Саастаах дьахтар боппуолдьаҕа алта чааһы быһа олорбут…

Share

Ленскэй оройуонугар саастаах дьахтар эргэ дьиэ  боппуолдьатыгар  (подполье) түһэн, онно алта чааһы быһа олорбут диэн СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрдэ.

Ленскэй куоракка Быыһыыр сулууспа быыһааччылара  78 саастаах дьахтары быыһаатылар.  Кини хаарбах туруктаах дьиэ  боппуолдьатыгар түспүт. Дьахтар ойууртан тэллэйдээн иһэн, аара суолга   эргэ дьиэҕэ киирбит. Урут манна уола  олоро сылдьыбыт, сиэннэрэ улааппыт дьиэлэрэ эбит.   Тахсаары туран, өссө аттынааҕы кыбартыыраны көрөргө санаммыт итиэннэ  үс миэтэрэ дириҥнээх  боппуолдьаҕа  түспүт.  Дьолго, дьахтар эчэйбэтэх.

Мобильнай сибээс кыайан хаппат эбит эрээри, нэһиилэ  дьүөгэтигэр  мессенджергэ суруйбута тиийбит. Дьүөгэтэ ону ааҕаат, тута көрдүү барбыт.  Ол гынан баран аадырыһа чопчу ыйыллыбатах эбит. Сотору кэминэн эмсэҕэлээбит дьахтар  аадырыһын ыйан ыыппыт.  Инньэ гынан  дьүөгэтэ  булан тиийбит уонна быыһааччылары ыҥырбыт.

Ленскэйдээҕи көрдүүр-быыһыыр этэрээт начаалынньыга Александр Саморцев иһитиннэрбитинэн, дьахтар оҥкучахха  6 чаас кэриҥэ олорбут. Хата тугун да эчэппэтэх, ол гынан баран күүскэ тоҥмут. Быыһааччылар дьахтары «Суһал көмөҕө» туттарбыттар.

https://t.me/spasykt
https://t.me/spasykt
https://t.me/spasykt
What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
9
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Этикеткаҕа тугу суруйалларый?

- Бородуукта 100 грамыгар төһө белок, углевод, сыа, калорий баара суруллар. - Аһылыкка төһөҕө диэри…

51 минута ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Хата халлааммытын сылыйыа дииллэр

Хас да улууска +15 кыраадыска тиийэ сылыйыа. Ханныктарга? Кэлэр нэдиэлэҕэ күнү-дьылы билгэлээччилэр нуорматтан үрдүк температура…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Сайылыктан көһүөхтэрэ

Бу күннэргэ Нам улууһун Тоҥ Бас сайылыгын олохтоохторо сайылыктарыттан кыстыктарыгар көһүөхтэрэ. Онно сайылаабыт биэс ыалтан…

2 часа ago
  • Сонуннар

РФ Бэрэсидьиэнин Ыйааҕынан Саха сирин олохтоохторо “Өлөн эрээччилэри өрүһүйүү иһин” мэтээлинэн наҕараадаланнылар

Туох буолбутай ол күн? 2022 сыллаах саас халаан уута кэлэн турара, өрүскэ халҕаһа муус устара.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Суол оҥорооччулар Амма суолугар 5 км. тахса аспаал алларааҥҥы араҥатын уурдулар

Амма улууһугар “Амма” массыына суолун оҥорооччулар 5,2 км аспаал алларааҥҥы араҥатын уурдулар, диэн СӨ Массыына…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арассыыйа Дьоруойа Родимир Максимов: “Кыайыы хас күн ахсын чугаһаан иһэр”

Байыаннай дьайыыга биһиги кыайыыбыт күннэтэ чугаһаатар чугаһаан иһэр. Маннык бигэ санаалаах Арассыыйа Дьоруойа Родимир Максимов.…

3 часа ago