Саха буолан сандаарыах!

Саха буолан сандаарыах!

24.11.2022, 23:03
Бөлөххө киир:

Омук тыла, култуурата баарын тухары – омук баар. Бу санаанан салайтаран, саха билиҥҥи көлүөнэтэ – араас эйгэҕэ үлэлии-хамсыы сылдьар дьон бэйэбит кыахпытынан кылааппытын киллэрсэбит. Киһи киһи быһыытынан укулаата кыра сааһыгар ууруллар диэн педагогика, уйулҕа билимнэрэ этэллэр. Ол эбэтэр оҕо бу сааһыгар төрөөбүт тылын сүмэһинин, норуотун култууратын билэн, этигэр-хааныгар иҥэрдэҕинэ ордук суолталаах, дьайыылаах.

Оҕону 7 сааһыгар диэри иитии-сайыннарыы уһуйааннарга барарынан, оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору иитэр педагогтарга улахан эппиэтинэс сүктэриллэрин биһиги толору өйдүүбүт. Кэм ирдэбилигэр сөп түбэһэр үлэни-хайысханы тобуларга, тэрийэргэ дьулуһабыт.

Саха тыллаах түөлбэлээн, тоҕуоруһан олорор Дьокуускай куораппытыгар оскуола иннинээҕи саастаах оҕону иитэр-үөрэтэр үс толору сахалыы тэрилтэ баарыттан биирдэстэрэ Елизавета Георгиевна Корнилова аатын сүгэр 51-с нүөмэрдээх “Кэскил” уһуйаан буолар. Сайсары уокуругар 1962 сыллаахха арыллан, 1971 сылтан сахалыы үлэлээн кэллэ. Анастасия Михайловна Лазарева сэбиэдиссэйинэн үлэлиир сылларыгар хас да төгүл социалистическай күрэхтэһии кыайыылаахтарынан тахсан, кэлэктиип көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамяны букатыннаахтык хаалларар чиэскэ тиксибитэ. ССРС Үөрэҕин министиэрстибэтиттэн билим үлэһитэ Бажанова Екатерина Николаевна кэлэ сылдьан, уһуйаан үлэтин биһирээн «Дошкольное воспитание» сурунаалга сырдатан турардаах. Ити сыллартан сайыны көрсө сылын ахсын сахалыы сиэри-туому тутуһан, уһуйаан иһинэн оҕо ыһыаҕын  ыһар үгэс олохтоммута.

Төһө даҕаны кыра мас дьиэлэргэ үлэлээтэрбит оҕолуун, төрөппүттүүн, үлэһиттэрдиин биир санаанан иллээхтик-эйэлээхтик саҥаттан саҥаны айан-тутан улахан дьиэ кэргэн курдук этибит. Тымныы дьиэбит сылаас сыһыанынан, өйдөһүүнэн, оҕолор тустарыгар үлэнэн үлүһүйүүнэн өрүү толору буолара. 2003 сылтан педагогика билимин хандьыдаата Ольга Иннокентьевна Михалева салайыытынан, оҕону култуураны айан таһаарааччы быһыытынан көрөн, куорат таһымнаах экспериментальнай былаһаакка буолан, салгыы сайыннаран, иккис бырайыакпытын көмүскээн, инновационнай үлэ күөстүү оргуйбута.

2006 сылтан кэлэктиип бырайыагынан үлэлээһини киллэрэн саҥа сүүрээн буолбута. 2012 сыллаахха өр сылларга туруорсубут, баҕа санаа оҥостубут аныгылыы, толору хааччыллыылаах дьиэбит үлэҕэ киирбитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан истиин-тастыын сахалыы дизайннаах, ирдэбилгэ толору эппиэттиир хааччыллыылаах дьиэ 400-чэкэ оҕоҕо аанын тэлэйэ аспыта. Оччолорго куорат аҕа баһылыга Айсен Сергеевич Николаев быһаччы хонтуруолунан тутуу хаачыстыбалаахтык уонна биһиги баҕабыт барыта болҕомтоҕо ылыллан олоххо киирбитэ.

Саҥа уһуйааммытыгар киирэн баран 2013 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр, Дьокуускай куоракка национальнай уһуйааны бастакынан аспыт, бастакы саха уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Елизавета Георгиевна Корнилова аатын сүкпүппүт. 2014 сылга үлэбит түмүгүнэн Өрөспүүбүлүкэҕэ уһуйааннартан бастакынан ЮНЕСКО ситимигэр киирэн, үлэбит өссө күүскэ тэтимирэн, саҥа хайысхалары тобулан, кэлэктиип биир санаанан үлэлии сылдьар. Оҕо оонньоон сайдар диэн санааттан кэнники сылларга норуот педагогикатыгар олоҕуран, саҥалыы көрүүлээх оҕо сайдар эйгэтин тэрийиигэ бырайыак оҥорон олоххо киллэрдибит. Бу бырайыакпыт иитэр-үөрэтэр үлэҕэ кыттааччылары бииргэ түмэн 2017 сыллаахха «Кэскил оонньуур эйгэтэ” мэтэдиичэскэй босуобуйа буолан икки тылынан тахсыбыта. Хас биирдии үөрэх тэрилтэтэ оҕолору сайыннарыыга, үөрэтиигэ саҥа суоллары тобуларга үлэлэһэр. Ол курдук, 2016 сылтан уолу кыыһы айылҕатынан иитиигэ кэтээн көрөн чинчийэр үлэни саҕалаабыппыт. Бу үлэбит саха норуота мындыр сиэрдээх быһыытыгар, сатабылыгар, үтүө майгытыгар олоҕурбут норуот педагогикатыгар тирэҕирэн барар. Манан сиэттэрэн дьыл эргииринэн саха  норуотун төрүт дьарыктарын: балыктааһыны, сылгыны иитиини, сүөһүнү көрүүнү уо.д.а. оҕолорго оонньуу быһыытынан  араас ньыманан киллэрэн билиһиннэрэбит.

Билиҥҥи туругунан алта гендернэй бөлөх үлэлии олорор. Бу үлэбит түмүгүнэн билимҥэ салайааччыбыт педагогика билимин хандьыдаата, педагогика институтун дассыана Мария Ивановна Баишева көҕүлээһининэн методическай босуобуйаҕа 2021 сыллаахха тиһиллибитэ.

Дьиэ кэргэн, ыал – ийэ тыл биһигэ буолар. Төрөппүттэрбит ортолоругар төрөөбүт тылы оҕоҕо  иҥэриигэ, тыл суолтатын, ураты күүһүн өйдөтүүгэ араас хабааннаах үлэлэр ыытыллаллар. Маныаха уһуйаан иһинэн тэриллибит «Ийэ-аҕа», «Эһэ-эбэ» сүбэтэ бастакы көмөлөһөөччүлэрбит, олохсуйбут үгэстэрбитин салҕааччыларбыт.

2012 сылга Дьокуускай куоракка сахалыы тыллаах кылаастары, бөлөхтөрү элбэтэргэ, иитии-үөрэтии ис хоһоонун саҥардыыга анал бырагыраама ылыллан үлэлээн барбыта. Бу кэрдиис кэмҥэ сахалыы кылаас да элбээбитэ, бөлөхтөр да арыллыбыттара. Үөрэтии ис хоһоонун тупсарыыга элбэх үлэ саҕаламмыта. Үөрэх салаатын салайааччытын солбуйааччы Ирина Павловна Любимова оскуолаларга, уһуйааннарга педагогтар сэбиэттэрин, мунньахтары тэрийэн, баар балаһыанньаны билсиһэн, өйдөтүү, быһаарыы бөҕөтүн ыытан эбии сахалыы кылаастар арыллалларын ситиспитэ, үлэ ис хоһоонугар саҥа ирдэбиллэри туруорбута. Бу хамсааһынтан сиэттэрэн 2013 сыллаахха Дьокуускай куорат оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕону иитэр-сайыннарар уһуйааннарын педагогтара Ассоциация тэринэммит, методическай үлэҕэ бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэр сыаллаах-соруктаах үлэбитин “Кэскилгэ” кииннэнэн саҕалаабыппыт. Үлэ ис хоһооно иитээччилэр туохха ордук наадыйалларын, ыарырҕаталларын ыйытыгынан үөрэтэн көрүүттэн тахсар. Ассоциация тэрийиитинэн кэм ирдэбилигэр сөп түбэһэр үлэ былаанын (календарнай, перспективнай) аттарыыга, кырааматаҕа оҕону уһуйууга, улуустар үлэлэрин уопутун кытары билсиһии, оҕо сайдар эйгэтин уһуйааҥҥа тэрийиини көрүү, маастар-кылаастар, оҕолорго бырайыак көмүскээһинин көрүү курдук үлэлэр буолаллар. Бары дьаһалларбытыгар сахалыы тылынан иитэн-үөрэтэн олорор куорат уһуйааннара сүрүн төһүү буолаллар, ол курдук “Кэскил”, “Кэрэчээнэ”, “Мичээр”, “Туллукчаан”, “Парус”, “Колокольчик”, “Светлячок”, “Кустук”, “Остров сокровищ”, “Родничок”, “Катюша”, “Радуга”, “Умка” уо.д.а. Барыта 181 сахалыы бөлөххө 6089 оҕо иитиллэр. Баай практическай уопуттаах иитээччилэр иитэр-сайыннарар үлэни түмүүгэ, тарҕатыыга, эдэр көлүөнэ педагогтары уһуйууга улахан тирэхпитинэн буолаллар. Хас уһуйаан ахсын идэлэригэр бэриниилээх, айымньылаах, саха норуотун кэскилэ – ыччаттарбыт сайдыыларыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрэ сылдьар педагогтар бааллара киһини үөрдэр, астыннарар. Биһиги Ассоциациябыт үлэтин түмүгүнэн Үөрэх управлениетын иһинэн тахсыбыт «Уһуйууга оҥкуллар»  босуобуйалар көрүүлэрин хомуурунньугун 2015 с., И.И.Каратаев «Оҕону чуолкайдык саҥарарга үөрэтии уонна сурукка үөрэнэргэ бэлэмнээһин» босуобуйатын үһүс саҥардыллан таһаарыытын 2019 с., уус-уран ааҕыыга төрөппүккэ, иитээччигэ туһуламмыт «Айар» кинигэ кыһатыгар тахсыбыт «Ааҕар кинигэ» бастакы (2018 с.), иккис (2020 с.) чаастарын, тахсаары турар үһүс чааһын көрүөххэ сөп.

Хомойуох иһин, күн бүгүн оҕолорбут үгүстэрэ олус хойут тылланалларын – саҥаралларын ааһан, нууччалыы тылланар буолбуттара куорат да, тыа даҕаны сиригэр кими да соһуппат буолла. Төрүөтүн бары билэ сылдьабыт – ойуулук, куйаар ситимин содуллара, ону тэҥэ, дьиэ кэргэн иһигэр оҕону кытта нууччалыы кэпсэтии. Онон төрөппүтү кытта үлэ барара олох ирдэбилэ буолла. Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар бу күн, бүгүн үлэлии-хамсыы, дьиэ-уот тэринэ, оҕо төрөтө сылдьар көлүөнэни сахалыы өйгө-санааҕа иитэр сыал-сорук туруон наада. Маннык үлэ барбатаҕына төрөппүт оҕотун нуучча кылааһыгар, уһуйааныгар биэрэ туруо, бэйэтэ атын култуураҕа охто туруо.

Саха тылын учууталларын иккис сийиэһигэр Үөрэх уонна билим министиэристибэтин дьаһалынан хамыыһыйаҕа киирэн үлэлии сылдьабыт. Киэҥ дьүүллэһиилээх кэнсиэпсийэ суруллан, этиилэрэ олоххо киирэн, иитиибит эйгэтигэр уларыйыы тахсарыгар эрэнэбит.

Саха кэнчээри ыччатын көмүс ньээкэ уйата буолбут Дьокуускайдааҕы «Кэскил» уһуйаан 60 сыллаах үбүлүөйүн, сийиэһи далааһыннаах үлэлээх-хамнастаах, кэккэ ситиһиилэрдээх көрсөр, тыл тыыннаах буоларын туһугар бэйэтин сэмэй кылаатын киллэрэр, сылтан сыл иитиллээччилэрин көччөх гынан көтүтэр! Саха буолан сандаарыҥ, киһи буолан килбэйиҥ диэн алгыы хаалар.

Захарова Сардана Михайловна,

“Кэскил” уһуйаан сэбиэдиссэйэ, Дьокуускай куорат оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕону иитэр-сайыннарар уһуйааннарын педагогтарын Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -4°Влажность: 93% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: