Саха араадьыйатын «сулустара» өрүү чаҕылхайдар!
Бүгүн Араадьыйа күнүнэн «Тэтим» араадьыйатын үлэһиттэрэ эҕэрдэ арааһын, истиҥ санаа бастыҥын истэр, алгыс ылан, санаалыын кынаттанар үтүөкэннээх күннэрэ.
Мин, Саха араадьыйатыгар уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнинэн үлэлиир киһи быһыытынан, араадьыйа суруналыыстарын ааҕа билэбин, «биир идэлээхтэрим» диэн киэн тутта ааттыыбын. Бу бырааһынньыктааҕы күнүнэн сибээстээн, өрүү бииргэ алтыһан үлэлиир кэллиэгэрбин кытта анаан кэпсэттим.
Араадьыйа суруналыыһа Ньургуйаана Ботуева Үөһээ Бүлүү Балаҕаннааҕыттан төрүттээх.
Устудьуон кыыс быраактыкатын бараары “Саха” НКИХ дьиэтин боруогар аан бастаан үктэммитэ. Ити 2011 сыл этэ. Ол кэми суруналыыс билигин маннык ахтар:
— Быраактыкам кэнниттэн сайын араадьыйаҕа операторынан үлэлээбитим (биллэриилэри, сайаапкалары ыларым). Онтон биир күн “роликка” саҥардан көрбүттэрэ. Ол аата ыытааччыга холонон көрбүтүм. Бастакы эпиирим киэһээ муусука ханаалыгар Эрчимниин этэ. 68-с уопсайбыттан ис сүрэхпиттэн долгуйан, ох курдук бэлэмнэнэн, сүүрэр-хаамар икки ардынан “көтүтэн” аҕай кэлбитим. Долгуйуу, киэн туттуу санаалара саба кууспуттарын бэркэ өйдүүбүн, истиҥник саныыбын. Эпиир кэннэ Эрчим миэхэ “+5” сыананы туруорбута.
Ньургуйаана Ботуева ордук өйдөөн хаалбыт биэриитэ — «Этэр тыл истиҥэ» диэн литературнай биэрии.
— Бу режиссер Анна Пудовалыын авторскай биэриибит этэ. Манна саха уһулуччулаах суруйааччылара, норуокка хаалларбыт айымньылара, муударай санаалара, үйэлэри унуордуур сүдү талааннара — барыта суураллыбат устуоруйаны, кэрэни кэрэһэлиир эйгэни кытта билсибитим. Кэпсэтии, дьону кытта алтыһыы нөҥүө. Биэрии тутула араастааҕын, албастарын Анна Николаевна ымпыгар-чымпыгар тиийэ үөрэппитэ. Күн бүгүн биһиги эмиэ биир олус бэртээхэй «Бииргэ ааҕыахха» биэриини таһаара сылдьабыт. Олоҥхону толорор ыччаты сырдатар сыаллаах-соруктаах үлэлиибит. Дьэ, бу мин сөбүлүүр хайысхам. Онон режиссербун кытта үөрэ-көтө айа-тута сылдьабыт. Олус элбэх талааннаах дьону кытта алтыһыннарбыт, билиини иҥэрбит, кэпсэтии албастарыгар үөрэппит Анна Николаевнабар барҕа махталбын тиэрдэбин! — диэн санаатын үллэстэр араадьыйа талааннаах суруналыыһа.
Ньургуйаана ордук төрүт үгэс, култуура тиэмэтин сөбүлүүр. “Ис куппунан тардыһабын. Дьиҥ сахалыы толкуйдаах патриоппун дии сананабын. Төрүт тылбар, сахалыы эйгэҕэ тапталы биһиги үлэбит ис-иһиттэн бэйэтэ угуйар, абылыыр сүдү күүстээх, быһыыта…” диэн бэлиэтиир сэһэргэһээччим.
“Араадьыйаҕа ыытааччылар бары «позывнойдааххыт» дии. Эн бэйэҥ муусукаҕын тоҕо хайдах талан ылбыккыный?” диэн ыйытыыбар сөбүлүүр ыытааччым:
— Мин муусукам намыын, унаархай омуктуу ырыа. Хаһан эрэ “фон” таларбар “саҥарар тиэмпэбэр барсар, тупсарар” диэн талбытым. Тылбааһын ис хоһоонун буолбакка, матыыбын ордорон. Кэлин” сахалыы фон туруоруоххун” диир истээччи эмиэ баар. Бэйэм сөбүлээн Надикан «Хомуһун» эмиэ холбонобун. Онон чопчу тус бэйэбэр сөптөөх сахалыы матыыбы хайаан да булунуоҕум! – диэн хоруйдаата.
Роман Алексеев Саха араадьыйатыгар 2011 сыллаахтан үлэлиир. Ити сыл кини Дьокуускай куоракка чааһынай «Сахалыы Виктория» диэн араадьыйаҕа тургутуунуу ааһан үлэлии киирбит.
— Хас биирдии биэриим ураты буоларыгар кыһаллабын. Ордук чорботорум, бу санаатахха, суох курдук. Былырыын сайын «СӨ Ыччат бэлиитикэтин туйгуна» бочуоттаах бэлиэни дойдубар Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Ыччат бэстибээлигэр миниистир Петр Шамаев илиититтэн туппутум. Ордук култуура, успуорт, бэлиитикэ тиэмэлэригэр уратытык арыллабын. Тэлэбиидэнньэҕэ уонна араадьыйаҕа эпиирбин түмүктүүр анал муусукалаахпын. 2017 с. Үөһээ Бүлүүгэ, «Манчаары» спартакиадатын үөрүүлээх арыллыытыгар анаан звукорежиссер Евгений Тазетдинов ”Чолбон» бөлөх “Хотой» диэн ырыатын тупсаран оҥорбута баар. Ол муусуканы сөбүлээн, ааптартан көҥүл ылан, бу күҥҥэ диэри туһана сылдьабын, — диэн санаатын үллэстэр “Тэтим” саха араадьыйатын уопуттаах ыытааччыта Роман Алексеев.
Төһө да билигин атын үлэҕэ үлэлии сыртталлар, Саха араадьыйатын сайдыытыгар сүҥкэн өҥөлөөх дьон үгүс. Кинилэр ортолоругар истээччи кутун туппут Борис Гоголев эмиэ баар.
– Мин Саха араадьыйатыгар 1995 сыллаахха от ыйын 3 күнүгэр, бэнидиэнньиккэ үлэҕэ киирбитим. “Тоҕо чуолкайа бэрдэй!” диир буоллахха, от ыйын 2 күнэ — төрөөбүт күнүм.
Саха араадьыйатын суруналыыһынан үлэлии сылдьан, ордук уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй тиэмэлэргэ үлэлиирбин, аһаҕас эпиирдэри ыытарбын ордорор этим.
«Саха» НКИХ үлэлиир сылларбар «Кыһыл көмүс микрофон», Уһук Илиҥҥи «Саҥа кэм» эрэгийиэннээҕи бэстибээл лауреата диэн суруналыыстар бириэмийэлэринэн, хампаанньа «Кыһыл көмүс», «Өрөспүүбүлүкэ сибээһин бочуоттаах үлэһитэ» бэлиэлэринэн наҕараадаламмытым. СӨ үөрэҕириитин, «Саха» НКИХ туйгунабын, — диэн киэн тутта кэпсиир Борис Гоголев.
Араадьыйа уопуттаах суруналыыһа билигин СӨ Гуманитарнай чинчийии уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларынан дьарыктанар научнай институт пресс-сулууспатыгар үлэлиир. “Үлэм бастыҥ арыйыылары, учуонайдары кытары ситимнээх буолан, интэриэһинэй. Араадьыйам барахсаны, истээччилэрбин, биллэн турар, суохтуубун ”, — диэн бэлиэтиир Борис Гоголев.
… Ити курдук, сөбүлүүр араадьыйа суруналыыстарбыт үлэлэрин кыратык “сэгэтэн” ыллыбыт. Айар куттаах дьоммутугар ситиһиилээх, тахсыылаах үлэни, тус олохторугар дьолу-соргуну баҕарабыт. Биһиги эһиги холку-намыын, истиҥ куоласкытын олуһун сэргиибит, ахтабыт уонна өрүү күүтэбит диэн бары эһиги истээччилэргит аатыттан эттэҕим, эһигинэн киэн тутуннаҕым буоллун!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: