«МАМОНТенок» норуоттар икки ардыларынааҕы цииркэ бэстибээлин чэрчитинэн, «Пути расширения международных связей в области цирковой индустрии» диэн пуорум буолла. Бэстибээлгэ кэлбит ыалдьыттар — Беларусь, Таджикистан, Кытай, Болгария, Бурятия, Вьетнам цииркэлэрин салайааччылара, артыыстара пуорумҥа кытыннылар. Барыта 10 дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ, 50-ча артыыс кэлбит.
Пуорумҥа култуура, духуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Ноев кытынна.
— Бэстибээлгэ норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустар кыайыылаахтара, талааннаах, чаҕылхай артыыстар кытталлар. Кинилэр цииркэ ускуустубатын араас көрүҥнэригэр: акробатикаҕа, салгын гимнастикатыгар, жонглердааһыҥҥа, эквилибристика, бөлөҕүнэн вольтиж, перш, о.д.а. көрүҥнэргэ нүөмэрдэри көрдөрүөхтэрэ. Онон хаһан да көрө илик нүөмэрдэргитин көрүөххүтүн сөп, — диэн кини эттэ.
— 30 сылбытыгар Саха цииркэтэ аан дойдутааҕы эйгэҕэ киирдэ, аатын ааттатта диэххэ наада. Биһигини билэллэр, күүтэллэр. Европа уонна хотугу этническэй үгэстэри холбообут буолан, туспа, ураты суоллаах. Аан дойдуга култуура эйгэтигэр Саха сирин брендэ буолла диэтэххэ, сыыспаппыт. Ол да иһин үгүстэр «этнокультурный феномен» диэн ааттыыллар, — диэн Саха цииркэтин дириэктэрэ Сергей Расторгуев кэпсээтэ.
Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар кыһалҕаларын институтун Интеллектуальнай устуоруйа уонна култуура киинин салайааччы, устуоруйа билимин дуоктара Екатерина Романова тоҕо «феномен» диэн ааттаммытын ырытта. Түҥ былырга үһүйээннэргэ, фольклорга олоҕурбут, ханна да суох култуураны көрдөрөр уонна аныгы тиэхиникэлэри баһылаабыт буолан, ханна да тиийдэр, интэриэһи тардар. Бу былыргы үгэстэри уонна аныгылыы инновацияны холбообут креативнай индустрия көрүҥэ буолар диэн быһаарда.
Чахчыта, быйыл Аммаҕа буолбут Олоҥхо ыһыаҕар Сергей Расторгуев туруоруутугар олоҥхо уонна цииркэ ускуустубата силбэспитэ ураты көстүү этэ. Бэрт тэтимнээх, сэргэх, аныгылыы көрдөрүү буолбута, дьон астыммыта.
Бэстибээл үчүгэйэ диэн — артыыстар, тэрийээччилэр, көрөөччүлэр бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэллэр, өр сыллаах доҕордуу сыһыаны олохтууллар, уопуттарын атастаһаллар.
Белоруссия судаарыстыбаннай цииркэтин генеральнай дириэктэрэ Владимир Шабан:
— Цииркэ ураты ускуустубата норуоттары сомоҕолуур, култууралары байытар, саҥа саҕахтары кэҥэтэр кыахтаах. Биһиги цииркэлэрбит бииргэ үлэлэһэр эрэ буолбатахтар, өр сылларга дьиҥнээхтик доҕордоһобут. Гостуруол кэмигэр Белоруссия көрөөччүтэ саамай хотугу цииркэ ураты бырагырааматын олус үчүгэйдик ылыммыта, астыммыта, ол биһиги доҕордоһуубутун өссө бөҕөргөтөр, — диэн эттэ.
Кытайтан сылдьар продюсер Гао Юе 2006 сылтан бииргэ үлэлэһэллэрин бэлиэтээтэ. Судаарыстыбаннай сибээстэри бөҕөргөтөргө ханнык баҕарар киһиэхэ өйдөнөр, маассабай ускуустуба буоларынан, маннык бэстибээл улахан суолталаах диэн эттэ.
Бурятия судаарыстыбаннай цииркэтин дириэктэрэ Тудуп Батуев култуура миниистирин эҕэрдэтин тиэртэ. Кини икки өрөспүүбүлүкэ цииркэлэрин доҕордоһуута үйэ чиэппэрэ буолбутун, «МАМОНТенок» бэстибээлгэ аан бастаан ыытыллыаҕыттан кытталларын туһунан кэпсээтэ.
Бу курдук ыалдьыттар бары санааларын эттилэр, бэйэлэрин үлэлэрин туһунан кэпсээтилэр.
Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата биллэрбитинэн, 2025 с. тохсунньу ыйдааҕы биэнсийэни уонна босуобуйаны түҥэтии болдьоҕо…
Кэлэн иһэр 2025-с Моҕой сыла, астрологтар этэллэринэн, икки өрүттээх буолуоҕа: сорохторго ситиһии, үтүө уларыйыылар тосхойуохтара,…
Олохпун, үлэбин кэрэ абылаҥнаах үҥкүүгэ анаабыт кэрэ кэмнэрим дьонугар уонна кэнники аттыбар буолан олохпун күн…
Хантан кэлбитэ, ким айбыта биллибэт эрээри, Саҥа дьыл бэйэтэ туспа үгэстээх, биттээх-билгэлээх. Сорох дьон маны…
Бу күннэргэ Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар мас ууһун уонна кыра массыыналары көрүү-истии, өрөмүөннээһин сатабылларын төһө иҥэриммиттэрин…
Сунтаарга бу күннэргэ үс күн устата Алквиад Иванов аатынан Оҕо спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оскуолаҕа…