Бу күннэргэ Москваттан үөрүүлээх сурах кэллэ. А.М. Горькай аатынан Литературнай институт “Саха аныгы кэпсээнэ” антологияны нууччалыы тылынан бэчээттээн таһаарда. Манна 1991 сылтан ыла суруллубут, аныгы үйэ кэпсээнньиттэрин бастыҥ айымньылара хомуллан киирбиттэр.
Саха литературатыгар бу биир улахан суолталаах түгэн буолара саарбаҕа суох. Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыбытын кэнниттэн, уонунан сылларга национальнай литератураларга болҕомто ууруллубакка, тылбаас үтүө үгэһэ умнуллан, кэнники кэмҥэ Арассыыйа норуоттара бэйэ-бэйэлэрин духуобунас, литература өттүгэр туох буола турарын билсибэт буолбуттара. Холобур, татаардарга, калмыктарга кэнники сылларга ханнык айымньылар айыллыбыттарын, литературалара хайдах сайдыбытын нуучча тылын нөҥүө эрэ билэр кыахтаахпыт. Ол курдук, саха аныгы прозатын тылбаас эрэ киэҥ эйгэҕэ таһаарар, атын омуктар ааҕааччыларыгар саха санаатын арыйар, билиһиннэрэр кыахтаах.
Саха кэпсээнэ национальнай култуура биир араҥата буолар, нуучча тылын, литературатын дьайыытынан үүммүтэ, сайдыбыта. Кэпсээн диэн кэм кэрэһитэ буоллаҕа, ол курдук, бэйэтин кэмин тыынын, бүгүҥҥү олох уратытын көрдөрөр, анаарар. Ханнык баҕарар кэпсээни, сэһэни аахтахха, оччотооҕу кэм илэ тиллэн, дьон-сэргэ тугунан тыынан олорбута, сиэрэ-майгыта, олох-дьаһах хайдаҕа-туга тута биллэр. Онон кэпсээн – олохпут көстүүтэ.
Кэнники 30 сылга биһиги олохпутугар улахан уларыйыылар буолбуттарын билэбит – бэлиитикэҕэ эрэ буолбакка, өй-санаа өттүнэн эмиэ “өрөбөлүүссүйэлэр” буолбуттара. Классик суруйааччылар үтүө үгэстэрин тутуһан, саха аныгы прозаиктара төһө кыайалларынан бу уларыйыылары көрдөрө, уус-уран ньыма көмөтүнэн дьүһүйэ сатыыллар.
Бу буола турары ырытар, дириҥ суолтатын анаарар хаһан баҕарар ыарахан буолар. Ол да иһин үгүс суруйааччылар историческай тиэмэҕэ көһөллөр, уруккуну уонна билиҥҥини тэҥнээн көрөллөр. Бу антологияҕа киирбит ааптардар үһүйээнтэн, номохтон көргө-күлүүгэ, күннээҕи түбүгү көрдөрүүттэн олоҕу анаарыыга, дьоруойдар уобарастарын нөҥүө кэми кэрэһилиир муудараска тиийэ араас хайысхалаах кэпсээннэрин ааҕыахха сөп.
Антология А.М. Горькай аатынан Литературнай институт Учуонай сэбиэтин быһаарыытынан тахсар. Хомуйан оҥорооччулар – Олег Сидоров, Гаврил Андросов, Надежда Егорова, эрэдээктэр, хомуйан оҥорооччу – тылбаасчыт, Литинститут тылбаасчыттар сэминээрдэрин салайааччы Аита Шапошникова. Уопсай көннөрүүтүн институт ректора А.Н. Варламов эрэдээксийэлээтэ.
Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, кинигэ кэннигэр тылбаасчыттар тустарынан информация уонна сахалыы өйдөбүллэри быһаарар историческай-култуурунай тылдьыта бэчээттэммиттэр.
Олег Сидоров-Амгин, “Саха сирин суруйааччылара” ассоциация бэрэссэдээтэлэ:
— Саха аныгы кэпсээнин антологията Арассыыйа ааҕааччытын хараҕар айсберг курдук уу анныгар, көстүбэккэ хаалар тылбыт сүдү баайын быстар сорҕото эрэ буолар. Култуура, тыл өттүнэн мэһэйдэр бааллара биллэр. Ол эрээри, чуолаан бу антология маннык мэһэйдэри туоратар кыахтаах.
Антология күн сирин көрөрүгэр саха суруйааччылара, тылбаасчыттара Литературнай институту кытары уонунан сылларга бииргэ үлэлэһиилэрэ, алтыһыылара оруоллаах буолла. Саҥа үйэҕэ кыттыгас үлэбитигэр бастакы хардыынан 2021 сыллаахха “Полярная звезда” уонна “Чолбон” сурунаалларга Литературнай институт преподавателлэрэ-суруйааччылар айымньылара бэчээттэнэн тахсыбыттара буолар.
Бу антология Литературнай институт иһинэн “Дом национальных литератур” научнай-үөрэтэр, култуурунай-сырдатар киин бырайыага буолара уонна Саха АССР 100 сылыгар тахсыбыта улахан суолталаах.
Тылбаас култуурата – литературнай эйгэҕэ ойуччу турар тиэмэ. Суруйааччы атын тылынан төрөөбүт тылын баайын, киһи ураты ис эйгэтин тиэрдэрэ киэҥ билиини, атын тыллаах култуураҕа дириҥник өтөн киириини ирдиир.
Саха суруйааччыларын ааспыт үйэ 50-80-с сылларыгар маассабайдык тылбаастыыр буолбуттара. Оттон улуу нуучча тылыттан саха тылыгар тылбаас көстүүтэ ХХ үйэ бастакы сылларыттан саҕаламмыта. Манна Василий Никифоров-Күлүмнүүр тылбаас култууратын саҕалаабыт киһи быһыытынан ойуччу миэстэҕэ турар. Сэбиэскэй кэмҥэ Семен Данилов сыратынан, саха тылыттан нууччалыы тылбаас оскуолата баар буолбута.
Антологияны хомуйан оҥорорбутугар кэнники 30 сылга кэпсээн жанрын билиҥҥи туругун, сэбиэскэй кэмтэн уратылаах саҥа тиэмэлэри уонна дьоруойдары көрдөөһүнү көрдөрөргө дьулустубут. XXI үйэ саҥатыгар уонна тосту уларыйыылаах сылларга саха кэпсээнэ ханнык суолунан баран иһэрин көрдөрөрбүт суолталаах. Саха литературата бүтүн эпохалар уларыйар кэмнэригэр норуот бэйэтин уратытык сананарыгар дьайар кыахтаах күүс буоларын көрдөрүөхтээхпит.
Профессор Анатолий Бурцев этэринии, саха кэпсээнэ норуот уус-уран айымньытыттан силис тардар. Өксөкүлээх Өлөксөй, Николай Неустроев, Алампа төрүттээбит үгэстэрин сэбиэскэй кэмҥэ биллэр прозаиктар Дмитрий Таас, Семёном Яковлев-Эрилик Эристиин, Дмитрий Сивцев-Суорун Омоллоон, Николаем Мординов-Амма Аччыгыйа, Софрон Данилов, Иван Гоголев, Николай Якутскиай, Леонид Попов, Василий Яковлев, Василий Яковлев-Далан, уо.д.а. салҕаабыттара. Кинилэр дьыалалара аныгы саха суруйааччыларын айымньыларыгар салгыы сайдар.
Антология классик-суруйааччы уонна бөлүһүөк Өксөкүлээх Өлөксөй уола Реас Кулаковскай кэпсээнинэн саҕаланара түбэспиччэ буолбатах. Салгыы үс көлүөнэ суруйааччылар 1991 сылтан ыла саҕалаан суруйбут 39 кэпсээннэрэ бэчээттэннилэр. Манна Арассыыйаҕа киэҥник биллэр суруйааччылар: Николай Лугинов, Наталья Харлампьева, Харысхал, кэпсээн маастардара Петр Аввакумов, Тумат, Тумарча, Урсун, Ойуку, Егор Неймохов, Сиэн Чолбодук, Айсена Дойду, Иван Иннокентьев, Саха сиригэр биллэр-көстөр Елена Слепцова-Куорсуннаах, Сайа, Дмитрий Наумов, 1990-2000 сылларга айар үлэ умсулҕаннарыгар ылларан, суруйааччы буола буспут-хаппыт Огдо, Хамалҕа, Владислав Доллонов, Лена Гоголева, Борис Павлов, Арчылан, Сиэн Мунду, Лена Седар, Данил Макеев, атын эйгэттэн тыл умсулҕаныгар ылларбыт Анатолий Слепцов бастыҥ айымньылара бааллар. Ону тэҥэ, эдэр ааптардар кэпсээннэрэ эмиэ киирдилэр.
Саамай сүрүнэ, нуучча тыллаах ааҕааччылар бу антологияны ааҕан, биһиги кэммит суруйааччыларын аан дойдуну анаарыыларын, уобарастарын кытары билсиэхтэрэ, саха норуотун туһунан өйдөбүллэрин үөскэтиэхтэрэ. Онон ыалдьыттарга, омук дьонугар кыбыстыбакка утары уунар кинигэлэннибит.
Реас Кулаковский. “Меня спасла природа”.
Сиэн Чолбодук. “В берестяной лодке плыли он и она”.
Пётр Аввакумов. “Деловой человек”.
Василий Егоров-Тумарча. “Санда́ра и Роза”.
Айсен Дойду. “Заснеженные ели”.
Павел Харитонов-Ойуку. “Засада”.
Семён Попов-Тумат. “Воздаяние”.
Николай Винокуров-Урсун. “Исконно якутское”. Эссе.
Николай Лугинов. “Легенда об Илдэгисе”.
Дмитрий Наумов. “Керемес”.
Егор Неймохов. “Песня на краю города”.
Василий Васильев-Харысхал. “Четыре угла любви”.
Анна Варламова-Матвеева-Айысхаана. “Белый платок Ылджаны”.
Альбина Избекова. “У всех своя жизнь”.
Наталья Харлампьева. “Один день богини Аисыт”.
Татьяна Находкина. “Дамский велосипед”.
Степан Сивцев-Хамалга. “Верный друг Куттук-Кустук”.
Алексей Кулаковский-Дэнкир. “Бык Харачас”.
Иван Иннокентьев. “Молодой шаман, батюшка и Рафаэль”.
Анна Гоголева-Ленская. “Город-призрак”.
Владислав Доллонов. “О совпадениях”.
Борис Павлов. “Ноша”.
Евдокия Иринцеева-Огдо. “Землянички на чашке”.
Александр Постников-Сындыыс. “Старый забор”.
Афанасий Гуринов-Арчылан. «Сыны-мыны».
Олег Амгин. Чороон. “Тайна мастера”.
Надежда Егорова-Намылы. “Слёзы счастья”.
Лена Седар. “Мальчик и луна”.
Суосааны. “Солдат последнего рубежа”.
Данил Макеев. “Сосулька”.
Наталья Михалева-Сайа. “Оладья”. Быль.
Елена Слепцова-Куорсуннаах. “Дитя Божие”.
Сиэн Мунду. “Анджелина Джоли живёт в Якутии. Невероятная история о свидании якутского коневода с суперзвездой Голливуда”.
Ираида Попова. “Бессмертный цветок”.
Анатолий Слепцов. “День русского языка” .
Константин Эверстов. “Плач лошадей”.
Ангелина Васильева-Дайыына. “Лосёнок”.
Валерий Андросов. “Топорик”.
Аграфена Кузьмина-Айаана. “Циферблат”.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038