Салгыы
Саха дьоно фашизмы утары охсуһууга бэлэмин биллэрдэ

Саха дьоно фашизмы утары охсуһууга бэлэмин биллэрдэ

10.11.2024, 12:00
Хаартыска: Ил Түмэн пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

II Өрөспүүбүлүкэтээҕи Фашизмы утарыы пуорума киэҥ далааһыннаахтык буолан ааста. Үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыт пуорума Саха сирин олохтоохторун эрэ буолбакка, бырабыыталыстыба чилиэннэрин, байыаннайдары, уопсастыбанньыктары, эспиэрдэри түмтэ. Пуорум чэрчитинэн 21 араас тэрээһин ыытылынна. Ол курдук быыстапкалар, лиэксийэлэр, кэнсиэрдэр уонна «төгүрүк остуоллар» сүрүн сыалларынан фашизмы уонна кини аныгы көстүүлэрин утары охсуһууга күүһү-уоҕу түмүү буолла.

Пленарнай мунньах

II Өрөспүүбүлүкэтээҕи Фашизмы утарыы пуорума пленарнай мунньаҕынан түмүктэннэ. А.Е. Кулаковскай аатынан Култуура уонна духуо­бунас киинигэр ыы-быччары былаас бэрэстэбиитэллэрэ, бэтэрээннэр, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, ыччат уонна уопсастыбаннас актыбыыс­тара ыҥырыллан, түмүктүүр түһүмэххэ тэрээһин резолюция­тын ылыннылар.

Пуоруму түмүктүүр тэрээ­һин сүрүн дакылаатчытынан Ил Дархан Айсен Николаев буол­ла. Кини тыл этэригэр, Саха сирин олохтоохторун фашизмы утары сэриилэспит, Кыайыыны ситиспит өбүгэлэрин кэриэс­тэрин үйэтитиигэ күүстэрин түмэргэ ыҥырда. «Биһиги хас биирдиибит сарсыҥҥыга, Ийэ дойду иннигэр тус эппиэтинэһи сүгэрбитин чуолкайдык өйдүөхтээхпит. Биһиги патриот буолуохтаахпыт, оҕолорбутун үрдүк сиэр-майгы тыыныгар иитиэхтээхпит», – диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Ил Дархан Саха сирин олохтоохторугар, байыастарга, дойдуларын иннигэр бэриниилээх патриоттарга махталын биллэрдэ: «Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыы кэнниттэн 80-ча сыл буолан баран фашизм идео­логията эмиэ күөрэйэн кэллэ. Биһиги билигин уопсай дьыала иһин түмсүөхтээхпит уонна фашизмы суох оҥоруох­таахпыт. Бу тургутууну биһиги эрэллээхтик туоруохтаахпыт уонна Кыайыыны хайаан даҕаны ситиһиэхтээхпит. Биһиги норуоппут мэлдьи кыайыылаах-хотуулаах, дьон көҥүлүн туһугар туруулаһар. Сахалар мэлдьи төрөөбүт дойдуларын көмүскүүргэ бастакы кэккэҕэ сылдьаллар. Биһиги хайаан даҕаны кыайыахпыт!» – диэтэ Айсен Николаев.

Айсен Николаев маҥнайгы өрөспүүбүлүкэтээҕи Фашизмы утарыы пуорумун туһунан этэригэр, фашизм ханнык баҕарар көстүүтүн утарар саҥа көлүөнэ ыччаты иитэр сорук туруоруллубутун бэлиэтээтэ.

Пуорум кыттыылаахтарыгар Уһук Илиҥҥэ Арассыыйа бэрэ­сидьиэнин боломуочу­йалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев эҕэрдэ тыл эттэ, кини фашизм биир омук атын омуктан үрдүктүк турарын бигэргэтэр идеологията кутталлааҕын бэлиэтээтэ. «Фашизм ХХ үйэҕэ киһи аймахха элбэх эрэйи аҕалбыта. Бу идеология­ны утары салгыы анал байыан­най дьа­йыыга эрэ буолбакка, дьоммут өйүн-санаа­тын булкуйбаттарын туһугар эмиэ охсуһуох­таахпыт», – диэтэ Юрий Трутнев.

Ыалдьыттар махталлара

Пленарнай мунньахха бары кыттааччылар санааларын истэн баран, Илиҥҥи ба­­йыаннай уокурук командующайын байыаннай-бэлитиичэс­кэй үлэҕэ солбуйааччы, генерал-лейтенант Роман Греков Илиҥҥи байыаннай уокуругу кытта Саха сиригэр үһүс өрөспүүбүлүкэтээҕи Фашизмы утарыы пуорумун ыытар туһунан этии киллэрдэ. «Үрдүкү Главнокомандующай туруорбут соруктара чопчу уонна кэмигэр толоруллуохтара. Өстөөх кыайтарыаҕа, кыайыы биһиэнэ буолуоҕа», – диэтэ.

Оттон Донецкай Норуо­дунай Өрөспүүбүлүкэ баһы­лы­­гын сүбэһитэ Игорь Кимаковскай Саха сирэ Донбасска социальнай эби­йиэктэри чөлүгэр түһэриигэ оҥорбут көмөтүн иһин махтанарын эттэ. «Саха сирэ биһиги дьоммутугар олус улахан көмөнү оҥорор, эһиги ыччаккыт ыар дьылҕаламмыт быраат­тыы норуоттары өйдүүрэ, көмөлөһөрө сүдү суол­талаах», – диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ уонна саха норуотун кытта бииргэ Арассыыйа сайдарын туһугар үлэлиэхпит диэн Игорь Кимаковскай эттэ.

Бастыҥнары бэлиэтээтилэр

Тэрээһин кэмигэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар үрдүк наҕараадалары туттардылар. Санатан эттэххэ, бу пуорумҥа анаан кытыннара байыаннай дьайыыттан 25 ба­­йыаһы, бэйэбит уолаттарбытын аҕалбыттара.

Илиҥҥи байыаннай уокурук командующайын солбу­йааччы генерал-лейтенант Роман Греков байыаннайдар бэриниилээхтэрин, хорсуннарын-хоодуоттарын бэлиэтээтэ. Кини Сэбилэниилээх Күүстэр бөлөхтөрө саха саллааттарынан киэн тутталларын, ханнык даҕаны түгэҥҥэ түһэн биэрбэттэрин, хорсун быһыыны көрдөрөллөрүн эттэ. Үөрүүлээх тэрээһиннэргэ биһиги ба­­йыастарбыт хорсун быһыыларын уонна бэриниилээх буолууларын иһин «Хорсун быһыы» уордьанынан уонна «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллэринэн, Сибэтиэй Георгий уордьанынан наҕараадаланнылар.

Туһалаах «остуоллар»

Пуорум чэрчитинэн ыытыллыбыт «төгүрүк остуоллар» тиэмэни дириҥник ырытыы былаһааккаларынан буоллулар. РФ Бэрэсидьиэнигэр Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Федотов пуорум 1942 сыллаахха, Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмытыгар Дьокуускайга ыытыллыбыт Фашизмы утары миитини салгыыр историческай силистээх-мутуктаах тэрээһин буоларын тоһоҕолоон эттэ. Олох төһө да тосту уларыйдар, сомоҕолоһуу тыына билигин даҕаны күүстээҕин бэлиэтээтэ.

Оттон генерал-лейтенант Роман Греков «төгүрүк остуол­­га» анал байыаннай дьа­­йыы зонатыгар баар балаһыанньаны, ону тэҥэ байыаннай сулуус­палаахтары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр дьаһаллары ырытыспыттара сөптөөҕүн бэлиэтээтэ. «Биһиги сырдык тыыннарын толук уурбут байыастарбытын үйэтитэргэ уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүргэ ыччаты кытыннаран туран, үлэбитин күүһүрдүөхтээхпит», – диэтэ.

Иккис «төгүрүк остуолга» дойду үрдүнэн фашизмы утарыы хамсааһынын үөскэтиини ырыттылар. Өрөспүүбүлүкэ ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистирин эбээһинэһин толорооччу Игорь Юргин тыл этэригэр, неонацизмы утары охсуһууга тус бэйэтин уопутун үллэһиннэ, кини Украина Арассыыйаны абааһы көрөр идеологиятын оскуолаҕа кыра эрдэхтэриттэн соҥнуулларын хараастан туран кэпсээтэ.

Запорожье уобалаһын губернаторын солбуйааччы Сергей Гуляев Саха сирин олохтоохторугар өйөбүллэрин иһин махтанна. Тэрээһиннэргэ пуорум кыттыылаахтарын итиэн­­нэ уопсастыбаннас бэрэс­­тэбиитэллэрин, ол курдук «Офицеры России» уонна да атын структуралар этиилэрин иһиттилэр, фашизмы утары охсуһууга сомоҕолоһуу суолтатын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.

Пуорумҥа ыччаты патриот­туу иитиини күүһүрдэргэ, историческай өйдөбүлү харыстыыр­га уонна идеологическай кутталлары утары охсуһарга эттилэр.

Түмүк таҕыста

Онон, пуорум Саха сирин олохтоохторугар фашизмы утары охсуһууга уонна пат­­риотизмы бөҕөргөтүүгэ улахан суолталаах түгэнинэн буол­ла. Фашизмы утары үлэҕэ саҥа көҕүлээһиннэргэ олук уурулунна, ол туоһутунан резолюция ылыллыыта буолла.

Саҥа докумуоҥҥа  пуорум кыттыылаахтара анал байыаннай дьайыы бара турарынан, Үрдүкү Главнокомандующайы, Аармыйаны уонна Флоту өйүүр наадалааҕын тоһоҕолоон бэ­­лиэтээтилэр уонна “Кыайыы туһугар бииргэ!” хамыыһыйа тула түмсэргэ быһаардылар. Пуорум саҥа докумуо­нугар ыйыллыбытынан, 2025 сылга “Кыайыы – мин сүрэхпэр!”  улахан суолталаах тэрээһин ыытыллара былааннанар. Ол чэрчитинэн, патриотическай иитиигэ уонна дойду устуоруйа­тын үөрэтии­гэ туһуламмыт бэтэрээннэр, ыччаттар уонна волонтердар кыттыы­лаах хас биирдии куоракка, улуус­ка уонна нэһи­лиэккэ социальнай суолталаах 80 тэрээһини ыытыллыахтаах.

+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: