Саха араадьыйата 93 сылын бэлиэтээтэ
Бүгүн Саха араадьыйата төрүттэммитэ 93-с сыла.
Сахалыы тылынан саҥарар, өрөспүүбүлүкэ хас биирдии нэһилиэгэр суукканы эргиччи иһиллэр «Тэтим» араадьыйа бэлиэ күнүнэн «Саха» НКИХ генеральнай дириэктэрэ, Ил Түмэн дьокутаата Олег Марков бэйэтин телеграм-ханаалыгар бу курдук суруйар:
«Былырыын “Тэтим” араадьыйа төлөпүөҥҥэ сыһыарыытын 100 тыһыынчаттан тахса киһи хачайдаан, Уһук Илин эрэгийиэннэригэр рекорд олохтообуппут. Оттон куйаар ситиминэн мобильнай сыһыарыынан саха араадьыйатын саайт нөҥүө аан дойду бары муннугар олорор сахалар истэллэр. Маны таһынан, “Тэтим подкаст” сыһыарыыны дьон эмиэ сөбүлээн истэр, манна араадьыйа архыыба тахсар — биирдиилээн биэриилэр, уус-уран айымньылар, ырыалар о.д.а.
Араадьыйа дириэксийэтэ үгэс буолбут ураты бырайыактардаах. Ол курдук, “Тыыннаах дорҕоон” кэнсиэр, “Үрдэл” музыкальнай бириэмийэ, “Тайм-аут” спортивнай биэрии, “Араадьыйа күннэрэ” о.д.а. инникитин араадьыйа айар кэлэктиибэ саха суруйааччыларын аатырбыт айымньыларынан аудио-кинигэ оҥорор былааннаах. Саха араадьыйата өссө даҕаны сайда, тупса турдун!»
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: