл­лиэгэҥ дурдатыгар «иккис нүөмэринэн» киирэрдии кэпсэтиэххин сөп.

Бу саас подсадной куһунан бултуур көҥүл кэмэ муус устар 21 күнүттэн ыам ыйын 20-гэр диэри диэн быһаарыллан турар.

Кэлэр сылтан муус устар 24 күнүттэн бэс ыйын 10 күнүгэр диэри тыһы куһунан мончууктаан кустуохха сөп буо­луоҕа.

…Чуумпуну атыыр көҕөн кынатын иһиирэр тыаһа аймыыр. Тыһы куска саантаан кэлбит көҕөнү күөрэтэн, до­­руоп тыаһа тэлэллэ сааллар. Бааһырбыт кус уйдаран, намтыы-намтыы, хонууга баран түһэр…

Былырыын дурда эрэ иһигэр сааны хаата суох илдьэ олорор көҥүллэнэр этэ.

Быйылгы быраабыланан, куһу, хо­­йобууннаан баран, үс сүүс миэтэрэҕэ диэри чохуола суох саалаах сырсыахха сөп. Оттон хааһы бааһыртахха, итиннэ өссө икки сүүс ыллар хардыыны эбэҕин, ол эбэтэр дурдаттан биэс сүүс миэтэрэҕэ диэри сааны хаатыгар укпакка, тута сылдьан, бааһырбыт хааһы сойуолуур көҥүллэнэр.

Эр дьон булт-балык туһунан сэһэргэһэр бассаап бөлөхпүтүгэр маннык кэпсэттибит:

Максим:

– Подсадной куһунан бултууру туох дии саныыгыт, уолаттар? Санааҕытын үллэстиҥ эрэ.

Егор (Мииринэй):

– Мин сөбүлээбэппин. Малтаччы этэбин, быһаарыытын бэйэҕит билэргит буолуо дии саныыбын.

Степан (Кириэс Халдьаайы):

– Төрүт өйдөөбөппүн. Сымнатан эттэххэ, сыыһа сокуон. Туох санааттан итинник халы-мааргы көҥүлү биэрэллэрэ буолла. Уһуо суоҕа. Биир ый көҥүллээх. Куспут да иэдэйииһик, ыйы быһа бултаан, тас да тас. Аны булчуппут икки-үс төгүл түбүгэ улаатар. Булт – ыарахан үлэ. Доруобуйа да алларыйыан сөп. Аны, олохсуйуох курдук кус имири эстэр. Кэлэн биэрэр буоллаҕа. Ким эрэ харчыланыа, тыһы кустары атыылаан. Ким эрэ эстиэ…

Мин сөбүлээбэппин. Дьиҥнээх булчут киһиэхэ сыһыана суох сокуон дии саныыбын.

Егор:

– «Быт ыһыар диэри кустуур киһи» диэн сүөлүргүүллэр этэ уһуннук кустуур киһини былыр.

Андрей (Бүлүү):

– Сөпкө этэҕин. Сааскы кыра ууну былдьаһан кэлэн биэрэр биирдиилээн куска кыах бэриллибэт.  БУЛКА хайа да балаһыанньаҕа булт өттүгэр  булчуттан булт быыһанар бырыһыана өрүү үрдүк буолуохтаах. Оччоҕуна эрэ бултааһын тартарыылаах буолар.

Подсадной куһунан бултааһын көҥүлэ кылгас буолуохтаах этэ, онтуҥ уһуна-киэҥэ бэрт.

Максим:

– Оруобуна эттиҥ, Андрей. Өбүгэлэрбит сөбүн көрөн бултаан, баччаҕа диэри кус эстэ илик.

Егор:

– Оннук.

Бу бөлөххө кэпсэтииттэн көстөрүнэн, саас ортолоох эр хоһууннар подсаднойунан кустууру соччо биһирээбэттэр, сэҥээрбэттэр эбит.

Уруккулуу, подсадной оннугар мончуугунан, биофон оннугар боростуой мас эбэтэр былаастык маногунан туттан бултаан, айылҕаҕа дуоһуйа сынньанан, сандал саас барахсан кэлбитин билэн, эттиин-хаанныын, өйдүүн-санаалыын чэбдигирэртэн ордук туох кэлиэй дэ­­һэллэр.

Максим Ксенофонтов.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: