Күндү Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Хомус күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Хомус саха норуотун кутун-сүрүн, төрүт култууратын иҥэриммит ытык малбыт. Хомуска оонньуур үгэспит үйэттэн үйэҕэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, бүгүҥҥү күҥҥэ талааннаах хомусчуттардаахпыт. Үгүс уус туох баар үтүө санаатын, сатабылын ууран хомуһу охсор. Ол да иһин биһиги хомус тыаһыгар сааскы үрүйэ тойугун, кыһыҥҥы буурҕа ырыатын, муус кырылыыр тыаһын, аар тайҕа алыптаах куолаһын уонна киэҥ нэлэмэн туундара сипсийэр саҥатын истэбит.
Бу күн, 1990 сыл сэтинньи 30 күнүгэр Дьокуускай куоракка энтузиастары, учуонайдары, уустары уонна толорооччулары түмэ тардар Аан дойдутааҕы хомус киинэ уонна түмэлэ арыллыбыта. Түмэл коллекциятыгар Аан дойду 57 норуотун икки тыһыынчаттан тахса хомуһа баар. Үйэлэри уҥуордаан кэлбит ытык малбытын өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, дойду тас өттүгэр киэҥник тарҕатарга улахан үлэ ыытыллар.
2024 сылга саха хомуһа Россия интеллектуальнай бас билиитин харыстанар эбийиэктэрин судаарыстыбаннай эридьиэһигэр киирбитэ. Географическай патент баар буолбута хомус уустарын үлэлэрин сымыйа оҥоһуктан араарылларынан эрэ буолбакка, биһиги хомуспутун өрөспүүбүлүкэ таһыгар билэр дьон ахсаанын элбэтиэҕэ. Ону таһынан, быйыл Сунтаар улууһугар Аан дойдутааҕы хомус киинин уонна түмэлин бастакы уопсастыбаннай филиала арыллынна.
Өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын гранын сириэстибэтигэр ыытыллар “Хомус куода” култуура-үөрэх тэрээһинэ” бырайыак баар буолан, өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар олорор оскуола оҕолоро хомус тардарга үөрэннилэр. 2024 сылга Олоҥхо ыһыаҕар “Хомус түһүлгэтэ” диэн туспа түһүлгэ бастакытын тутулунна. Манна үгүс толорооччу сатабылын, уран тарбахтаах уус ураты оҥоһуктарын көрдөрдүлэр.
Хомус күнүгэр анаммыт декада чэрчитинэн араас элбэх тэрээһин ыытыллар. Ол курдук, Лука Турнин истипиэндьийэтигэр эдэр педагогтар ортолоругар өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус, хомус тардааччылар быыстапкалара, кэнсиэрдэрэ, маастар-кылаастара, куонкурустара оҕону уонна ыччаты норуот үгэһигэр, култууратыгар сыһыарар сыаллаахтар. Быйыл үһүс сылын бастыҥ уустарга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын стипендиятын туттарабыт.
Хомуспут дьүрүһүйэр тыаһын кэрэтэ уонна хомуһуна күннээҕи олохпутугар үтүөнү аҕаллын, күүспүтүгэр күүс эбэн саҥа саҕахтары арыйарбытыгар төһүү буоллун.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев
Сунтаар -- Олоҥхо дойдутугар аны Олоҥхо балаҕана аһылынна. Наталья, Эдуард Эконовтар дьиэ кэргэттэрэ бу сайын…
Аныгы үйэҕэ оскуола саастаах оҕо кинигэни аахпата улахан кыһалҕаҕа кубулуйда. Баҕа өттүнэн оскуола таһынан ааҕар…
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 5 түбэлтэтэ тахсыбыта бэлитэннэ, бу дьыалаларынан бэрэбиэркэ ыытылынна уонна холуобунай…
Сыл аайы сэтинньи 30 күнүгэр Саха сиригэр Хомус күнэ бэлиэтэнэр. Чопчу бу күн 1990 сыллаахха…
Хомус күнүнэн саха хомуһун чинчийээччи, үөрэҕин тарҕатааччы, СӨ култууратын туйгуна Антонина Никитина уонна кини үөрэнээччитэ,…
Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа, киин улуустарга хаар түһүөҕэ диэн УГМС иһитиннэрэр. Түүн салгын…