Саха дьахтарын симэҕэ
Улуу тунах ыһыах чугаһаата. Кыргыттар, дьахталлар сыыйа таҥастарын-саптарын бэрийэллэр, ыһыахха туох киэргэллэрин кэтэллэрин сыымайдыыллар. Манан сибээстээн, саха дьахтарын сүрүн симэҕин билсиэҕиҥ.
Ытарҕа. Араас быһыылаах уонна көрүҥнээх буолара үһү. Саха ювелирнай оҥоһуктарын чинчийэр үөрэхтээх Ф.М. Зыков суруйарынан, саха дьахталларын ытарҕалара үс көрүҥнээх эбиттэр.
Саамай былыргы судургу оҥоһуктаах ытарҕа – туораах ытарҕа. Алтан эбэтэр үрүҥ көмүс боробулуохаҕа араас өҥнөөх хоруоҥкалары тиһэн баран, кулгаахха кэтэр өттүн төгүрүччү тутан, кылдьыы оҥороллоро. Билигин итинник ытарҕалары музейдарга эрэ көрүөххэ сөп.
Ытарҕа киэҥник тарҕаммыт көрүҥэ – түгэхтээх (салбырҕастаах) ытарҕа. Итинник ытарҕа кулгаахха кэтиллэр кылдьыыта иэмэх, оттон иэмэххэ кэтэрдиллэр салбырҕаһа түгэх диэн ааттанара. Салбырҕаһа хайдаҕыттан түгэхтээх ытарҕа сиэл ытарҕа, харыйа ытарҕа, хаҥка ытарҕа диэннэргэ арахсар эбит.
Көлөөскө ытарҕа — эмиэ туорах ытарҕа курдук салбырҕаһа (түгэҕэ) суох, аҥардас иэмэхтэн турар боростуой ытарҕа. Итинник ытарҕаны нэһилиэнньэ дьадаҥы өттө кэтэрэ.
Саха ытарҕалара араас ойуулаах-киэргэллээх буолаллара. Былыргы көмүс уустара кыһыл көмүһүнэн солотуу түһэрэри, хара солотууну (черчение) уонна күөх солотууну (эмаль) оҥорору эмиэ сатыыллара. Итилэр билигин умнуллубуттар.
Бөҕөх. Бэгэччэккэ кэтиллэр үрүҥ көмүс киэргэл. Кэтитэ 5-7,5 см. кэриҥэ буолара. Бөҕөҕү быһан (гравировкалаан) араас ойууну түһэрэн киэргэтэллэрэ. Былыр бөҕөҕү туостан эмиэ оҥостоллор эбит. Археологтар 18-с үйэтээҕи туостан оҥоһуллубут бөҕөҕү булан тураллар. Туос бөҕөх быһыыта, ойуута син биир кэнники оҥоһуллубут үрүҥ көмүс бөҕөххө маарынныыр эбит.
Кылдьыы. Дьахтар моонньугар кэтэр киэргэлэ. Үрүҥ көмүстэн кутан оҥороллоро. Кылдьыыга илин кэбиһэр уонна кэлин кэбиһэр диэн киэргэллэри иилэллэрэ.
Илин кэбиһэр. Түөс киэргэлэ, 8-12 кэккэ араас быһыылаах, ойуулаах үрүҥ көмүс субурҕалартан (киистэлэртэн) турара. Искусствовед И.Каплан суруйарынан, илин кэбиһэри дьахталлар мааныга кэтэр ырбаахыларын эбэтэр соннорун таһынан кэтэллэр эбит.
Кэлин кэбиһэр. Эмиэ илин кэбиһэр курдук араас ойуулаах, быһыылаах үрүҥ көмүс субурҕалартан турар. Ол гынан баран, кэккэлээн түһэр субурҕалара илин кэбиһэрдээҕэр аҕыйах буолар үһү (4-8 кэккэ). Серошевскай суруйарынан, былыргы кийиит баттаҕын туора дьонтон кистиир идэлээх эбит. Ол быһыытынан сыаналаатахха, кийиит, кэлин кэбиһэрин бастыҥатыгар баайан, баттаҕын туора дьонтон кистиир ньымата буолуон сөп.
Бастыҥа. Дьахтар төбөтүгэр кэтэр киэргэлэ. Үс-түөрт илии кэтиттээх күндү таҥаска оһуор-ойуу анньан, онтон араас үрүҥ көмүс эбэтэр оҕуруо субурҕалары түһэрэн, бастыҥаны киэргэтэллэрэ. Былыр саха сиригэр сукуна, хаарыс, баархат курдук таҥастар үөдүйэ иликтэринэ, бастыҥаны сарыыттан тигэллэрэ үһү.
Көмүс кур. Былыр 5-6 см кэтиттээх сарыы эбэтэр тирии таҥаска 15-16 ахсааннаах төгүрүк, түөрт муннуктаах үрүҥ көмүс лоскуйдарын (пластинкаларын) тиһэн, мааныга кэтэр номуорунай куру оҥороллоро. Кур ол көмүс лоскуйдарын туорум диэн ааттыыллара. Көмүс кур туорумнарын быһан эбэтэр батары охсон араас ойууну түһэрэн киэргэтэллэрэ. Кур туорумнарыгар кыра тиэрбэстэри иһэрдэллэрэ. Ол тиэрбэстэргэ дьахтар туттар малларын ыйыыллара: оһуордаах кыра суумканы-хаппары, иннэ хаатын-иннэлиги, үрүҥ көмүс кулгаах хастары, искэҕи, хамсаны, хататы.
Сүрэх. 19-с үйэ ортотугар кэтит үрүҥ көмүс сыаптаах кириэһи кэтэр буолбуттара. Ону сүрэх диэн ааттыыллара. Үөрэхтээхтэр этэллэринэн, Саха сиригэр оччотооҕуга сүрэҕи кэтии итэҕэлтэн туох да сибээһэ суох, көннөрү киэргэл быһыытынан тутталлар эбит. Сүрэх дьахталлар урукку илин, кэлин кэбиһэрдэрин солбуйбут. 19-с үйэ ортотунааҕы саха мааны дьахтарын таҥаһа-саба, симэҕэ-киэргэлэ маннык буолар эбит. (Н.Е. Саввинов “Өбүгэлэрбит олохторо-дьаһахтара” кинигэтиттэн).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: