Саха араадьыйата – олоҕум аргыһа

Share

Бүгүн “Тэтим” араадьыйаны истэр Саха сирин бары олохтоохторугар үөрүүлээх күн – Араадьыйа күнэ.

Миэхэ тус бэйэбэр Саха араадьыйата оҕо сааспыттан күн бүгүҥҥэ диэри арахсыпат эрэллээх аргыһым. Олоҕум саамай умнуллубат дьоллоох кэмэ – Саха араадьыйатын уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнинэн үлэлээбитим. Онон саха суруналыыстыкатын киэҥ хонуутугар сирдээн киллэрбит улахан үтүөлээх араадьыйабар  махталым муҥура суох. Бүлүүттэн Макар Мыла, Орто Халыматтан Акулина Колесова, Тааттаттан Анастасия Морхоева, Булуҥтан Галина Ачикасова курдук уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэр кэлин чугас доҕотторбунан буолбуттара. Мин ордук сонуннарым бүтэһигэр “Өймөкөөнтөн Елена Потоцкая…” диэнинэн түмүктүүрбүн наһаа да сөбүлүүр этим. Бу кылгас этиигэ төрөөбүт дойдубунан киэн туттуу, атын улуустар истэригэр мин Өймөкөөнүм тэҥҥэ ааттанара – ураты тыын этэ. Нэдиэлэҕэ иккитэ — оптуорунньукка уонна чэппиэргэ эрийэн, араадьыйа суруналыыстара бэлэмнээбит матырыйаалларбын “Сонун” биэриигэ анаан устан ылаллара.

Кэргэним сүбэтинэн, араадьыйаҕа Өймөкөөнүм туһунан кэпсиэхпин баҕарар баҕа санаам баһыйан, билэрдии АльбинаТарабукинаҕа суруйбутум (иккиэн устудьуоннуу сылдьан комсордар этибит). Кини сурукпун «Сонуннар» эрэдээксийэҕэ тиксэрбит этэ. Оччолорго “Саха” НКИХ салайааччытынан Афанасий Ноев үлэлиирэ. Афанасий Иванович улуус уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэригэр ураты болҕомтолооҕо. Бэйэтин үлэһиттэрин кытта тэҥҥэ тутара, кытаанах ирдэбили туруорара.  Ол курдук, хас биирдиибитигэр ый аайы  хампаанньа бэрэсидьиэниттэн маннык ис хоһоонноох сурук кэлэрэ: “Саха араадьыйатын уонна тэлэбиидэнньэ биэриилэрин тылын-өһүн тупсарар туһугар хампаанньа научнай консультана, педагогическай наука хандьыдаата Тамара Петрова бэлэмнээбит матырыйаалын ыытабыт. Маны болҕойон ааҕан, үөрэтэн, тыл култууратын үрдэтэргэ болҕомтоҕутун уураргытыгар ыҥырабын”.

Ол кэнниттэн биһиэхэ ый бүтэһигэр Тамара Ивановна сонуннарбытын кылгастык күннэринэн ырытыыта кэлэрэ.

Улуус баһылыгар туспа 24 улуус уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнин аатын ыйан туран, киниэхэ хас суругу ыыппытын, хас биэриини истэн ырыппытын уонна “мөлтөх”, “көнөр”, “орто”, “үчүгэй” диэн сыаналыыра. Бу мин иннибэр сытар Тамара Петрова биир ырытыы суругар 24 киһиттэн “үчүгэй” сыана 4 киһиэхэ — Горнайтан Аида Ноговицынаҕа, Муоматтан Дьөгүөр Буоратайга, Кэбээйиттэн Туяра Гоголеваҕа уонна Өймөкөөнтөн миэхэ турбут. Бу маннык улахан сыанабылга тиксии дьолго тэҥнээҕэ чахчы.

Саха араадьыйатыттан кэлбит маннык лоскуй кумааҕылар — олус күндүлэр.

Бука, ким да маннык үөрэммэтэх үөрэҕин ааспыппыттан, ылбычча киһи тиксибэтэх дьолугар тиксибит эбиппин диэн, билигин уопутуран, Өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх суруналыыһа буолан олорон, оччолорго “Саха” НКИХ салайааччытыгар Афанасий Ноевка, араадьыйа дириэктэригэр Тарас Тарасовка, научнай консультааҥҥа Тамара Петроваҕа олус махтана саныыбын.

Кинилэр улуус уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрин анаан мунньан, Арассыыйа бэчээтин күнүн чэрчитинэн араас сэминээрдэри тэрийэн үөрэтэллэрэ. Бары кэриэтэ улуус хаһыаттарын суруналыыстара буолан, Бэчээт күнүгэр кэлэрбитин хампаанньа салалтата оннук табыгастаахтык туһанара. Сонуннарбытын ылан уһулан бэлэмниир суруналыыстар Егор Москвитин, Жанна Иванова, Афанасий Сивцев, Николай Свешников, Ольга Семенова өрүү үөрэ көрсөллөрө. Мин нууччалыы-сахалыы тылынан сонуннары биэрэрим. Нууччалыы “Сонуннарга” Туяра Филиппованы уонна Кира Курилованы кытта бииргэ үлэлэһэрим.

Билигин да тапталлаах араадьыйабыттан тэйбэппин.  Өрүү алтыһар дьонум Эдуард Рудых, Василий Посельскай, Тарас Тарасов-Тускул “Саха сирэ” хаһыакка тахсыбыт матырыйаалларым дьоруойдарынан буолбуттара. Билигин айымньылаахтык үлэлии сылдьар Туйаара Андрееваны, Ньургуйаана Ботуеваны, Борис Гоголевы, Светлана Попованы, Индира Софронованы, Гея Буртахованы, Роман Алексеевы, Иван Тарасовы кытта күн бүгүҥҥэ диэри билсэбин, кинилэр биэриилэрин олус сөбүлээн, биири да көтүппэккэ истэбин.

Бу күннэргэ Саха араадьыйатын “көмүс куолаһа” Эдуард Рудых Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Николай Кондаков аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэни ылла. Саха араадыйатын истээччилэрэ олуһун да үөрдүбүт! Ис сүрэхтэн Эдуард Егоровиһы суолталаах наҕараадатынан истиҥник эҕэрдэлиибит.

Күндү Саха араадьыйатын үтүөкэннээх үлэһиттэрэ! Өрүү бүгүҥҥүгүт курдук биһигини, эрэллээх истээччилэргитин, бэйэҕит кэрэхсэбиллээх биэриигитинэн үөрдэ сылдьыҥ! Оттон биһиги: ким хотоҥҥо, ким тыаҕа үүтээҥҥэ, ким үлэлиир кэбиниэтигэр, ким массыынатыгар, ким дьиэтигэр ас астыы сылдьан, быһата, бары ханна да буолларбыт, араадьыйабытын  туппутунан эһигини кытта өрүү бииргэ буолуохпут!  

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: кээмэй табылыыссата

Ас-үөл астыырга маннык баарын билэҕит дуо? Бу олус туһалаах сүбэ.  1 ыстакаан -- 240 мл.…

25 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Норуот эмтиэкэтэ

Хатыҥ мүөттээх сэбирдэҕин чэйгэр кутан иһэ сырыттаххына, бүөргэр-быаргар туһалаах. Салаакка мэлдьи моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, укуруоп…

35 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Эдэр сааһы эргитэн

Уус Алдан улууһугар култуура бэтэрээннэрин сэбиэтэ уопсастыбаннай түмсүү (бэрэссэдээтэл А. Е.Федорова) тэрийиитинэн, араас кэмҥэ култуура…

54 минуты ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн – Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ

Саха сиригэр ахсынньы 5 күнүгэр ураты бырааһынньык бэлиэтэнэр – өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ. 1992…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суоттулары «Аптаах бириэмэ» тэрээһин түмтэ

Суотту нэһилиэгэр "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" бырайыак чэрчитинэн харыйа уота сандааран тырымныырын көрсө бэртээхэй тэрээһин…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Пригороднайдааҕы дьахтар сэбиэтэ: “Бэйэбит анал иистэнэр хостоннубут”

Бу күннэргэ Пригороднай сэлиэнньэ дьаһалтатын салайааччыта  Василий Егорович Пинигин өйөбүлүнэн дьахтар сүбэтэ бэйэтэ туспа анал…

2 часа ago