Саха АССР 100 сылыгар Саха сирин көһө сылдьар соҕотох тыйаатырын саҥа дьиэтэ аһылынна
Бүгүн Ньурба куоракка Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар драматическай тыйаатыр дьиэтин арыйдылар. Бу Саха АССР 100 сылынан тутуллубут култуура эбийиэктэриттэн биирдэстэринэн буолар.
Соторутааҕы кэмҥэ диэри тыйаатыр 1960-с сылларга тутуллубут биир этээстээх мас эргэ дьиэҕэ үлэлии турбута. “Бүгүн, Саха АССР 100 сылыгар тыа сиригэр култуура бастыҥ эбийиэктэриттэн биирдэстэрин – Ньурба тыйаатырын дьиэтин арыйдыбыт. Бу улуус култуураҕа олоҕор эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ, дойдуга бэлиэ түгэн. Култуура уонна тыйаатыр искусствота – дьону өрүү сомоҕолуур, биһиги өрөспүүбүлүкэбит судургута суох да кэмнэргэ култуураны өйүүрэ уонна өйүө даҕаны. Ньурба тыйаатыра инникитин даҕаны айар ситиһиилэринэн үөрдэ турарыгар эрэллээхпин”, — диэн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев саҥа дьиэ аһыллыытын кэмигэр эттэ.
Саҥа дьиэ аһыллыытынан тыйаатыр артыыстара Саха АССР төрүттээччилэртэн биирдэстэригэр Степан Васильевка аналлаах, Э.Ф.Данилов пьесатынан “Несломленный духом Степан” испэктээги туруордулар.
Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан култуура саҥа дьиэлэрэ бөдөҥ куораттарга эрэ буолбакка, кыра нэһилиэнньэлээх пууннарга эмиэ тутуллалларын бэлиэтээтэ. Саҥа дьиэ тутуута болдьоҕор түмүктэммитинэн туттааччыларга махтанна. “Төһө да уустук кэмнэр, дьаҥ, хааччахтар буоллар, өрөспүүбүлүкэҕэ бу курдук бары тэрилинэн хааччыллыбыт аныгы эбийиэги үлэҕэ киллэрдигит”, — диэтэ.
Саҥа дьиэҕэ 250 киһи киирэр улахан саалалаах, аччыгый уонна эрэпэтииссийэлиир саалалардаах, аныгы тэрилинэн хааччыллыбыт уонна үлэлииргэ, айарга-тутарга барыта баар. Дьиэ таһын эмиэ тупсарбыттар.
Ньурба тыйаатырын 1966 сыллаахха Щепкин аатынан Москватааҕы тыйаатыр үрдүкү училищетын бүтэрбиттэр тэрийбиттэрэ. Бүгүн тыйаатырга Щепкин аатынан тыйаатыр училищетын, Уһук Илиҥҥи искусство институтун, Свердловскайдааҕы тыйаатыр институтун уонна Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай институтун бүтэрбиттэр үлэлииллэр. Ньурба тыйаатырын сыанатыгар 56 дьыл (сезон) тухары араас эрэгийиэн драматурдарын 200-тэн тахса испэктээгэ турбута. Тустаах тыйаатырга иккилии сыл буола-буола үгэскэ кубулуйбут “САТА” тыйаатыр кэлэктииптэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлин ыталлар.
СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Хаартыска: Андрей СОРОКИН (СИА).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: