Саха чэйэ – Алтайга

Саха чэйэ – Алтайга

26.07.2023, 14:45
Хаартыска: ааптар тиксэриилэрэ
Бөлөххө киир:

От ыйын 21 күнүгэр Хайалаах Алтай киин куоратын  Национальнай тыйаатырыгар «Алтам» ырыа-үҥкүү судаарыстыбаннай тыйаатырын «Алтай үҥкүүтүн уонна хабарҕа ырыатын кэнсиэрэ» диэн ураты чаҕылхай тэрээһин буолла.

Киэҥ-куоҥ уораҕай тупсаҕай фойетыгар алтай омук чэйин култууратын  чинчийээччи С.Ш.Катынова уонна саха чэйин култууратын тарҕатааччы  Кучу Туйаара «Күндү күрэли үткүүл» диэн икки уруулуу омук чэй иһэр үгэһин  көрдөрдүлэр, сылаас чэйинэн күндүлээтилэр. Аар-саарга аатырбыт «Алтам» үҥкүүһүттэрэ ыалдьыттары күндүлээһин сиэрин-туомун киэргэттилэр.

Бу бырайыак салайааччыта, Арассыыйа үтүөлээх артыыһа, искусствоведение хандьытаата Айана Ивановна Шинжина уонна алтай омук сиэрин-туомун утумнааччы Светлана Шатровна Катынова тус ыҥырыыларынан,  саха чэйин сиэрэ-туома өбүгэ сиригэр Ытык Алтайга аан бастакытын ыытылынна.

Хайалаах Алтай олохтоохторо, ыалдьыттара, араас дойдуттан сынньана кэлбит туристар  тэрээһини олус сэҥээрдилэр,  үрдүктүк сыаналаатылар. «Күндү күрэлү үткүүл» уруулуу омуктар алтыһыыларын бэлиэтэ буолан,  Саха сирин Норуоттарын ассамблеятын (А.Г.Подголов) уонна Ыалдьыттары көрсүү  ассоциациятын (Т.А.Тымырова) салалталарынан  үлэлиир  «Евразия омуктарын чэй иһэр култууралара» бырайыагы байытта.  Биир дойдулаахтарбыт — Намтан төрүттээх, 1982 сылтан Алтайга олорор Екатерина Прокопьевна Тымтышева,  Сунтаар Бордоҥуттан төрүттээх,  1985 сылтан Алтайга олохсуйбут Эльмира Егоровна Докторова сахалыы сайаҕастык, ийэлии истиҥник көрсөн,  көмө-тирэх буолбуттарыгар махтанабыт.

Кучу Туйаара

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 73% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: