Саха быһаҕын оҥорууга географическай ыйынньык патена баар буолла
Саха быһаҕын оҥорорго географическай миэстэтин ыйарга патент баар буолла. Бу туһунан Айсен Николаев «телеграм» ханаалыгар суруйда.
— Саха быһаҕа — биһиэхэ «бренд», култуурабыт сорҕото буолар. Географическай ыйынньык патена судаарыстыбаннай регистрацияны ааста. Биһиги уустарбыт ол туһунан санаабыттара ыраатта. Бастатан туран, бу үтүктэн оҥорууну утары охсуһарга көмөлөһүөҕэ. Саха сиригэр оҥоһуллубут быһахтар — хаачыстыба мэктиэтинэн буолаллар. Онон «СӨ Уустарын сойууһун» чилиэннэрэ билигин географическай ыйынньыгы туһанар кыахтаахтар, — диэн кини бэлиэтээтэ.
Географическай ыйынньык — бу табаар ханна оҥоһуллубутун, хаачыстыбатын ыйар бэлиэ.
Саха быһаҕын оҥорууга географическай ыйынньык патенын судаарыстыбаннай регистрациялыыр туһунан быһаарыыны «Роспатент» федеральнай сулууспа анал эспэртиисэ түмүгүнэн ылынна.
«Роспатент» эспэртиисэтэ быһаарбытынан, саха быһаҕын былыргылыы ньыманан оҥороллор. «Археологическай хаһыылар көрдөрбүттэринэн, былыргы көмүүлэртэн булуллубут быһахтар 3-5 тыһыынча сыллааҕы буолаллара биллибитэ. Онон саха быһаҕын оҥоруу ньымата тыһыынчанан сылларга көлүөнэттэн көлүөэҕэ бэриллэн испит» диэн эспэрстиисэ докумуонугар суруллар.
Саха быһаҕа сытыытын, ураты оҥоһуулааҕын кэрэхсээн, аан дойду үрдүнэн интэриэһиргиир дьон элбээн иһэллэр. Үтүктэн оҥорооччулар да бааллар. Географическай ыйынньык патена ылыллан, биһиги өбүгэлэрбититтэн кэлбит баайбытын көмүскүүргэ биир хардыы оҥоһулунна.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: