Салгыы
Саха дизайнера Марфа Федорова Москватааҕы муода үһүс нэдиэлэтигэр кыттыыны ылыаҕа

Саха дизайнера Марфа Федорова Москватааҕы муода үһүс нэдиэлэтигэр кыттыыны ылыаҕа

Ааптар:
01.10.2024, 20:00
Хаартыска: Москватааҕы муода нэдиэлэтин пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Саха дизайнера Марфа Федорова бэйэтин кэллиэксийэтин үһүс төгүлүн ыытыллар Москватааҕы муода нэдиэлэтигэр билиһиннэриэҕэ. Тэрээһин алтынньы ый 4-9 күннэригэр ыытыллар.

Муода нэдиэлэтигэр 100 араас куораттартан 1100-тэн тахса дизайнер кыттар баҕалаахтарын туһунан иһитиннэрдилэр.

«Дойду киин куоратын олохтоохторо, туристара уонна ыалдьыттара эспиэрдиир сэбиэтэ талан ылбыт дойду брендтэрин араас кэлиэксийэлэрин көрүөхтэрэ. Саҥа сонун таҥастары Индия, Китай, ЮАР уонна Индонезия индустрия бэрэстэбиитэллэрэ билиһиннэриэхтэрэ», — диэн иһитиннэрдэ Москва мэрин солбуйааччы Наталья Сергунина. Бэлиэтээн эттэххэ, киэҥ далааһыннаах тэрэһини тэрийээччинэн Москва Бырабыыталыстыбатын көмөтүнэн муода пуондата буолар.

Москуба нэдиэлэтигэр Саха сириттэн кэллиэксийэни көрүүгэ таһаарар дизайнер Марфа Федорова үрдүк хаачыстыбалаах органическай матырыйаалларынан тигиллибит уратылааҕын бэлиэтээтэ. «Маннык таҥастар муодаттан тахсыбаттар уонна уһун үйэлээх буолаллар», — диэн дизайнер эбэн эттэ.

+1
6
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: