Саха Өрөспүүбүлүкэтэ I Национальнай бириэмийэ лауреата буолла

Share

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ  «Лучший регион по внедрению практик комплексного городского планирования» диэн номинацияҕа «Куорат тупсаҕай эйгэтин тэрийии» бырайыак чэрчитинэн I Национальнай бириэмийэ лауреата  буолла.

Куорат тупсаҕай эйгэтин тэрийиигэ аан бастакы Национальнай бириэмийэ лауреаттарын быһаарыы сиэрэ-туома Калуга куоракка атырдьах ыйын 25 күнүгэр буолан ааста. Ол курдук, Саха сирэ Арассыыйа биэс бастыҥ эрэгийиэнин ахсааныгар киирдэ. Өрөспүүбүлүкэ куорат эйгэтин сайыннарыы бырагырааматын ситиһиилээхтик олоххо киллэрэн уонна куорат тутуутугар аныгылыы ньымалары туһунан бастҥынар ахсааныгар бэлиэтэннэ. Тэрээһин «Кыра куораттары уонна историческай поселениелары сайыннарыы» Бүтүн Арассыыйатааҕы пуорум чэрчитинэн ыытылынна. Кыайыылаахтары уонна призердары уобаластааҕы драматическай тыйаатырын сыанатыгар чиэстээтилэр.

«Бу Кыайыы сүнньүнэн эрэгийиэн уратытын, нэһилиэнньэ наадыйыытын уонна сайдар кэскилин учуоттуур куораттар сайдыыларын стратегияларын ырытан оҥорууга уонна олоххо киллэриигэ бастыҥын көрдөрдө. Ону тэҥэ былааннааһын хаамыытыгар олохтоохтору көхтөөхтүк тардан, санааларын, этиилэрин учуоттаан куорат сайдыытыгар сөптөөх быһаарыылары ылынар. Дойду ТОП-5 бастыҥ эрэгийиэннэрин ортолоругар киирии — бу куораттааҕы былааннааһын быраактыкатын олоххо киллэриигэ биһиги үлэбитин билиниитин уонна сөптөөх суолга тирэҕирэн үлэлиирин бигэргэтэр. Биһиги бырагыраамабытын уонна көҕүлээһиммитин салгыы сайыннарыахпыт, Саха сирин олоҕор өссө тупсаҕай көстүүлээх  эрэгийиэнин оҥоруохпут, — диэн СӨ кылаабынай архитектора Любов Папок иһитиннэрдэ. РФ Тутуу министиэристибэтэ 30-тан тахса киритэрийгэ олоҕуран бырайыак лидердэрин быһаарда. Номинация лауреаттарынан Саха сирэ, Татарстан, Москва, Тульскай уонна Липецкай уобаластар буоллулар. Номинация кыайыылааҕынан Москва уобалаһа ааттанна.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

12 часов ago