Сааскы ыҥырыы былаан быһыытынан ыытыллыаҕа

Share

«Сааскы ыҥырыы былаан быһыытынан ыытыллыаҕа, саллааттары  байыаннай дьайыы зонатыгар ыытыы былааннаммат», — диэтэ Госдуума Оборуонаҕа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Картаполов. Бу туһунан РИА Новости суруйар.

«Буоларын курдук, быйыл сааскы ыҥырыы муус  устар  1 күнүттэн от ыйын  15 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа уонна 18-30 саастаах эдэр дьону ыҥырыахтара», –  диир парламентарий. Андрей Картаполов бэлиэтээбитинэн, ыҥырыыга хабыллар эдэр уолаттар ахсааннара эрдэтинэ быһаарыллан турар.

Сулууспа болдьоҕо уларыйыыта суох хаалар – биир сыл. Байыаннай чааска барыан иннинэ хас биирдии ыччат мэдиссиинэ көрүүтүн хамыыһыйатын ааһыахтара.

Санаттахха, быйылгыттан аармыйаҕа ыҥырыллар эр дьон саастарын үрдэтэр туһунан сокуон олоххо киирбитэ. Ол курдук, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн аармыйаҕа ыҥырыыга 18-тан 30-гар диэри саастаах эр дьон хабыллыахтара. Урут ыҥырыллар муҥутуур саастара 27 этэ.

Федеральнай сокуон ирдэбилинэн, Уһук Хоту олохтоохторо ыйы хойутаан ыҥырыллаллар. Оттон педагогическай үлэһиттэри сулууспаҕа  ыам ыйын 1 күнүттэн от ыйын 15 күнүгэр диэри ыҥырыахтара. Ону сэргэ тыа сирин олохтоохторугар анаан, ыһыы уонна хомуур кэмигэр үлэлээччилэргэ, бэбиэскэни алтынньы 15 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри ыытыахтара.

Сокуоҥҥа киирбит уларыйыыларынан, аармыйаттан куотунар эдэр дьон сорох бырааба хааччахтаныан, ону тэҥэ холуобунай эппиэккэ тардыллыан сөп. Ону таһынан суут быһаарыытынан 200 тыһ. солк. диэри ыстараап олохтонор, эбэтэр алта ыйга диэри болдьохтоон көҥүлэ быһыллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Сонун сүүрээҥҥэ өйөбүл

Саха сирэ “Дьоҕус уонна орто биисинэс уонна урбаанньыт тус көҕүлээһинин  өйөөһүн” национальнай бырайыакка 2019 сылтан…

26 минут ago
  • Сонуннар

Үтүө холобур буолар дьиэ кэргэн

Сана үйэҕэ эргиэн үлэтигэр саҥа саҕалааһыннар кэрэхсэбиллээхтэр. Урукку кэмҥэ атыы-тутуу, эргиэн эйгэтигэр "Холбос" биир тэрилтэтэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Сайаана Малышева Пионерия күнүнэн эҕэрдэлиир

«Оҕо аймаҕы үрдүккэ, сырдыкка, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буоларга сирдээбит "Мэлдьи бэлэм буол!" диэн тумус тыллаах…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Сардаана Дьячковская: “Дьылҕа Хаан уонна… кинигэ биһигини холбообута”

Ыам ыйын 15 күнүгэр Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнүн бэлиэтээтибит. Онон бүгүн айанньыт, орнитолог, фотограф,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сааскы халааны этэҥҥэ аһарарга кэлим дьаһаллар ылыллаллар

Нам улууһугар Арбын уонна Түбэ сэлиэнньэлэрин икки ардыларыгар муус дьапталҕатын эстэрии ыытыллыбыта түмүктэри аҕалла. Онно…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биир кэлим эксээмэн. Оҕоҕунуун бииргэ буол

Психолог сүбэтэ   Ксения Ивашковская – Психоневрология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын килиниичэскэй психолога, дьиэ кэргэн психолога, консультант,…

3 часа ago