«Сааскы кэм» бырайыак олоххо киллэрилиннэ
Бэҕэһээ Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар үөрүүлээх тэрээһин үрдүк таһымҥа буолан ааста. Ил Дархан Гранын «Биһиги сааскы кэммит» бырайыагын кыайыылааҕа, салайааччы Дианна Егоровна Соломонова бырайыагын олоххо киириитин бэлиэтиир дьоро түгэнэ тосхойдо.
Бу киэн туттар биир дойдулаахпыт, саха сээркээн сэһэнньитэ Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа холобур буолар олоҕор, айар үлэтигэр анаммыт иитэр-үөрэтэр эйгэ толору ситэн арылынна. Бу эйгэҕэ «Тоҕус төгүл тоҕо?» дьоруойдара мастан дьүһүллэн турдулар, иитиллибит эйгэтин балаҕанын эҥээрэ уонна аныгылыы оҥоһуулаах «Сааскы кэм» кинигэ өйдөбүнньүк суруйааччы олоҕун сэһэргиир ис хоһооннонон сүрүн көстүү буолла.
Бүгүҥҥү үөрүүлээх түгэҥҥэ улуус баһылыга А.С.Бурцев, Ил Түмэн дьокутаата, «Төлөн» АУо дириэктэрэ П.Д.Рахлеев, Дьокуускай куорат мэриятын эппиэттээх үлэһитэ В.В.Аржаков, нэһилиэк баһылыга А.И.Кулачиков, Амма Аччыгыйын сиэнэ Федор Лазеревич Обутов кэргэниниин кэлэн кыттыыны ыллылар. Тэрээһин саҕаланыытыгар алгысчыт В.А.Парфенова үрдүк Айыыларга сүгүрүйүү сиэрин-туомун толордо. Онтон ыҥырыылаах ыалдьыттар кыһыл лиэнтэни кырыйдылар. Амма Аччыгыйын үйэтитиигэ үлэлэспит дьон кинигэ өйдөбүнньүгү арыйдылар.
Үөрүүлээх чааска бырайыак ааптардара Д.Е. Соломонова, Л.Д.Лотова, В.П. Трофимова Ил Түмэн, улуус наҕараадаларын туттулар. Нэһилиэкпит баһылыга А.И. Кулачиков анал бэлиэнэн наҕараадаланна. Үөрүүлээх түгэни фольклор кылааһын үөрэнээччилэрэ ырыанан, чабырҕаҕынан, олоҥхоттон быһа тардыыны толорон киэргэттилэр. Тэрээһин оһуокайдьыт С.Н.Кулачикова таһаарыытынан киэҥ түһүлгэнэн түмүктэннэ. Бырайыак ааптара Дианна Егоровна Соломонова биир идэлээхтэригэр анаан маннык эттэ:
«Ытыктыыр биир идэлээхтэрим! Ил Дархан Гранын кыайыылааҕа “Биһиги сааскы кэммит” бырайыак олоххо киирэригэр көхтөөхтүк кыттыыны ылбыккытыгар «Тэпилииссэ» олохтоох бэйэ салайыныы уопсастыбаннай тэрилтэ уонна тус бэйэм ааппыттан махталбытын тиэрдэбин!
Оскуолабыт иннэ саҥалыы тыыннанан, иитэр-үөрэтэр эйгэ тэриллэн, өссө да силигэ ситэн истин.
Мин санаабар оскуола иһэ да таһа да чахчы Сахалыы тыыннаах буолла. Амма Аччыгыйа аатын үйэтитэр үлэлэр салҕана турдуннар, үйэлээҕи кэрэхсиэххэ, сэргиэххэ.
Учуутал нэһилиэккэ оруола олус улахан, ол курдук бөһүөлэк уопсастыбаннай олоҕор суолтата, оҕону иитиигэ, култуура, ускуустуба бары хайысханы барытын сайыннарар киһи буолар. Эһиги ситиһиилээх үлэҕитинэн, олоххо көхтөөх позицияҕытынан бэлиэ суолу-ииһи хаалларбыт дьоһуннаах олоххут, үүнэр көлүөнэҕэ үтүө холобур буолар.
Эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу-соргуну баҕарабын! Бу тэриллибит эйгэ иитэр-үөрэтэр үлэҕэ сүрүн төһүү буоларыгар бүк эрэллээхпит .
Валентина КРИВОШАПКИНА, Таатта, Харбалаах
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: