Салгыы
САХА АВТОНОМИЯТЫН ҮӨЛЭЭННЭЭҔЭ

САХА АВТОНОМИЯТЫН ҮӨЛЭЭННЭЭҔЭ

Ааптар:
03.12.2022, 15:15
Бөлөххө киир:

Быйыл муус устар 18 күнүгэр таптыыр аҕабыт Михаил Степанович Николаев төрөөбүтэ 100 сыла буолла. Кини олоҕо, үлэтэ Саха сирин автономиятын кытта сибээстээх.

1922 с. Сунтаарга Хаҥалас (Кутана) нэһилиэгэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Холкуоска үлэлээн, 7 кы­­лаас үөрэхтэнээт, баартыйа чилиэ­нэ буолан, эдэриттэн араас эп­­пиэттээх үлэҕэ анаммыт. Аҕата Куллукалар уоллара – Афанасьев Степан Николаевич (Намнайык), ийэтэ Елена Николаевна. Бу ыаллар бастаан оҕоломмокко, Андрей диэн аймахтарын оҕотун ииппиттэр, онтон 3 оҕо төрүүр. Улаханнара Степан Степанович (1918-1967) сэбиэскэй-бартыы­йынай үлэһит, Сунтаарга баартыйа райкомун  2 сэкирэтээрэ, кэлин “Сталин суола” хаһыат эрэдээктэрэ. Иккис оҕо – Михаил Степанович, биһиги аҕабыт. Кыралара Фатима Степановна, Бүлүү педучилищетын бүтэрэн, начаалынай кылаас учуутала этэ, элбэх оҕолоох ийэ.

Оонньооботох оҕо саас

Михаил 7 саастааҕар Хаҥалас оскуолатыгар киирэр, 1934 с. бүтэрэр. Аҕата эрдэ суох буолан, холкуоска 3 сыл үлэлээбит. Үөрэҕин ситэрэн, Сунтаарга орто оскуола 7 кылааһын
1939 с. бүтэрэр. 1940-41 сс. Сунтаар райкомун техсэкирэтээринэн үлэлии сылдьан Күүкэй нэһилиэгэр райфинотделтан нолуок хомуйар ааҕынынан ананар. 1943-46 сс. райсовет исполкома Күүкэй, Сиэйэ (Бутукай) нэһилиэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн аныыр. Доруобуйата мөлтөөн аармыйаҕа ылбатахтарыттан хомойоро. Убайа Андрей Николаев (Күүстээх Ньукулаайап) аармыйаҕа бастакы хомуурга баран, Сталинград куорат көмүс­кэлигэр 1942 с. өлбүт. Көмүс уҥуо­ҕа куорат кылабыыһатыгар хараллан сытар.

Түмсүүнэн, сүбэнэн

Аҕабыт 21 саастааҕар Күүкэй, Сиэйэ исполкомун бэрэссэдээтэлинэн уоттаах сэрии бара турар кэмигэр, тыылга үлэлиир. Нэһилиэктэригэр аччыктааһын, өлүү-сүтүү тахсыбатах. “Бары түмсэн, сүбэнэн олорбуппут, былааны толорон, фроҥҥа көмөнү бириэ­мэтигэр оҥорорбут” диэн олохтоохтор ахталлара.

1946 с. Элгээйигэ Э.Тельман аатынан холкуоска бэрэссэдээ­тэллиир. 1948 с. Сунтаарга раймаслопром (кэлин мясомолкомбинат) иниспиэктэринэн ананар. 1950 с. бу тэрилтэтиттэн харыс да халбарыйбакка, управляющай, кэлин эт-үүт кэмбинээтин дириэк­тэринэн 1977 с. диэри үлэлээбитэ. Сунтаардааҕы эт-үүт кэмбинээтин аҕабыт 26 сыл салайбыта. Бу тэрилтэҕэ «улааппыт» буоламмыт, үлэлэрэ өйбүтүгэр хаалбыт. Тэрилтэҕэ ирдэбил үгүс буолара. Үлэ араас хайысхалааҕа. Сүрүннэрэ – сүөһүнү миэстэтигэр тутан, нэһилиэктэр буойуналарыгар астааһын, үүт тутан нэһилиэк­тэргэ арыы сыахтарыгар бородууксуйа оҥоруу, производствоны хааччыйыы, тэриллэри көрүү, оттук мас бэлэмнээһинэ, тиэ­йэр-таһар үлэлэр. Кэмбинээккэ үрдүк, орто үөрэхтээх исписэ­лиистэр үлэлээбиттэрэ. Дириэктэри солбуйааччы Иванов Г.Д., производство сэбиэдиссэйдэрэ Китаева М.Н., Жиркова Л.Ф. (кэлин дириэк­тэри солбуйаач­чы), Васильева О.Е., технологтар Алексеева П.В., Юшкова Е.И., ветврачтар Софронова И. (Ньурба кыыһа), Комарская Н.В., экэнэ­миистэр Попова К.В., Ангарская Л.Г., Иванова В.С., инженер-мэхээнньик Маркисеев Н.Г., буҕаалтырдар Тихонов Ф.И., Григорье-
ва А.И., Николаева Е.В., Дмит­риева С.Н., Тихонова А.Е., Попо-ва У.Д. Малышева У.Ф., Якоми-
на З.Е.

ЗИЛ, ГАЗ, Красный Чепель, Студебеккер, ГАЗ-66 массыыналар бааллара. Тиэ­хиньикэҕэ Яковлев П.С., Прокопьев Н., Саввинов К., Тимофеев М., Петров А. өр үлэлээбиттэрэ. Завхозтар Ананьев Н.К., Харитонов Н.Т., Егоров Н.И., куонньук Кириллин С., техүлэһит Андреева М.И.туруу үлэһиттэр. Сэкирэтээр-машинистканан Дубова С. үлэлиирэ.

Алмаас бырамыысыланнаһа тэриллиэҕиттэн, этинэн, үүтүнэн Сунтаар кэмбинээтэ хааччыйбыта. Нэһилиэктэргэ эт тутар приемщиктарынан Сунтаарга сэрии бэтэрээнэ, снайпер Федоров Г.К.,
Чолоев В.А., Маар Күөлгэ Яковлев С.Н., Элгээйигэ Захаров В., Күндэйэҕэ Степанов Н.Г., Сиэйэҕэ Саввинов Н.И., Тарая­-
ров С.П. сопхуостан сүөһүнү тыыннаахтыы тутан, аһатан, убойдаан үтүө суобастаахтык  үлэлээн, Сунтаар этинэн Өлүөхүмэни, Мииринэйи, Удачнайы, Ленскэйи, Дьокуускайы хааччыйан олорбуттара. Мииринэй ОРС кыһыны быһа тиэйэрэ.

1965 с. Сунтаардааҕы эт-үүт кэмбинээтэ Мииринэйгэ үүт собуо­тун аспыта. Бүлүү ГЭС аһылларыгар бастакы үүт собуо­тун Чернышевскай бөһүөлэгэр эмиэ аспыттара. Онно мантан үлэһиттэр көмөлөһө бараллара. Маастар, лабараан нуучча кыргыттара отчуоттуу кэлэн, ый аайы Сунтаарга биһиэхэ тү­­һэллэрэ. Бородууксуйаларын илдьэ кэлбиттэрин амсайан турабыт. Мороженай оҥорбуттара минньигэс да этэ! Сопхуостар оҥорон таһаарыылара элбээн, кииннэригэр, улахан нэһилиэктэргэ арыы собуоттара аһыллыбыттара. Манна арыыны, үрүҥ аһы, иэдьэгэйгэ, хайахха, кэпииргэ тиийэ оҥороллоро. Сунтаарга үүт собуо­тун маастардара Иванова Ф.Н.,  Иванова Л.Е., Бордоҥҥо Павло-ва А.П., Күндэйэҕэ Константи-нов В.И., Кутанаҕа Федорова Ф.Е., Маар Күөлгэ Федоров С.В., Тойбохойго Тотонова К.Е., Уһун Күөлгэ Попов С.Т., Элгээйигэ Иванов М. бастыҥ үлэлээхтэрэ.

Кэнники сопхуостар тэриллэннэр, оҥорор бородуксууйа эл­­биир. Астаан таһаарыы тэрилтэтин үлэтэ – былаан толоруута, хаачыс­тыбаны үрдэтии. Аҕабыт сопхуос­тар салалталарын кытта биир сүбэнэн үлэлээбиттэрэ.  Ленин уордьаннаах «Элгээйи» сопхуос дириэктэрдэрэ  Журавлев С.М, Павлов Н.Н., «Той-бохой» дириэктэрэ Николаев В.А.,
«Бордоҥҥо» Семенов С.А., Оси­пов Н.Д. – уо.д.а. аҕабыт ытыктыыр табаарыс­тара этилэр.

Кэмбинээккэ эт, үүт аска, ассортимены элбэтиигэ, хаачыс­тыба тупсуутун быһаарарга материальнай баазаны бөҕөргөтүү улахан оруоллааҕа. Бу ха­­йысхаҕа элбэх үлэ ыытыллыбыта. Сэпэрээтэрдэр, пастеризатордар, үүт сойутар тэриллэр атыылаһыллыбыттара. Үүт, арыы собуот­тара, сыахтара саҥардыллыбыттара, хонтуора дьиэтэ, үлэһиттэр уопсайдара тутуллубуттара. Тэрилтэ барыһын суотугар Уһун Күөл, Бордоҥ, Күндэйэ, Сиэйэ арыы собуоттара, 100 т Крылов ньыматынан булуус, Элгээйигэ, Сунтаарга механизация аҥаар­даах сүөһүнү астыыр буойуналар үлэҕэ киирбиттэрэ. Үгүс эбийиэктэргэ уотунан ититиини мэхээнньик Маркисеев Н.Г. киллэртээн, үлэлиир усулуобуйа, санитарнай турук тупсубута.

Бары үлэҕэ олус  түмсүүлээхтэрэ, араас субуотунньуктарга, сынньалаҥҥа  күргүөмүнэн тахсаллара. Сир аһыгар, куска, муҥхаҕа оҕолорун, кэргэннэрин илдьэ сылдьаллара.

Биһиэхэ холобур буолар

Бииргэ үлэлээбит дьоно кэпсииллэринэн, аҕабыт көнө майгылаах, саҥаны олоххо киллэрэн иһэр, ирдэбиллээх салайаач­чы. Үлэһиттэр туох кыһалҕалаах буол­лулар да, түүн-күнүс дьиэбитигэр кэлэллэрэ. Кэлэктиип таһаа­рыылаахтык үлэлээн, былааны толорон социа­листическай куоталаһыыга кыа­йан Саха АССР, ССРС Знамятын ылбыттара. Аҕабыт «1941-45сс.
Аҕа дойду сэриитигэр кил­биэннээх үлэ иһин» мэтээ­линэн 13.08.1946 с. наҕараадаламмыт. 1972 с. Саха АССР Президиумун уурааҕынан  “Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ” аат иҥэриллибитэ. 1974 с. “Үлэ Кыһыл Знамята” уордьанынан наҕараадаламмыта.

Дьиэбитигэр ыалдьыт толору буолара. Хаҥаластан төрүттээхтэр,  кутаналар биһиэхэ хоноллоро. Үҥкүүһүт Маарыйа, Дьэбдьиин Уола-Федоров Г.Е., Иванов Г.Я., Андреев Н.И., Алексеев Н.И. киһи сэргээн истэр сэһэннээх буолаач­чылар. Аҕабыт тиэхиньикэҕэ олус сыстаҕас этэ, «Ирбит» матасыыкыллаах, “ГАЗ-69” массыына­лаах, мотуоркалаах этэ, биһигини илдьэ сылдьан сир астыырын, балыктыырын сөбүлүүрэ. Сиэйэҕэ табаарыһа Саввинов Николайга, Тараяров Степаҥҥа саас бултуур тэрилин таһааран кустуура, күһүн тайахха сылдьаллара.

Ийэбит Николаева Екатерина Васильевналыын 1954 с. ыал буолан, 4 оҕону төрөтөн, ик­­киэн ийэлэрин, балтыларын кытта дьоллоох­тук олорбуттара. Хомолтолооҕо диэн, аҕабыт оҕолоро үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, үлэһит буолалларын көрбөккө, 1977 с. 55 эрэ сааһыгар бу олохтон барбыта.  Дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээбит, үлэҕэ-хамнаска үөрэтэн, эппиэттээх, кыһамньылаах буоларга уһуйбут тапталлаах аҕабыт Михаил Степанович олорбут олоҕо, та­­һаарыылаах үлэтэ биһиэхэ холобур буолар. Кининэн бары киэн туттабыт. Аҕабыт олоҕо барыта – Саха Автономията ылыллан үлэһит дьон олоҕун уйгута тупсарыгар, сайдарыгар оҥорбут улуу дьыалатын туоһута.

Кыргыттара Елена, Нина, Надежда.

 Сунтаар, Санкт-Петербург.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: