Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас «Чолбон» сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ:
Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын көрсө бэрэссэдээтэл Гаврил Андросов, норуот суруйааччылара Николай Лугинов, Наталья Харлампьева, Сэмэн Тумат, Ойуку, Тумарча, Куорсуннаах уонна дьүкээгир суруйааччыта Николай Курилов кичэмэ санааларын, Азербайджантан, Татарстантан, Москваттан уонна Саха сириттэн эҕэрдэлэри;
— Константин Эверстов «Сэргэлээххэ сэргэх күннэр» романын салгыытыгар сэбиэскэй кэм урусхалланыытынустудьуон хараҕынан ойуулуурун;
— Саха Бианкитынан ааттаммыт оҕо суруйааччыта Василий Тарабукин «Көтөрдөр тустарынан» соһуччубэлиэтээһиннэрдээх тэттик кэпсээннэрин;
— Өрөбөлүүссүйэ, сэбиэскэй былаас, комсомол туһунантуойбут саха бастакы норуодунай поэта СерафимКулачиков—Эллэй төрөөбүтэ 120 сылынан кини айарүлэтигэр сэдэхтик көстөр лирикатын;
— Зинаида Архипова «Күөххэ күөҕү сирийэ, сөрүө өрөр сирийэ…» хоһооннорун бөлөҕөр саха аныгы дьахтара дьолукөрдүүр уран тылларын;
— Харыйалаах Уола «Кыараҕас халлааҥҥа күн ыйдыынкөрсүбэт, хаһан да…» хоһооннорун бөлөҕөр эр киһииэйиилэрин;
— Чуваш эдэр суруйааччыта Дмитрий Моисеев өтө көрөрдьоҕурдаах оҕо туһунан «Баһаар кэнниттэн» кэпсээнинЛилия Иванова тылбааһыгар;
— Ленскэй куоракка олорор нуучча суруйааччыта МихаилСиванков көмүстээх Алдан дьикти дьылҕалаахолохтоохторун туһунан «Ирдэбил» кэпсээнин Анастасия Еремеева тылбааһыгар;
— Россия Геройа буолбут Родимир Максимов хорсунбыһыытын хроникатын туһунан Александр Седалищев«Бурхаат» уочаркатын;
— Быйыл 95 сааһыгар суох буолбут, тыыннааҕар сахасуруналыыстыкатын классига дэммит Дмитрий Васильевич Кустуров туһунан Иван Ксенофонтов-Силиги ыстатыйатын;
— Поэт Зинаида Архипова хоһоонноро тоҕо «көҕүстэрикэҥэтэллэрин, олохтору чэпчэтэллэрин» туһунан кириитик Ольга Макарова ырытыытын;
— Тимофей Сметанин үйэлээх «Күөрэгэй» остуоруйатын.
Күн сири, «Чолбон» саханы сырдатар!
Алгыһы кытта «Чолбон» сурунаал.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…