Сабина Кушевская: «Биир кэлим мэхэньиисими оҥоруохпут диэн эрэнэбит»
Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара, уопсастыбаннай тэрилтэлэр бииргэ көдьүүстээхтик үлэлииллэрин тэрийиигэ «Дьиэҕэ төннүү» диэн ааттаах сэминээр уон сиэксийэнэн арахса киэһэ хойукка диэри үлэлиир.
«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда Сахалин уобалаһынааҕы филиалын салайааччыта Сабина Кушевская бүгүҥҥү тэрээһин туһунан санаатын үллэстэр:
— Биһиэхэ ааспыт сылга маныаха майгынныыр байыастар дьиэлэригэр, эйэлээх олоххо төннөллөрүгэр көмөҕө аналлаах тэрээһин буолбута. Онно биһиги эмиэ федеральнай уокуруктартан, ол иһигэр Саха сириттэн эмиэ филиаллар салайааччыларын ыҥырбыппыт. «Дорожнай каарта» оҥорон үлэбитин саҕалаабыппыт. Ол эрээри, сыл ааспытын кэннэ көрдөхпүтүнэ, сорох түгэннэри ситэрбэтэхпит, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэлэрин-уоттарын кыһалҕатын, былаас уорганнарын тэрилтэлэрин кытары сибээһи ситэри быһаарбатахпыт. Ол иһин бүгүн бу сэминээргэ бэйэбит уопуппутун атастаһыахпыт, көмөнү хайдах оҥорорбутун, дьиэнэн-уотунан хайдах хааччыйар, санаторнай-курортнай эмтэнии туһунан кэпсиэхпит. Биһиги бары сүбэлэһэн байыастарбыт кыайыы көтөллөөх дьиэлэригэр төннөллөрүгэр биир кэлим мэхэньиисими оҥоруохпут диэн эрэнэбит. Маныаха эрэгийиэннэр бырабыыталыстыбаларын иһинэн тэриллибит биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа, ол иһигэр «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуондаларын үлэлэрэ улахан суолталаах буолуоҕа. Эрэгийиэннэр тус-туспа уратылаахтар, Саха сиригэр холобур, аһара улахан территориялааххыт, өссө омук быһыытынан тус уратылааххыт, ону барытын учуоттуохха наада. Ол иһин эрэгийиэннэр икки ардыларыгар эмиэ маннык көрсүһэн, уопут атастаһан, сибээһи кэҥэтэн бары биир сүбэнэн үлэлиирбит ордук.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: