Анна Посельская: «Өлүөнэни туоруур муоста. Саҕалааһын баар, эрэл улахан»
Муоста тутуллан бүтэрин эрэнэ кэтэһэбит. Кэлии-барыы, айан-сырыы сыыдамсыйыа турдаҕа.
Сыл аайы айанныырга күһүн, саас эбэбитин кэтэһэбит. Хаайтарыы кэмигэр кыра кыһалҕалаах киһи куоракка айанныы сатаабат. Хаайтарыам диэн дьаахханыы, кыһалҕаҕын быһаара охсоору тиэтэйии, итинник араас элбэх буоллаҕа.
Муостабыт тутуллан ситэн-хотон үлэҕэ киирдэҕинэ, эдюэх сыллар усталарыгар баҕарбыт баҕа санаабыт туолар. Ол буолуо, Сахабыт сирин сайдыытыгар өссө биир улахан уонна дьоһун хардыы. Айанныыр дьон, үлэһиттэр, устудьуоннар, суоппардар хаайтарыыта суох айанныахтара, кэлии-баран түргэн-тарҕан буолуо.
Саҕалааһын баар, ол аата эрэл баар. Хаачыстыбалаах, аныгы үйэ ирдэбилигэр толору эппиэтиир муоста тутуллан, норуокка туһалыырын эрэнэ күүтэбит.
Анна Посельская,
«Таатта» хаһыат эрэдээктэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: