Саха дизайнерын таҥаһа Кытай ырыынагар таҕыста
Бу сыл балаҕан ыйын 27-30 күннэригэр Шанхайга норуоттар икки ардыларынааҕы World Fashion Exhibition быыстапкаҕа дизайнер Изабелла Дордосова Арассыыйаны билиһиннэрэргэ ыҥырыллыбыта. Бу туһунан «Үлэ кыбаарталыгар» иһитиннэрдилэр.
Быыстапкаҕа эдэр дизайнер кытайдарга ааптар технологиятынан тигиллибит тирии таҥастан «Дельта» кэллиэксийэни билиһиннэрбитэ. Бу кэллиэксийэҕэ Саха сирин култууратыгар уонна төрүт үгэһигэр дириҥ сүгүрүйүү ойууланар уонна хас биирдии уобараска билиҥҥи ускуустуба бастыҥ үлэлэрэ буолан көстөр.
Быыстапка түмүгүнэн Изабелла Дордосова World Fashion Exhibition бэрэстэбиитэлистибэтин кытта 10-ча сылга бииргэ үлэлээһиигэ хантараак түһэрсэн, ааптарга дьоһун суолталаах түгэнинэн бэлиэтэннэ.
Түһэрсиллибит дуогабарынан INNIKI брендка Кытайга 10 сыл устата быыстапкаларга кыттар кыаҕы биэрэр. Итинэн сибээстээн эдэр дизайнер официальнай көрдөрүүлэргэ саҥа кэллиэксиэйэлэри тиһигин быспакка көрдөрүүгэ таһаарарга ураты кыах биэрэр.
Кытай ырыынагар тахсыы — бу Изабелла Дордосова уонна кини брендин сайдыытыгар инникигэ хардыы эрэ буолбатах. Бутүгэн саҥа тахсан эрэр дизайнерга норуоттар икки ардыларынааҕы муода саҥа идиэйэлэргэ уонна сонун көрүүлэргэ мэлдьи аһаҕас буоларын туоһулуур.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: