Сунтаартан Монголияҕа саха атынан айанньыттар Бодойбо куоракка тиийдилэр

Share

Сунтаар улууһуттан саха атынан Монголияҕа айаннаабыт Хадан нэһилиэгиттэн Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков  Иркутскай уобалас Бодойбо куоратыгар тиийдилэр. Бу туһунан бүгүн айанньыттар ТГ-ханаалга иһитиннэрдилэр.

«Бодайбо куоракка кэллибит. Ардахтаах уонна тымныы. Бэҕэһээ үтүө дьон көмөтүнэн хонук сирбитин буллубут. Сүүрбэ күн айаннаатыбыт. Айаммыт 15 ый кэриҥэ курдук буолар», — диэн Роман Попов ТГ-ханаалга суруйар.

Санаттахха, бу сыл атырдьах ыйын 15 күнүгэр Сунтаар улууһуттан  Хадан нэһилиэгиттэн Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков Монголияҕа туруммуттара. Улан-Баторга диэри саха атынан үс ый айаннаан тиийэллэрин былаанныыллар. Бу иннинэ Роман Попов, Геннадий Пустоляков уонна Аркадий Попов нэһилиэктэрин 125 сылыгар анаан 400 килэмиэтирдээх айаны 10 хонук иһигэр түмүктээбиттэрэ. Ону кытары биллибит Дугуйдан Винокуров айаныгар Ленскэй улууһугар диэри атаарбыттара.

What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

35 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

12 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

14 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

15 часов ago