Салгыы
Саха быраастара Докучаевск куоракка үлэлииллэр

Саха быраастара Докучаевск куоракка үлэлииллэр

06.03.2024, 16:00
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин  Докучаевск куоратыгар саха эмчиттэрин биригээдэтэ үлэлиир.

«Докучаевск куорат балыыһатыгар 25 куойкалаах хирургия отделениетыгар үлэлиибит. Травматологическай ыарыылары эмтиибит, эпэрээссийэлэри оҥоробут. Олохтоох хирургтары лапароскопическай эпэрээссийэлэргэ үөрэтэр былааннаахпыт», — диэн саха быраастарын биригээдэтин салайааччыта, СӨ Друобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай хирурга Василий Игнатьев иһитиннэрдэ.

Докучаевск куорат биир идэлээхтэригэр көмөлөһө биригээдэ састаабыгар Саха онкодиспансерын анестезиолог-реаниматолога, Мииринэй уонна Нам киин балыыһаларын травматолог быраастара, 2-с №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһалар хирург быраастара тиийдилэр.

Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан саха быраастара дойдубут саҥа территорияларыгар мэдиссиинэ көмөтүн оҥорорго тиһигин быспакка сылдьаллар. Бу үлэ СӨ Ил Дархана  Айсен Николаев сорудаҕынан ыытыллар.

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин мэдиссиинэ үлэһиттэрэ Кыайыы дьыалатыгар ураты уонна дьоһун кылааттарын бэлиэтиир. «Биһиги быраастарбыт аныгы сиристэстибэлэри уонна эмтээһин саҥа ньымаларын кэмигэр туһанан, оҕолорбутун өйүүр, кинилэргэ көмөлөһөр, өйөбүл оҥорор туһугар барытын оҥороллор», — диир Владимир Путин.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 74% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: