Салгыы
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Аҕа күнүнэн истиҥ эҕэрдэ!

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Аҕа күнүнэн истиҥ эҕэрдэ!

Ааптар:
07.04.2024, 13:19
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев ыйааҕынан олоххо киирбит Аҕа күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, бу бэлиэ күнү муус устар бастакы өрөбүлүгэр үбүлүөйдээх 25 төгүлүн бэлиэтиибит. 

Михаил Ефимович муударай уонна ырааҕы өтө көрөр быһаарыыта күн бүгүҥҥэ диэри дьиэ кэргэн, аҕа уонна ийэ боппуруостарыгар уопсастыбаннаһы тардар, дьиэ кэргэн олоҕор аҕа оруолун билиниинэн буолар. Былыр-былыргыттан биһиги норуоппут аҕаны дьиэ кэргэн баһылыгынан билинэр. Аҕа дьиэ кэргэнин интэриэһин көрөн быһаарыыны ылынар, толкуйу тобулар. Аҕа холобур буолар диэн норуот этэр. Биһиги дириҥ өйдөөх өбүгэлэрбит дьиэ кэргэн үгэстэрин уонна элбэх оҕолонууну өрө туталлара, сыаналыыллара. Биһиги, Саха сиригэр олорор дьон-сэргэ, утумнааччылар, эдэр көлүөнэ, өбүгэлэрбит үгэстэрин салгыыбыт, элбэх оҕолонууну өрө тутабыт, сыаналыыбыт, кинилэргэ сүгүрүйэбит. Манна эһиги болҕомтоҕутугар туһаайан эттэхпинэ, Саха сиригэр 300 тыһ. дьиэ кэргэнтэн 34 тыһ. ыала элбэх оҕолоохтор. Мин биэс оҕо аҕатабын. Биһиги, аҕалар, бэйэбит тус холобурбутунан Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууну, ийэҕэ, төрөөбүт дойдуга тапталы уонна аҕа саастаах көлүөнэҕэ ытыктабылы иҥэриэхтээхпит.

Аҕалар лигаларыгар 1000-нан аҕалар түмсүүлэрэ киирэллэр. Бу 45 тыһ.тахса аҕа түмсэр түһүлгэтинэн буолар. Биһиги дьиэ кэргэн үгэһин, чөл олоҕу тарҕатыыга, аҕа оруолун үрдэтиигэ, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй, култуурунай-социальнай олоҕор көхтөөхтүк кыттабыт. Биһиги, Саха сирин дьоно,  Арассыыйаҕа бастакынан  Аҕа күнүн, Булчут күнүн, Уол оҕо күнүн олохтообуппут.

Чуолаан биһиги, Саха сирин аҕалара бука бары, Арассыыйаҕа Аҕалар күннэрэ олохтонорун ситистибит. Хас сыл ахсын улуустарга Аҕа сыла биллэриллэр. 2024 сылга Аҕа сыла өрөспүүбүлүкэ биэс нэһилиэгэр:  Ньурбаҕа Таркаайыга, Сунтаар улууһугар Уһун Күөлгэ, Мэҥэ Хаҥаласка Бэдьимэҕэ, Кэбээйигэ Сииттэҕэ, Таатта улууһугар Туора Күөлгэ, ону таһынан Усуйаана уонна Уус Алдан улуустарыгар биллэрилиннэ.

Биһиги көҕүлээһиммитинэн, РФ Судаарыстыбаннай Дуумата мунньахха дьиэ кэргэн, дьахталлар уонна оҕо аймах боппуруостарыгар кэмитиэтин  дьиэ кэргэн, аҕа, ийэ уонна оҕо аймах боппуруостарын кэмитиэккэ уларытарга быһаарыы ылыммыта. 2023  сыллаахха ахсынньыга Аҕалар лигаларын ааттарыттан  РФ Бэрэсидьиэнэ В.Путиҥҥа дьиэ кэргэн уонна демографическай бэлиитикэ министиэристибэтин тэрийэр туһунан этии киллэрбиппит. Биһиэхэ өйөбүлүн иһин СӨ Ил Дарханыгар Айсен Сергеевич Николаевка махтанабын. Дьиэ кэргэн сыла саҕаланыытыгар РФ Бэрэсидьиэнэ  В.Путин: «Саха сирэ биир бастакынан дьиэ кэргэни өйүүр эрэгийиэннээҕи эбии дьаһаллары олоххо киллэрэн саҕалаабыта», — диэн бэлиэтээбитэ.

Арассыыйа эрэгийиэннэринэн күүстээх, оттон эрэгийиэннэргэ күүстээх Арассыыйа наада. Бөҕө, бигэ олохтоох дьиэ кэргэттэр баар буоланнар судаарыстыба сайдар! Аҕа бигэ туруктаах, дьоһун олохтоох дьиэ кэргэн сүрүнэ, оттон дьиэ кэргэн күүстээх судаарыстыба төрүтэ!

«Саха Өрөспүүбүлүкэтин Аҕаларын лигата» уопсастыбаннай түмсүү уонна тус бэйэм ааппыттан аҕа диэн киэн туттар үрдүк ааты сүгэр аҕалары, эр дьону Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Аҕа күнүнэн эҕэрдэлиибин!  Барыгытыгар ситиһиилэри баҕарабын. Хас биирдиигит ситиһиитэ дойдубут ситиһиитигэр суолталаах.

«СӨ Аҕалар лигалара» түмсүү бэрэссэдээтэлэ Айхал Габышев

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 сентября
  • 5°C
  • Ощущается: 1°Влажность: 65% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: