Төрөөбүт Ийэ тылбыт тыыннаах хааларыгар, бэчээт эйгэтэ: улуустар, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттара, сурунааллара сайдалларыгар, кинигэ бэчээттэниитэ кэҥииригэр, Саха сиригэр араадьыйа, тэлэбиидэнньэ, интэриниэт сайдыы саҥа таһымыгар тахсалларыгар ааспыт үйэ 90-с, үүммүт үйэ бастакы сылларыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтата сөптөөх, толкуйдаммыт бэлиитикэни ыыппытын билиммэт буолар табыллыбат.
Ол да иһин, сахалыы бэчээт баччааҥҥа диэри тыыннаах, саха тыла чөл туруктаах, сонуннары киэҥник тарҕатар электроннай сириэстибэлэр күүскэ, киэҥ далааһыннаахтык сайдаллар.
“Итиниэхэ мин дьоһун кылаатым эмиэ баар”,-– өрөспүүбүлүкэ сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэрин ситимигэр, бэчээтин эйгэтигэр тэрийээччи, салайааччы быһыытынан олоҕун отучча сылын анаабыт, үлэлээбит-хамсаабыт, 1999-2014 сылларга өрөспүүбүлүкэ Бэчээтин департаменын салайааччы, 2014-2019 сылларга “Сахабэчээт” судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэ сүрүн дириэктэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Ф.П.Пестряков итинник этэр толору бырааптаах. Бу күннэргэ Филипп Петрович, эрчимнээх эдэр сааһыгар спортсмен, өрөспүүбүлүкэ биир күүстээх хайыһардьыта, өссө да сэргэх, эрэх-турах сылдьан эмэн сааһын аҥаарын этэҥҥэ көөрөтөн, 75 сааһын туолла.
– Саха Өрөспүүбүлүкэтин биир уустук эйгэтин салайааччытынан үлэлээбит сылларбар саха бэчээтэ сайдарын, туруктаах буоларын туһугар уустук, суолталаах, мөккүөрдээх даҕаны кэпсэтиһиилэри ыытарым. Бэрэсидьиэн ыйаахтарын, бырабыыталыстыба уураахтарын, дьаһалларын, тус сыаллаах бырагыраамалары бэлэмнээһиҥҥэ элбэхтик кыттыбытым, – сырылатар-сырбатар өҥүрүк куйааска үҥкүүһүт хатыҥнар абыраллаах күлүктэригэр хаххаланан олорон сөрүүн быыппаҕы ыйырбахтыы-ыйырбахтыы сэһэргэһэбит.
– 30 саастаахпар Амма оройуонун Соморсун орто оскуолатын дириэктэринэн анаммытым. Ол кэмтэн ылата 40 сыл устата “бартыбыаллаах”, үксүгэр кырыылаах бүрүүкэни, сырдык ырбаахыны кэппит, хаалтыс бааммыт салайааччы олоҕунан олордум. Эр киһи инникитин, кини карьератын кэргэнэ оҥорор. Хайдахтаах да эр бэрдэ дьиэтигэр-уотугар өйөбүлэ суох буоллаҕына, үлэтигэр, олоҕор үрдүк ситиһиилэммэт. Тапталлаах кэргэмминээн, олоҕум эрэллээх аргыһынаан – Любовь Николаевналыын иккиэн Арыылаахтарбыт. Мин Уус Алдантан, кини Чурапчыттан төрүттээхпит. Иккиэйэх бэйэбит үс оҕолонон, 20-тэн тахса сиэннэрдэнэн, хос сиэннэрдэнэн улахан, арыы-сыа далбардаах дьоллоох дьиэ кэргэн буоллубут. Түмүстэхпитинэ, күн-ый дьоммут иннигэр-кэннигэр бытырыыстана, иилэҥкэйдэһэ сылдьалларыттан ордук дьол баар үһүө! Бу Орто дойдуга оҕолор, сиэннэр баалларын тухары биһиги олохпут салҕанар.
Ол мин 75 сааһым диэн, кэргэмминээн, Любовь Николаевналыын бэйэ-бэйэбитин өйөнсөн, харыстаһан олорбуппут 55 сыла туолла. Быйылгы сыл – Дьиэ кэргэн сыла. Онон бу түгэммитин халыҥ аймах хаан-уруу дьоммут, доҕоттор мустан бэлиэтиир былааннаахпыт. Ситигирдик.
Олохпут тутулун түҥнэри эргиппит 90-с, 2000 аҥаат-муҥаат сыллартан Саха Өрөспүүбүлүкэтин иһитиннэрэр-биллэрэр ситимнэрин, бэчээтин тыыннаах хаалларан саҥалыы өйүнэн-санаанан уларытыыга-тэлэритиигэ, хаттаан тэрийиигэ, бу салаалары атахтарыгар туруорууга үйэ чиэппэриттэн ордук кэмҥэ быһаччы ылсан үлэлэспит салайааччы Филипп Петрович Пестряковтан суруналыыс, хаһыатчыт аймаҕы, дьону-сэргэни долгутар саха бэчээтин, төрөөбүт тылбыт инники дьылҕаларын туһунан санаатын үллэстэригэр көрдөстүбүт.
– Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С.Николаев 2020 сыл олунньу 13 күнүгэр, Төрөөбүт тыл уонна сурук- бичик күнүгэр, 1007 № – дээх Ыйаахха илии баттаан, сыл аайы от ыйын саҥатыгар бэлиэтэнэр Нассынаалынай бэчээт күнүн бигэргэппитэ. Онон Саха сирин олохтоохторо дьоһуннук, өрө көтөҕүллэн туран бэлиэтиир Төрөөбүт тыл, сурук-бичик, Бэчээт күннэннибит! Силигэ ситтэ. Тыл, сурук-бичик, бэчээт сайдара мэктиэлэннэ. Бу норуот инникитин быһаарар күннэргэ туох суолтаны биэрэрбититтэн, хайдах сыһыаннаһарбытыттан тылбыт чөл хаалара, бэчээт сайдара улахан тутулуктаах.
Биллэн турар, Нассынаалынай бэчээт күнэ Сахабыт сиригэр олорор норуоттарга эмиэ сыһыаннааҕа өйдөнөр. Мин тус бэйэм саха буоларбынан, сахалыы тылынан санаабын сайа этэрбинэн, сахалыы көҥүллүк суруйарбынан киэн туттабын. Тапталлаах бэйээппит Семен Данилов эппитинии, мин сахабын, мин ырыам сахалыы сатарыыр, баай тыл – мин тылым! Ийэм үүтүн кытта иҥэриммит сахам тыла – мин уратым, мин туспа омук буоларым туоһута. Тыла суох – норуот суох. Тыла суох норуот кэхтэр. Ол аата саха бэчээтэ салгыы сайдарын туһугар, бастатан туран, саха тыла тыыннаах, чөл туруктаах буоларын ситиһиэхтээхпит. “В начале было Слово” – Таҥара суругун (Евангелие) бастакы устуруоката…
Манна киһи эбэн этэрэ суох! Ити ирдэбил сүрүн сорук быһыытынан туруохтаах. Тарбахтан эмэр, бэлэсипиэти хаттаан айа сатыыр наадата суох. Үлэ ыытыллыбат буолбатах, үлүгэрдээх үтүмэн үлэ ыытыллар, ыытыллыа да турдаҕа! Тыллар кыһалҕаларынан дьарыктанар кыахтаах институттар, муҥутуур билиилээх үөрэхтээхтэр, былаас тиһигэ (Тыл бэлиитикэтигэр кэмитиэт), анал бырагыраамалар, уопсастыбаннай тэрилтэлэр, хамсааһыннар бааллар. Кинилэр сөбүгэр үбүлэнэн, баар кыахтарын толору туһанан үлэлииллэрэ ситиһиллиэхтээх. Ураты болҕомто, мин санаабар, араадьыйанан уонна тэлэбиидэнньэнэн биэриилэргэ ууруллара наада. Тоҕо диэтэххэ, бу электроннай сириэстибэлэр дьон өйүгэр-санаатыгар, тылыгар-өһүгэр, саҥатыгар дьайыылара муҥутуур күүстээх. Саҥа тыл эмчиттэрэ – аныгы Дапсылар, Багдарыын Сүлбэлэр, Тамара Петровалар, Санаайалар о.д.а наадалар. Араадьыйа, тэлэбиидэнньэ көмөлөрүнэн үрүйэ уутунуу дьэҥкир ыраас сахалыы саҥа куйаарга тарҕаныахтаах…
Ийэ тылбытын кэлэр көлүөнэлэргэ, ыччат дьоммутугар тыыннаах хааллардахпытына, үйэлэргэ өлбөт-сүппэт айымньылар суруллуохтара. Суруллубут – суоруллубат. Аныгы сайдыылаах үйэҕэ айымньылар бэчээттэнэн, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ көһөҥө баай буолан бэриллиэхтэрэ диэн эрэнэбин. Олох инники диэки хардыылаан истэҕин аайы, технология киһи сөҕүөн курдук тэтиминэн сайдар. Сонуннары олус түргэнник уонна киэҥник тарҕатар ситим ооҕуй оҕус илиминии Аан дойдуну саба бүрүйдэ.
Тылбыт чөл буоларын хааччыйыахтаах бигэргэммит былааннары, бырагыраамалары олоххо киллэрэргэ, биллэн турар, кыахтаах, баҕалаах каадырдар наадалара өйдөнөр. Сахалыы тылынан тахсар сурунааллар, хаһыаттар эрэдээктэрдэрин, бэчээт эйгэтин тэрилтэлэрин салайааччыларын сүүмэрдээһин, анааһын болҕомто киинигэр тутуллуохтаах.
Мин, уһуннук бэчээт эйгэтин салайбыт, олоҕум үтүө сылларын анаабыт эмэн саастаах киһи ытыктыыр ааҕааччыларбар тиэрдэр түмүк санааларым итинниктэр. Бэчээт эйгэтигэр бүгүҥҥү баар балаһыанньаны уонна инники сайдыыны дьүөрэлии туттахха, хаһыаттар уонна сурунааллар салгыы тахса туруохтара диэн эрэлбин сүтэрбэппин. Саха бэчээтэ – сарсыҥҥылаах! Салгыы сайдар кыахтаах!
ИВАН КСЕНОФОНТОВ-СИЛИГИ.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…