Саха циркэтэ саҥа этно-шоуну сүрэхтээтэ

Share

Муус устар 15 күнүттэн Саха бриллиантовай циркэтэ »Земля мамонта» диэн этно-шоу премьератын көрдөрөн саҕалыыр.

Циркэ дириэктэрэ Сергей Расторгуев эппитинэн, бу өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр көрдөрөргө анаммыт ураты испэктээкил. Онон саха култууратын арыйар, үһүйээннэргэ, мифологиятыгар тирэҕирэн оҥоһуллубут.
Сүрүн режиссерунан «Росгосцирк» сүрүн режиссера Елена Петрикова кэлэн, сылы быһа үлэлээтэ.
— Саха сиригэр кэлэн үлэлээбиппиттэн олус астынным. Биһиги этническэй циркэлэргэ идэтийэн үлэлиибит. Саха култууратыгар, историятыгар, мифологиятыгар өтөн киирии миэхэ олус интэриэһинэй уопут буолла. Бу туруорууну саха култууратын туораттан, биһиги харахпытынан көрүү курдук ылыныахха сөп, — диэн кини кэпсээтэ. Кинини кытта Саха циркэтин сүрүн режиссера Мария Попова-Харлампьева үлэлээтэ.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ

МГИК преподавателэ, балетмейстер, туруорааччы-режиссер Наталия Новичкова үҥкүүлэрин туруорда. Кини этэринэн, Саха циркэтэ түмсүүлээх, кэскиллээх, айар кэлэктиип. Бу туруорууга атын циркэлэртэн артыыстар кыттыбатахтар. Түүннэри-күнүстэри үлэлиир кыахтаах, сүрдээх үлэһит кэлэктиип диэн сыаналаата. Муусукатыгар Москваттан композитор-аранжировщик Дмитрий Машков үлэлээтэ.
Барыта 250 көстүүм тигиллибит. Көстүүмнэргэ уонна декорацияҕа Москватааҕы циркэ үлэһиттэрэ үлэлээбиттэр, кинилэр эскизтэринэн Саха циркэтин сүрүн костюмера Петр Винокуров уонна иистэнньэҥнэр тикпиттэр.

Хаартыска: ааптар түһэриитэ.

Күһүн бу шоуну илдьэ Орто Азия дойдуларынан уонна »Росгосцирк» ыытар куораттарынан гостуруолга барыахтара. Онон этно-шоу премьератын көрө Казахстан, Кыргызстан, Таджикистан, Владивосток циркэлэрин салайааччылара кэлбиттэр.

Казах судаарыстыбаннай циркэтин дириэктэрэ Максат Жаиков премьера үрдүк таһымҥа ыытылларыгар саарбахтаабатын биллэрдэ.
Астана Столичнай циркэтин дириэктэрэ Ерик Жолжаксынов Саха сирин кытта уруккуттан бииргэ үлэлииллэрин, доҕордоһоллорун туһунан иһитиннэрдэ.
Манна »Летающие мачты» диэн ураты нүөмэр Арассыыйаҕа ханна да оҥоһуллубат эбит. Бу нүөмэри Испанияҕа норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ ыҥырбыттар.

Хаартыска: ааптар түһэриитэ.

Этно-шоу түмүктүүр эрэпэтииссийэтин муус устар 14 күнүгэр көрөөччүлэргэ көрдөрдүлэр. Чахчы, киһи биир тыынынан көрөр туруоруута эбит. Манна бааллар акробаттар, куупал аннынан көтөр гимнастар, жонглердар, канаатынан хаамааччылар, клоуннар, Аал Луук Мас, ыһыах, ойуун, Байанай, тыыннаах курдук хамсыыр сэлии кыыллар, саха лаайкалара, табалар… Көстүүмнэрэ, декорациялара үчүгэйэ да бэрт. Көрөөччүлэр, чуолаан оҕолор ытыстарын тыаһын харыстаабатылар.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Кэлэр сылга уоппусканы ханнык ыйга ылар табыгастааҕый?

Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…

2 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Һунтаар һаҥа һыла — Хатаска»

Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх,  Хатас…

9 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Уонна…»: Зоя Сылгытова

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…

1 час ago
  • Сонуннар

Электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар

Билигин электрогенерация  биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэҕэ диализнай киин аһыллыытын былаанныыллар

Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2024 сылга 14 хочуолунай үлэҕэ киирдэ

Өрөспүүбүлүкэҕэ 2024 сылга уопсайа 193,76 МВт кыамталаах 14 хочуолунайы үлэҕэ киллэрдилэр диэн ОДьХК уонна энергетика…

2 часа ago