Салгыы
Саха быһаҕын кута-сүрэ

Саха быһаҕын кута-сүрэ

Ааптар:
30.08.2024, 17:30
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Бэлэх биэрэргэ быһах уһугар буспут кырбас эти үөлэн, быһаҕы туруору тутан, иэдэһинэн бэриллэр. Эт суох буоллаҕына, биитин бэйэҥ диэки тутан биэрэҕин. «Тимиргэ тимир» диэн суолтаҕа быһах бэлэхтэппит киһи харчы биэриэн сөп.

Былыр кэргэн кэпсэтэллэригэр икки аҕа остуолга утарыта олорон, үөһээнэн илии тутуһаллара, алларанан быһах бэрсэллэрэ үһү.
Уол оҕо төрөөтөҕүнэ, күүстээх-уохтаах булчут бэрдэ буоллун диэн, быһыччаны тэллэҕин анныгар угаллара үһү.
Сүппүт быһаҕы буллахха:
Кыына суох уһугунан эн диэки сытар буоллаҕына, эргийэ хааман кэлэн, маска батары охсоҕун. Сүтүктээххэ этиэххин сөп.
Өскөтүн эйиэхэ угунан сытар эбэтэр сиргэ батары анньыллыбыт буоллаҕына, ылыаххын сөп.
Аһылыкка утары олорор киһигэр быһаҕы уһугунан уурбаттар. Киһиэхэ биитин бэйэҕэр хайыһыннаран, угунан биэрэҕин.
Быһах кыыныгар биитинэн өрө сылдьыахтаах. Тоҕо диэтэххэ, быһах биитин эргитэ тутталлар

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
17 сентября
  • -2°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 86% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: