Сунтаартан Монголияҕа саха атынан айанньыттар Бодойбо куоракка тиийдилэр
Сунтаар улууһуттан саха атынан Монголияҕа айаннаабыт Хадан нэһилиэгиттэн Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков Иркутскай уобалас Бодойбо куоратыгар тиийдилэр. Бу туһунан бүгүн айанньыттар ТГ-ханаалга иһитиннэрдилэр.
«Бодайбо куоракка кэллибит. Ардахтаах уонна тымныы. Бэҕэһээ үтүө дьон көмөтүнэн хонук сирбитин буллубут. Сүүрбэ күн айаннаатыбыт. Айаммыт 15 ый кэриҥэ курдук буолар», — диэн Роман Попов ТГ-ханаалга суруйар.
Санаттахха, бу сыл атырдьах ыйын 15 күнүгэр Сунтаар улууһуттан Хадан нэһилиэгиттэн Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков Монголияҕа туруммуттара. Улан-Баторга диэри саха атынан үс ый айаннаан тиийэллэрин былаанныыллар. Бу иннинэ Роман Попов, Геннадий Пустоляков уонна Аркадий Попов нэһилиэктэрин 125 сылыгар анаан 400 килэмиэтирдээх айаны 10 хонук иһигэр түмүктээбиттэрэ. Ону кытары биллибит Дугуйдан Винокуров айаныгар Ленскэй улууһугар диэри атаарбыттара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: