Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Арассыыйа Бэчээтин күнүнэн эҕэрдэтэ
Бэчээт, сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр ытыктабыллаах үлэһиттэрэ, салаа бэтэрээннэрэ!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Арассыыйа Бэчээтин күнүнэн эҕэрдэлиибин!
1703 сыллаахха тохсунньу 13 күнүгэр “Ведомости” Арассыыйа бастакы хаһыата күн сирин көрбүтэ. Оттон 1991 сылтан бу күн эһиги идэлээх бырааһынньыккытын бэлиэтиигит. Ханна үлэлииргититэн тутулуга суох, эһигини биир түмэр – эһиги куруук устуоруйа ортотугар сылдьаҕыт. Эһиги үлэҕит дириҥ ытыктабылы уонна билиниини ылыан ылар, уопсай тупсаҕай олох туһугар сөҕүмэр ситиһиилэргэ сирдиир кыахтаах күүстээх уонна түмсүүлээх уопсастыбаны тэрийэргэ көмөлөһөр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ үгүс көрдөрүүлэринэн Арассыыйа Федерациятын эрэгийиэннэрин ортолоругар бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьар. Биһиги ситиһиилэрбит туһунан Саха сирин кытыы муннуктарыгар, дойдуга уонна аан дойдуга билэллэрэ – эһиги үтүөҕүт-өҥөҕүт. Эһиги оруннаах тылгытыттан-өскүтүттэн, сыанабылгытыттан, хорсуҥҥутуттан уонна үрдүк интэриэскититтэн иһитиннэрини биэрии тутулуктаах.
Аныгы иһитиннэрэр эйгэҕэ Саха сирин сонуннары киэҥник тарҕатар 205 сириэстибэлэр, ол иһигэр 61 хаһыат, 25 сурунаал, 90 ситиминэн таһаарыы, 6 теле-ханаал, 22 араадьыйа-ханаала бааллар. Кинилэртэн хас биирдиилэрэ сытыы боппуруостарынан бэйэтин кылаатын киллэрэр.
Бүгүн, дойду инники кэскилин туһугар туруулаһыы бара турар кэмигэр суруналыыстар эппиэтинэстээх уонна мөкүгэ эйэлэспэт буолуулара биһиги төрүт сыаннастарбытын туруулаһарга көмөлөһөллөр, кыайыыга эрэли саҕаллар. Инники кирбииттэн байыаннай кэрэспэдьиэннэр Саха сириттэн сылдьар дойдуну көмүскээччилэр хорсун быһыыларын уонна тулуурдарын, нэһилиэнньэ, тэрилтэлэр, урбаанньыттар Саха сирин араас муннуктарыттан биһиги байыастарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөрүн туһунан репортажтара, суруйуулара –бу барыта ыарахаттары туоруурга эрэли үөскэтэр, биһигини түмэр. Улуу Кыайыы 80 сылыгар өрөспүүбүлүкэбит уонна дойдубут туһугар олоҕу сайыннарар, патриотическай бырайыактары олоххо киллэриэххит диэн эрэнэбин.
Бу бэлиэ күҥҥэ эһиэхэ идэҕитин үрдүктүк баһылаабыккыт уонна түргэн-тарҕан буолуугут иһин махтанабын. Салаа бэтэрээннэригэр биһиги хотугу дойдубутугар суруналыыстыка уонна бэчээт дьыалатын сайдыытыгар дьоһун кылааккыт иһин дириҥник сүгүрүйэбин.
Күндү доҕоттор! Ис сүрэхпиттэн эһиэхэ айар үлэҕитигэр өрө көтөҕүллүүнү, саҥа, сонун идиэйэлэри олоххо киллэриини, чэгиэн доруобуйаны уонна күүһү-уоҕу, эйэни уонна үтүөнү, эһиэхэ уонна дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу-соргуну, нус-хас олоҕу баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: