Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев дьиэ кэргэнэ тиһэх суолугар атаарыы кутурҕаннаах күннэригэр өйөбүл иһин махталын биллэрэр

Share

Биһиги Саха Өрөспүү­бүлүкэбит күндү олохтоохторо, Арассыыйа уонна аан дойду  араас куораттарыттан  уонна эрэгийиэннэриттэн  ытыктабыллаах кэллиэгэлэр, соратник­тар,  доҕотторбут,  чугас дьоннорбут!

Кэргэним, күндү аҕабыт, эһээбит, хос эһээбит  Михаил Ефимович Николаевы тиһэх суолугар атаарыы кутурҕаннаах күннэригэр биһиги ыар сүтүкпүтүн бииргэ үл­­лэстибиккитигэр  барҕа махталбытын  биллэрэбит. Биһиги туспутугар ыар кэмнэргэ норуот сүҥкэн өйөбүлүн,  бэйэтин Бастакы Бэрэсидьиэнигэр  истиҥ тапталын, дириҥ ытыктабылын биллибит. Кутурҕаннаах күннэр устата дьон  сибэкки дьөрбөлөөх, тохтоло суох кэлэн бырастыыласта.

Биһиэхэ, дьиэ кэргэнигэр, Михаил Ефимович мэлдьи тапталынан угуттуур, болҕомтолоох күндү киһибит – тапталлаах кэргэн уонна аҕа, саамай кыһамньылаах эһээ итиэннэ хос эһээ,  өйөбүл-тирэх этэ. Биһигини суобастаах буоларга, хаһан да таҥнарбат уонна кэхтибэт буоларга үөрэппитэ. Аҕа быһыытынан  аһара кытаанах төрөппүт  буолбатах этэ эрээри,  биһиги хаһан баҕарар тылбытыгар хайаан да туруохтаахпытын өйдүүрбүт. Үлэтин суола саҕаланыаҕыттан, кинини ханна ыыталларынан бииргэ батыһа сылдьыбыппыт. Дьиэ кэргэнэ киниэхэ эрэллээх тыылынан, өйөбүлүнэн-тирэҕинэн  буоларын  билэрэ,  ол да иһин   төрөөбүт дойдутугар, норуотугар  толору күүһүнэн-кыаҕынан сулууспалыыр кыахтааҕа.

Эһиги өйөбүлгүт биһигини улаханнык долгутта.  Ыар сүтүкпүт аһыытын үллэстибиккитигэр,  күндү киһибитин  үрдүктүк чиэстээн тиһэх суолугар атаарбыккытыгар махтал-баһыыба  тылларын этэбит. Ураты махталбытын ис сүрэҕиттэн кыттан, биһиги дьиэ кэргэни өйөөбүт, тиһэх суолугар атаарыы тэрээһининэн тус бэйэтинэн дьарыктаммыт  Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханыгар Айсен Сергеевич Николаевка уонна кини кэргэнигэр Людмила Валерьевнаҕа тириэрдиэхпитин баҕарабыт.  Саха Өрөспүүбүлүкэтин  Бастакы Бэрэсидьиэнэ  дьоһуннук тиһэх суолугар атаарыллыбытыгар, элбэх ахсаан­наах дьон-норуот  кини сырдык кэриэһигэр сүгүрүйэр, бырас­тыылаһар кыахтаммытыгар  Айсен Сергеевичкэ махтанабыт.

Арассыыйа Федерациятын үрдүкү салалтатыттан, ол иһигэр  Арассыыйа Федерациятын бэрэсидьиэнэ Владимир Влади­мирович Путин, Арас­сыыйа Федерациятын Быра­быы­талыстыбатын бэрэс­­сэдээтэлэ Михаил Владимирович Мишустин, Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбатын бэ­­рэссэдээтэлин солбуйааччы – Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка  Арассыыйа Федерациятын  бэрэсидьиэнин  боломуочуйалаах бэрэстэбии­тэлэ Юрий Петрович Трутнев,  РФ Федеральнай Мунньаҕын  Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ  Валентина Ивановна Матвиенко,  Москва уонна Бүттүүн Русь Патриарха Кирилл, дойду эрэгийиэннэрин сала­йааччылара, онтон да үгүс атыттар  дириҥ кутурҕаннарын биллэриилэрин иһин махтанабыт.

Саха сирин норуотугар ту­­һаайыллыбыт  өйөбүл тыллар,  Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнин билэр, үрдүктүк сыаналыыр уонна ытыктыыр аан дойду араас дойдуларыттан салгыы кэлэллэр. Биһиги Саха Өрөс­пүүбү­лүкэтин Судаарыс­тыбан­най  Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэс­сэдээтэлэ Алексей Ильич Еремеевкэ,  Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээ­тэлэ  Андрей Владимирович Тарасенкоҕа махталбытын тириэрдэбит.

Арассыыйа  Федерациятын бэрэсидьиэнигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин  баста­йааннай бэрэстэбиитэлэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Андрей Сандаминович Федотовка  уонна Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ кэлэктиибигэр  Москва куоракка кутурҕаннаах тиһэх суолугар атаарыы тэрээһинин ыыппыттарыгар махтанабыт.

“Дьокуускай куорат” куораттааҕы уокурук  баһылыга Евгений Николаевич Григорьевка  ис сүрэхтэн баһыыбалыыбыт. Дьокуускай уонна Ленскэй  Архиепискоба Ромаҥҥа  барҕа махтал тылларын этэбит. Хаҥалас улууһун баһылыга Олег Валериевич Иринеевкэ, ааспыт сыллардааҕы улуус баһылыктарыгар Афанасий Семенович Владимировка, Гаврил Юрьевич Алексеевка, Юрий Николаевич Зайцевка, Өктөм нэһилиэгин баһылыга Александр Николаевич Большаковка, Өктөм нэһилиэгин баһылыгын солбу­йааччы Акулина Иннокентьевна Максимоваҕа,    II Дьөппөн нэһилиэгин баһылыга Александр Николаевич Константиновка уонна Михаил Ефимович  бары биир дойдулаахтарыгар  төрөөбүт Өктөмүн нэһилиэгэр Чапаево сэлиэнньэҕэ  көмүллүүнү тэрийии иһин махтанабыт. Михаил Ефимовиһы эмтээбит быраастарга,  ордук чуолаан Нюргуна Васильевна Протодьяконоваҕа истиҥ махталбытын этэбит. Дьиэ кэргэн аатыттан Афанасий Васильевич Мигалкиҥҥа,  Афанасий Иванович Ноевка, Юрий Иванович Семеновка, Сергей Валентинович Поповка, Николай  Андреевич Барамыгиҥҥа ис сүрэхпититтэн махтанабыт. Бу күннэргэ биһиги дьиэ кэргэҥҥэ көмөлөспүттэри  барыларын  ааттыыр кыаллыбат. Биһиги Москваҕа, Дьокуус­кайга, Хаҥалас улууһугар, өрөспүүбүлүкэ атын да  сэ­­лиэнньэлэригэр, куораттарыгар быраһаайдаһыы тэрээһинигэр  үтүө тылынан ахтыбыттарга, санааларын үллэстибиттэргэ махтанабыт.

Кутурҕаннаах күннэрбитигэр биһигини өйөөбүккүтүгэр, көмөлөспүккүтүгэр, бэйэҕит Бастакы Бэрэсидьиэҥҥитин  тиһэх суолугар чиэстээн атаар­быккытыгар,  норуот бүттүүнүн истиҥ тапталын, ытыктабылын иһин ис сүрэхпититтэн махтанабыт. Нөрүөн нөргүйэбит. Эһиэхэ, хаан-уруу, чугас дьоҥҥутугар доруобуйаны баҕарабыт.

Ытыктабылы кытта  Николаевтар дьиэ кэргэттэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Юлия Белехова ХИФУ-га сырытта

Бүгүн, сэтинньи 28 күнүгэр, Хотугулуу- Илиҥҥи федеральнай университет учуонай Сэбиэтин саалатыгар РФ Аҕа дойдуну көмүскээччилэр…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Грипп утары быһыыны хаһан ылар табыллыбатый?

«Грипп утары быһыыны хаһан ылар табыллыбатый?», - диэн «Саха сирэ» саайт ааҕааччылара ыйыталлар. Бу ыйытыкка…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга Ийэ күнүгэр төрөөбүт оҕолору таһаардылар

Дьокуускайдааҕы килиньиичэскэй балыыһаҕа сэтинньи 24 күнүгэр, Арассыыйаҕа Ийэ күнүгэр, күн сирин көрбүт оҕолору таһаарыы үөрүүлээх…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арассыыйаҕа дьиэ кыылын ииримтийиитэ суоһуур дуо?

Бу күннэргэ кэккэ СМИ-нэн Омскай, Амур уобаластарын уонна Санкт-Петербург, Краснодар, Москва куораттарын олохтоохторо ииримтийбит ыттарга…

4 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хаҥаласка тэлэбииһэр уорбут 30 саастаах дьахтары туттулар

Хаҥалас улууһун олохтооҕо дьиэтин иһиттэн малын уорбуттарын туһунан полицияҕа тыллаабыт. Эмсэҕэлээччи эр киһи 30 000 солк.…

4 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Владимир Путин Казахстаҥҥа сырытта

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин сэтинньи 27-28 күннэригэр Казахстаҥҥа командировкаҕа баран кэллэ. Казахстан бэрэсидьиэнин Касым-Жомарт…

4 часа ago