Саха быһаҕа эргинэр мал буолбатах!

Share

Саха быһаҕа – былыр-былыргыттан саха эр киһитин күннээҕи олоххо-дьаһахха, булка-алка туттар сүрүн тэрилэ буолар. Билигин, байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан, саха эр дьоно илиилэриттэн араарбат кыыннаах быһахтара дойдуларын кытта ситимнэрин туоһулуур.

Саха быһаҕын туһунан оннооҕор Арассыыйа сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэригэр кэпсиир, суруйар буол­лулар. Ол түмүгэр, билигин сэҥээрээччи үгүс. Ханна интэриэс баар да, онно харчы хамсыыр. Харчы туһуттан сымы­йанан саха быһаҕа диэн  аат­таан, оннооҕор маркетплейстарга (вайлдберриз, озон, …)  чэпчэки сыанаҕа атыылыыр буолбуттар.

Хаартыска: СИА

Саха быһаҕын кистэлэҥэ

Саха быһаҕа – норуот үйэттэн-үйэҕэ илдьэ кэлбит сүрүн тэрилэ. Үгүс үһүйээннэрдээх, номохтордоох. Саха норуота тимири уһааран быһах, үҥүү, батас оҥороро. Өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит сахабыт быһаҕын суон сураҕа киэҥ сиринэн тилийэ көтөн, саха быһаҕа диэн ааттаан, сымыйа да быһахтары атыылыыр түгэннэрэ саха дьонун долгутар. Оттон саха кыыннаах быһаҕын кистэлэҥэ, кини уратыта  туохханый?

Былыргыттан ойуун уус кыһатыттан куттанар диэн номох баар. Уус кыһатын уота сардырҕаан, ойуун хараҕын уотун баһыйара үһү диэн кэпсииллэрэ. Ол да иһин онноо­ҕор уус ойоҕо ойуун ойоҕунааҕар таһыма үрдүк буолара эбитэ үһү. Саха быһаҕар сыһыаннаах сиэр-туом элбэх. Ол курдук, быһах бэлэхтэппит киһи хайаан да тимир харчыны утары уунуохтаах. Кыыннаах быһаҕы суолтан булуу куһаҕан. Өбүгэлэрбит сиргэ сытары хаһан даҕаны ылбаттара үһү.

Саха быһаҕа сири, уоту, ууну кытта ыкса ситимнээх. Быһах тимирэ уһаарыллар кэмигэр кини ураты тыыннанар. Оннооҕор уустар бэйэлэрэ бэлиэтииллэринэн, саха быһаҕа хайдах, туох киһиэхэ оҥоһулларын кытта билэр буолар үһү… Онон, саха быһаҕын кистэлэҥэ үгүс.

Харчы эрэ оҥорор туһугар

Саха быһаҕа байыаннай дьайыыга уолаттарбыт үрүҥ тыыннарын өллөйдөөн, төрөөбүт дойдуларын кытта ситимнээх буолан,  чахчы даҕаны киэҥ сураҕырда. Соторутааҕыта буолбут түгэн ону итэҕэттэ. Илдьэ сылдьарга, туттарга, булду-аһы астыырга, балыгы кыһарга табыгас­таах, ыйааһына чэпчэки, биитин сытыыта туохха да тэҥ­нэспэт. Саха быһаҕа ыйааһына чэпчэки, 200 г ыарахана суох. Ууга тимирбэт. Омук быһаҕа ууга таастыы тимирэр. Албаһа элбэх.

Харчы оҥорооччулар саха быһаҕын тас көрүҥэр майгыннатан таах оҥоро­бут дии саныахтарын сөп. Ол эрээри кинилэр уус кыһатыгар хайдах уһаарыллан тахсарын илэ харахтарынан көрбөтөх буолан билбэттэр. Хомойуох иһин, быһаарсыбат дьон интэриниэт ситиминэн сакаас­таан, дьиҥнээх саха быһаҕын чэпчэки сыанаҕа булбут курдук саныахтарын сөп.

Хайдах көмүскүүбүт?

Харчы оҥороору саха быһаҕын брендин уора сатыыр албын атыыһыттартан хайдах көмүскэнэбит?

Бу туһунан уустарбыт, маныаха сыһыаннаах дьоммут туох санаалаах эбиттэрий?  Бу туһунан СӨ Тимир уустарын сойууһун толорооч­чу дириэктэрэ, тимир ууһа Александр Терентьев-Айгын Уус: «Саха быһаҕын үтүктэн оҥоруу баар буолбута ыраатта. Улахан маркетплейстарга атыыга күүскэ тахсан эрэрин көрөбүт. Арассыыйаҕа сокуону сымнаһырҕатан, интеллектуальнай бас билии эҥин баарын улаханнык удумаҕалаппаттар. Биһиги, Саха сирин тимир уустарын түмсүүтэ, сэттэ сыл эккирэтиһэн, ахсынньы  13 күнүгэр 2023 сыллаах­ха Роспатент регистрация­лаан, “Географические указания. Якутский нож” диэн улахан докумуон ылбыппыт. Онно этиллэринэн, Саха сиригэр эрэ оҥоһуллар буолуохтаах. Онуоха соҕуруу олохтоох дьон улаханнык билиммэккэ, оҥорбуттарын курдук оҥоро сылдьаллар эрээри, биһиги син уонтан тахса улахан тэрилтэҕэ модьу­йуу сурук ыыппыппыт”, – диэн эттэ.

Кини быһаарбытынан бу сурук харда эппиэти эҥин күүппэккэ, тута суукка барар эбит. Биллэрин курдук, суут дьыалатын хаамыыта бытаана чуолкай. Кинилэр былырыын күһүн (претензионнай суруктары) модьуйуу суруктары ыыппыт буоллахтарына,  бу сылга ол тэрилтэлэр сууттара дьэ буолуохтаах. Ыстараап төһөтө, хайдаҕа суут быһаарыытынан буолар, 50 тыһ. солк. 3 мөл. солк. тиийэ барар. Сүрдээх уустук дьыала буолар.

Сокуон биһиги диэки

Александр Терентьев-Айгын Уус этэринэн, Быраабы бас билээччи – Саха сиринээҕи Тимир уустарын сойууһа буолар. Онон, сокуон биһиги диэки. Былырыын Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин тимир уустарын өйүөҕүҥ диэн ыйааҕа тахсыбыта. Быйылгы сылга Урбаан министиэрис­тибэтин кытта саха быһаҕын сымыйанан оҥорооччулары (контрафакт) утары үлэ барыахтаах. «Билиҥҥитэ бу суруктары ыытарга, эккирэтиһии үлэтигэр барытыгар Сойуус дьоно бэйэбит үп-харчы кыттыһан туруорса сылдьабыт. Сымыйа быһахтары оҥоруу тимир эрэ уустарыгар буол­бакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр хоромньуну оҥорор. Мөлүйүөнүнэн үп-харчы Саха сиригэр кэлбэккэ, атын эрэги­йиэннэргэ бара турдаҕа. Чуолаан, Нижнэй Новгородка уонна Дагестаҥҥа. Нижегородскай уобаласка быһахтары оҥорор улахан собуот­тар бааллар. Саха быһаҕын үтүктэн “подделкалыыр” буолбуттара уонча сыл буолла.

Онон бастатан туран. бэйэ­бит өрөспүүбүлүкэбит иһигэр бэрээдэктэниэхпитин, сааһыланыахпытын наада. Бэйэбит бэрээдэктэммэккэ сылдьан, атын эрэгийиэннэри бэрээдэктиир уустук буолуо.  Ол ыйаахха “Программа развития кузнечного производства” диэн киллэрэн эрэбит”, – диэн кини быһаарар.

Былаан

Онон, бастатан туран, 2029 сылга диэри саха быһаҕын оҥорон таһаарыы икки төгүл улаатыахтаах диэн сорук турбута биллэр. Урбаан министиэристибэтэ күүскэ үлэлэһэн эрэр. «Урбааны сайыннарыы диэнинэн биһиэхэ, уустарга, кыра бырыһыаннаах кирэдьиит (заем) биэрээри сылдьар.  Биһиги үөрэбит, хаһан даҕаны маннык өйөбүл суоҕа. Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич күүскэ ылсан хамсатан эрэр диэм этэ. Онон, махталбыт улахан”, – диэн Александр Терентьев-Айгын Уус этэр.

2018  сылтан “Мин биисинэһим” тэрилтэ тустаах уустарга көмөлөһөр.  «Биһиги быһахпыт хаатын, уус тэрилтэтин бренд быһыытынан оҥорууга (брендбук), уустар быыс­тапкаларга кытталларыгар турар сирдэрин куортамын, бырайыастарын сороҕун кытта төлүүр буолла. Уустарга онон сайдыы барда. Тус бэйэ харчытынан ыраах быыстапкаларга кытта барар уустуктардаах. Онон саҥа саҕалаан эрэр уустарга көмөлөөх буолла. Суут дьыалата тиһэҕэр тии­йэн, уоран оҥорооччулар орой­го бэрилиннэхтэринэ, атын эрэгийиэннэргэ, уобаластарга истиһэн, үтүктүбэт буолуохтара этэ. Бу саха эрэ быһаҕар буолбакка, хомуспутугар эмиэ маннык улахан докумуоннаахпыт”, – диэн кини санаатын үллэһиннэ.

«Саха быһаҕа иччилээх»

Бырдыыка Хабырылла уола Ээ Дуо АарБырдыкы Уус, Таатта улууһа:

– Үс сыллааҕыта ити боппуруоска ылсан үлэлэһэ сылдьыбыппыт. Биһиги, Таатта уустара, онуо  буолан “Клинок России” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы улахан быыстапкаҕа тиийэн,  кыайан турабыт. 2017 сыллаахтан саха быһаҕа киэҥник сураҕыран барбыта. Онно быыстапкаҕа сылдьан көрдөххө, атын эрэгийиэннэр, дойдулар бары биһиги быһахтарбытын үтүктэн оҥороллор этэ. Саха таҥастаах, саха быһаҕын иилинэ сылдьан, утары хааман тиийдэххэ, кыбыстан, саха быһаҕын үтүктэн оҥорбуттарын  кистииллэр этэ. Албыннаһаллара, сорохтор сүбэ-соргу көрдүүллэрэ. Хайдах да оҥор, саха быһаҕа буолбатах диибит. Куоппуйа эҥин диэн ханарытан ааттыы сатааччылар.

Биһиги быыстапкаҕа барбат буоллубут. Саха быһа­ҕа бастыаҕыттан, үчүгэйин билэн, туораппыттара. “Национальный нож” диэн номинацияҕа эрэ  кытыннараллар. Быыстапка бэлиитикэтэ оннук. Антах тиийдэххэ, сахалар бэйэ-бэйэбитин кытта эрэ күрэхтэһэбит. Манна “Дархан ууска” бэйэбит испитигэр кыттабыт. Билигин  саха быһаҕын байыаннай дьайыыга туттар быһах курдук тарҕата сатыыллар. Дьиҥэр, саха быһаҕа – туттар тэрил. Киһини өлөрөр быһах буол­батах.  Уопсайынан, байыаннай дьайыы саха быһаҕын сэрии сэбэ оҥоһунна. Ити куһаҕан.

Саха ууһа оҥорбут быһаҕа иччилээх, куттаах буолар. Биир тимиртэн, биир уокка, тэҥник уһаарыллан оҥоһуллан баран, ол уон быһахтан биир-икки эрэ чаҕылхай буолар. Бу санаатахха, анараа дойдуну кытта ситимнэһэр буолан, тимир ууһа ойууннааҕар күүстээх. Атын омук оҥорбута атын, кинилэр быһахтара куттара, дууһалара суох. Ити кырдьык.

What’s your Reaction?
+1
16
+1
0
+1
1
+1
0
+1
3
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Бу — интэриэһинэй. Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Норуот маастардара сахалыы иискэ үөрэтиэхтэрэ

Бу күннэргэ Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр “Симэх” национальнай кииҥҥэ “Аттаран тигии абылаҥа алыптаах…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мииринэй оройуонун 60 сыла

Ил Дархан Айсен Николаев мииринэйдэри оройуон 60 сылынан эҕэрдэлээтэ. Тохсунньу 27 күнүгэр Мииринэйгэ үөрүүлээх тэрээһин…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Эдэр ыччат — биир сомоҕо” култуурунай-спортивнай бэстибээл

Үгүлээт нэһилиэгэр “Эдэр ыччат-биир сомоҕо” култуурунай-спортивнай бэстибээл ыытылынна. Бу уопсастыбаннай диэйэтэл, бэлиитик Савва Михайлов кэриэһигэр…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: сылайыыны хайдах аһарыахха?

Эти-хааны эрчийиэххэ. Дьиэ хомуйа, ас астыы сылдьан, дьыбааҥҥа сынньана сытан, кинигэ ааҕа олорон хаан эргииригэр,…

6 часов ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Саха сирин волонтердара “Блокада килиэбэ” аахсыйаны тэрийдилэр

Үс эдэр киһи кэлбит дьоҥҥо остуолга кэчигирэппит, оччотооҕу Ленинград блокадатыгар курдук 125 кыраамнаах килиэби кытта…

6 часов ago