Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы баараҕай тутуулара

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы баараҕай тутуулара

Ааптар:
26.09.2022, 16:41
Бөлөххө киир:

Тоҕо эбитэ буолла, ол эрэн, судаарыстыбыннас сайдыытын олук кэмнэрэ куруутун “улуу тутуулары” кытта дьүөрэлэһэр эбиттэр. Пирамидалар, араас таҥаралар храмнара, дойдуну силбиир суоллар сүүнэ улахан флотилиялар уонна да атын улахан сыраны эрэйэр тутуулар ханнык эрэ дойду биир саамай тыҥааһыннаах кэмигэр саҕаланаллар. Саха сирин судаарыстыбыннаһын муҥутуур сайдыбыт чыпчаалыгар – 90-с сыллар устата өрөспүүбүлүкэ бэрт элбэх улахан суолталаах тутуулара дьэндэспиттэрэ. Сорохторун туһунан бу ыстатыйаҕа өйдөөн ааһыаҕыҥ.

Мэдиссиинэ киинэ ( Өрөспүүбүлүкэ №1 Балыыһата)

Бу киин балыыһа тутуута үгүс дьон өйүгэр 90-с сыллары бэлиэтиир тутуу курдук хаалбыта саарбаҕа суох. Оччолорго омук сириттэн кэлбит тутааччылар эриэккэс этилэр, буолаары буолан туспа тутуллубут дьоҕус “дэриэбинэҕэ” олорон тас дойдуттан киирбит омук тутааччылара. Дьиҥэр бу комплекс тутуута өссө сэбиэскэй кэмнэргэ саҕаламмыта. 1989 сыллаахха клинико-диагностическай киин тутуута саҕаламмыта. Онтон 1992 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев “Ийэ уонна оҕо саас көмүскэлин киинэ” (ЦОМиД) тутуутун саҕалааһын туһунан докумуоҥҥа илии баттаабыта. Швейцарияҕа тэриллибит “Мабетекс” хампаанньа Арассыыйаҕа тарбахха баттанар аныгы тутуулаах доруобуйа харыстабылын киинин тутуутун саҕалаабыта. Бу дьаһал түмүгүнэн Саха сиригэр аан дойду бастыҥ таһымыгар эппиэттиир балыыһа тутуллубута, олоҕу быыһыыр уустук эппэрээссийэлэри оҥоруохха сөптөөх киин баар буолбута.

 

“Кыайыы 50 сыла” успуорт дыбарыаһа

1995 сыл – Улуу кыайыы үйэ аҥаардаах үбүлүөйүгэр Дьокуускайга “Успуорт дыбарыаһа” диэн ааттаммыт тутуу эбийиэгэ түмүктэнэр. Өссө сэбиэскэй кэмнэртэн кэлбит үгэһинэн бэлиэ даатаҕа сигэнэн “Кыайыы 50 сыла” диэн ааты иҥэрэллэр. 48 х 24 миэтирэ иэннээх оччолорго чугаһынан суох сүүнэ улахан саалалаах, 500 олорор сирдээх, 600 миэстэлээх хамсыыр түрүбүнэлэрдээх дьиэ өр сылларга Саха сирин успуорду тэрийиигэ бастыҥ сирэ-уота буолар. Дыбарыас сүрүн хайысхатынан куорат уонна өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин иһигэр маассабай успорт көрүҥнэрин сайыннарыы уонна эдэр ыччаты чэбдигирдии буолар. Күрэхтэһиилэри таһынан араас улахан бэстибээллэр бу дьиэҕэ ыытыллаллар. Өрөспүүбүлүкэ биир саамай биллэр тэрээһинэ – “Табык” этно-рок бэстибээл хас да сыл бу дьиэҕэ ыытыллыбыта.

“Туймаада” стадион

12 800 киллэрэр кыахтаах “Туймаада” стадион 1996 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. Ити кэмҥэ Уһук Илин үрдүнэн саамай улахан стадион буолбута. Илиҥҥи түрүбүнэлэр анныларыгар чэпчэки атлетиканан дьарыктанарга анллаах манеж тутуллубута. Бу тутуу Бастакы “Азия оҕолорун” оонньууларыгар анаммыт сүүнэ тутуулартан биирдэстэрэ буолбута. Күн бүгүҥҥэ диэри үрдүкү таһымнаах успуорт оонньууларын арыйар сиэр-туом үгэс быһыытынан бу стадиоҥҥа ыытыллар, улахан күрэхтэһиилэр, кэнсиэрдэр, атын тэрээһиннэр ыытыллаллар.

 

“Эллэй Боотур” муус дыбарыаһа

Бу эмиэ 1996 сыллаахха  Бастакы “Азия оҕолорун” оонньууларыгар ананан тутуллубут эбийиэк. 800 миэстэлээх бүрүллүбүт хаҥкылыыр сир Арассыыйаҕа ирбэт тоҥ үрдүгэр бастакытын тутуллубута. Бырайыактааһыҥҥа саха архитектордара улахан кылааттарын киллэрбиттэрэ, ол кэмҥэ сабыс-саҥа тутуу ньымалара туругутуллан бу эбийиэги тутууга туттуллубуттара. Холобур, бу дыбарыаһы канадскай технологияны туһанан салыгынан ититии ньымата туһаныллыбыта. Дыбарыаска оҕолор хоккейга хамаандалара тэриллэн дьарыктарын саҕалаабыттара, фигурнай хаҥкылааһыҥҥа үөрэх саҕаламмыта. Уопсайынан араас мууска ыытыллар успуорт көрүҥнэригэр Саха сирин оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үөрэтэр олус туһалаах сир буолбута.

Саха тыйаатыра

1999 сыллаахха Орджоникидзе болуоссатыгар Былатыан Ойуунускай аатын сүгэр Саха тыйаатырын саҥа дьиэтин түмүктээн ОАО РПИИ «Якутпроект” туттарар. Дьиэ бырайыагын ааптара Д. Саввинов тыйаатыры аныгылыы моһуоннаах, киһи хараҕар тута быраҕыллар гына оҥорон таһаарар. Ити курдук 75 сылын туолбут Саха тыйаатыра маҥнайгытын бэйэтэ бас билэр сыаналанар. Сөп түбэспитэ оннук буоллаҕа, 1999 сылга Андрей Борисов “Илиир хоруол” туруоруута Арассыыйа судаарыстыбыннай бириэмийэтин тутар, оттон саҥа дьиэҕэ бастакынан эрэпэтииссийэлэммит «Кыыс Дэбилийэ» испиэктээк 2002 сылга дойду бастыҥ театральнай наҕараадатын “Кыһыл көмүс маасканы” олус баҕалаах “Тыйаатыр кириитиктэрин бирииһэ” номинцияҕа сүүйэр.  400 олорор миэстэлээх, икки сыаналаах Саха тыйаатыр дьиэтэ күн бүгүн Саха сирин култууратын биир сүрүн киининэн буолар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: