«САХА БООТУРДАРЫГАР КӨМӨБҮТ — ИЙЭ ТЫЛБЫТ АЛГЫҺА»

Share

П.Д. Аввакумов аатынан киин бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ, уопсастыбаннай сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, бырайыак ааптара Лена Саввинова уопсастыбаннай добровольческай ыстаапка байыаннай хомуурга барбыт биир дойдулаахтарбытыгар ыытарга алгыстаах хоһооннордоох блокнот- хомуруунньугу туттарда.

Төрөөбүт тыллаах киһи ийэ куттаах, бигэ тирэхтээх. Горнай улууһугар П.Д.Аввакумов аатынан киин бибилэтиэкэ өрөспүүбүлүкэ айар дьонугар «САХА БООТУРДАРЫГАР КӨМӨБҮТ — ИЙЭ ТЫЛБЫТ АЛГЫҺА» ыҥырыы биллэрбитэ.

Ыҥырыыга 10 улуустан — Горнайтан, Абыйтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Сунтаартан, Уус Алдантан, Бүлүүттэн, Амматтан, Намтан, Тааттаттан, Кэбээйиттэн уонна Дьокуускай куораттан кыттыстылар.

Аҕа дойдубут көмүскэлигэр атаарбыт саха хорсун уолаттарбытыгар күүс-күдэх биэрэр, модун санааны саҕар алгыс тыллары бар дьоммут күн аайы ыыталлар. Айымньылар П.Д.Аввакумов аатынан киин бибилэтиэкэ социальнай ситимигэр тутатына тахсыбыттара: телеграм (https://t.me/berlib22 ), Вконтакте (https://vk.com/gornylibrary).

«ОФСЕТ» ХЭТ (генеральнай дириэктэр Скобелева Дария Николаевна) спонсорскай көмөнү оҥорон, алгыс хоһооннор хомуурунньук-блокнот буолан 500 ахсаанынан бэчээттэнэн таҕыстылар. «Азубка» ХЭТ (генеральнай дириэктэр Семенова Нина Васильевна) 500 устуука харандаас биэрдэ.

Бырайыагы өйөөбүт спонсордарбытыгар, кыттыбыт айар талааннаах ааптардарбытыгар махтанабыт!

П.Д.Аввакумов аатынан киин бибилэтиэкэ,

Горнай.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

9 часов ago